Аска-үөлгэ сыһыаннаах сиэр-туом
12.11.2024, 17:03
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Аска-үөлгэ сыһыаннаах сиэри-туому төһө билэҕитий? Хаһан эмэ истибиккит дуо?
- Аһы үрэр аньыы. Ас амтана алдьанар.
- Уоран-көҥөнөн аһыыр аньыы. Уоран аһааччы ас амтанын билбэт, төһө да бэйэлээххэ топпот буолар.
- Аһыы олорон этиһэр аньыы.
- Аһаан баран тыыллаҥныыр аньыы. Абааһы махтанар.
- Алдьаммыт иһиккэ аһыыр куһаҕан. Кэхтии буолар.
- Оҕо ыһан аһыыр буоллаҕына, кини ымыылаах оҕо, элбэх атастаах-доҕордоох буолар.
- Эти, сонун аһы сииргэ оҕо боссонуллар. Оҕо дьону үтүктэн эмиэ күндүлүүр.
- Муҥхаҕа, улахан булка тигистэххэ, чугастааҕы ыалга ирээттииллэр. Ыалларынан түҥэтиллибит собону таһар улахан чиэс оҕо аймахха тиксэр. Кэһии туппут ыал махталын истэн оҕо үөрэр.
Саха ыалын халандаарыттан, 2015 с.
«Айар» кинигэ кыһата.
+1
10
+1
+1
+1
+1
1
+1
+1
2
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: