Күн-дьыл туруга: тохсунньу 13 күнэ
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый?
Киин, илин, соҕуруулуу-илин улуустарга кыра хаардаах. Уус Маайа улууһугар сорох сиринэн хаар хойуутук түһүө. Киин, арҕаа улуустарга сорох сиринэн туманнаах буолуо. Илин, соҕуруулуу-илин , Өлүөнэ алын тардыытынан, арктика кытылынан сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м түргэннээх тыаллаах. Нерюнгри оройуонугар сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 15-20 м тыаллаах буолуо. Түүн -40-45°, арҕаа, Өлүөнэ алын тардыытынан -45-50°, Бүлүү бөлөх улуустарга уонна хотугулуу-арҕаа улуустарга -50-55°. Соҕуруулуу-илин -32-37°, сорох сиринэн -22-27°. Күнүс -33-38°, арҕаа, Өлүөнэ алын тардыытынан -41-46°, Бүлүү бөлөх улуустарга, хотугулуу-арҕаа -46-51°, соҕуруулуу-илин -28-33°, сорох сиринэн -18-23°.
Дьокуускайга күнүс -34-36°. Кыра хаардаах, түүн туманнаах, хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 2-7 м түргэннээх тыаллаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: