Күһүҥҥү айылҕалыын алтыһан астынныбыт

Share

Балаҕан ыйын 28 күнүгэр  тириэньэрбит Владимир  Кривошапкин тэрийэн, тустууга сылдьар, дьарыктанар 12 уол  Чычымах Дьаамыгар похуоттуу баран кэллибит.

Похуоттуу сылдьан, биһиги аһаҕас халлаан анныгар астына  футболлаатыбыт, Амма эбэбитигэр  сибинэн балыктаан олус диэн үөрдүбүт-көттүбүт. Ким   төһөнү хаптарарыгар күрэхтэстибит.  Кулуһуҥҥа уот оттон, ол уотугар маршмеллоу уонна сосиска үтэн сиэтибит. Тугунуок хаптардыбыт, тугунуок диэни харахтарыгар  көрбөтөх сорох уолаттар тутан-хабан көрөн, хайдах балык буоларын биллилэр.

Халлаан хараҥарбытын кэннэ утуйар  миэстэбитин булунан,  оҥостон утуйбуппут. Сарсыарда 6 чааска уһуктубуппут, тула өттүбүт номнуо хаарынан бүрүллүбүт этэ. Соһуйуу бөҕө буоллубут. Онтон  аһаан-сиэн, кыратык хамсаныылаах оонньуулары  оонньоон, эти-хааны уһугуннаран баран, хомунан дьиэбитигэр төнүннүбүт.

Тус бэйэм хаһан да  итинник хонуктаах похуокка сылдьа илигим. Оҕолордуун хонон, похуоттаан кэлбиппиттэн олус астынным. Тириэньэрбитигэр  Владимир Владимировичка маннык хонордоох похуоту тэрийбитигэр, күһүҥҥү айылҕаны кытта алтыһыннарбытыгар, уол оҕо бу сааспытыгар тугу сатыыр буолуохтаахпытыгар үөрэппитигэр махтанабын!

Эрсан ХАЛЫЕВ,

Таатта, Харбалаах

What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

8 часов ago