Кылабыыһаны ыспыт эр киһи үс сылга көҥүлэ быһылынна
СӨ Үрдүкү суутунан урут сууттана сылдьыбыт 39 саастаах Мэҥэ Хаҥалас улууһун олохтооҕо буруйдааҕынан ааҕылынна. Буруйданааччы суут быһаарыытынан уопсай эрэһиимнээх холуонньаҕа 3 сылга көҥүлэ быһылынна.
Суут быһаарыытынан, былырыын ыам ыйыгар эр киһи доҕорун кытта итирик сылдьан Аммаҕа «Халбы» диэн кылабыыһаҕа тиийэн 10 киһи уҥуоҕун ыспыттар. Хара дьайыытынан өлбүттээхтэри ытыктаабаттарын уонна аймахтарыгар мөкү сыһыаннарын көрдөрбүттэр. Иккис эр киһи дьыалата атын дьыалаҕа тиһилиннэ.
Буруйдаахтар быһаарбыттарынан, күнүс эбиэт кэннэ кылабыыһаҕа тиийбиттэр. Киһи уҥуоҕар арыгы булан испиттэр. Ол кэннэ итирэн баран биир киһи уҥуоҕун көтүрэн арыгыны ылбыттар. Салгыы көмүллүбүт дьон пааматынньыктарын көтүрү тардан, алдьатан баран тиэрэ бырахпыттар. Бурудаах киһи итирик сылдьан хас да хаартысканы хайа тардыбытын өйдүүр уонна биир пааматынньыгы алдьаппыт. Ол кэнниттэн оскуолаҕа өрүү сынньар эр киһи иинин өйдөөн кэлэн, итирик туруктаах сылдьан иинин урусхаллаабыт. Түмүгэр киһи иинин үрдүгэр утуйбут.
СӨ Үрдүкү суутун аппеляционнай кэллиэгийэтэ дьыала матырыйаалларын үөрэтэн баран, бириигэбэри уларытыыта суох хаалларда, үҥсүүнү ылыммата. Бу туһунан Саха сирин сууттарын холбоһуктаах пресс-сулууспата суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: