Күн-дьыл туруга: ыам ыйын 23 күнэ
23.05.2025, 08:30

СИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдах эбитий?
Хоту оройуоннарга кыралаан инчэҕэй хаар, күнүс өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-арҕаа, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр быстах ардах түһүө диэн күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр иһитиннэрэллэр. Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хоту өттүгэр сөкүүндэҕэ 9-14 м түргэннээх тыаллаах. Анаабырга, Булуҥҥа сөкүүндэҕэ 18-23 м тиийэ түргэннээх тыаллаах буолуо. Түүн +5+10°, соҕуруу, киин, хотугулуу-илин диэки халлаан дьайҕардаҕына -3,+2°, күнүс +17+22°, соҕуруулуу-арҕаа +22+27°, хоту +8+13°.
Дьокуускайга күнүс +19+21°. Сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт. Арҕааттан сөкүүндэҕэ 4-9 м түргэннээх тыаллаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: