Кыраанынан сүүрэр ыраас ууттан тутулуктаах эбээт — олохпут!
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан национальнай бырайыактар үлэлээн, дьон-сэргэ олоҕун таһымын тупсараллар, сайдыыны түстүүллэр. Чуолаан, “Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыак дьон тупсаҕайдык уонна куораттыы олорорун үрдэтэринэн, атыылаһарыгар сөптөөх дьиэнэн хааччыйарынан ордук суолталанна.
Нацбырайыак пааспарын Арассыыйа тутууга министиэристибэтэ РФ Бэрэсидьиэнин 2018 с. ыам ыйын 7 күнүнээҕи “2024 сылга диэри кэмҥэ Арассыыйа Федерациятын национальнай сыалларын уонна стратегическай соруктарын сайыннарар туһунан” Ыйааҕын толорууга торумнаммыта. Уонна түөрт федеральнай бырайыактан турар: “Ипэтиэкэ”, “Дьиэ-уот”, “Куорат тупсаҕай олоҕун оҥоруу”, “Олорорго сөбө суох дьиэ-уот пуондатын олоччу аччатыыны хааччыйыы”.
Ыраас уунан төһө киһи хааччылынна?
“Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыагы дьон сэргиир буолла. Бу бырайыак 7,5 тыһыынча куораты уонна муниципалитеты хабыаҕа диэн эппиттэрэ.
2021 сыл тохсунньу 1 күнүттэн “Экология” нацбырайыагыттан бэриллибит “Ыраас уу” федеральнай бэһис бырайыагынан эбиллэн биэрбитэ.
Саха сирэ эмиэ бу бырайыактартан туора турбат. Бу бырагыраама көмөтүнэн 2019 сылтан Саха сиригэр ууну ыраастыыр икки тутууну туттулар уона саҥардан оҥордулар. Ол курдук, Өлүөхүмэ куоратыгар уунан хааччыйыы ситимин бастакы түһүмэҕэ уонна Хаҥалас улууһугар Покровскай куоракка ууну ыраастыыр ыстаансыйа тутулунна. Ону тэҥэ сэлиэнньэлэргэ уунан хааччыйар ситим икки эбийиэгин — Үөһээ Бүлүү сэл. “НС‑2” носуос ыстаансыйалаах сылы эргиччи уунан хааччыйар кольцевой ситим уонна Андреевскай сэл. «НС‑3» носуос ыстаансыйалаах уунан хааччыйар ситим тутулунна.
Ол түмүгэр ыраас уунан 30 тыһ. олохтооҕу хааччыйдылар.
Бүгүҥҥү туругунан, уунан хааччыйар 3‑с эбийиэк быйыл киириэхтээх. Холобура, Амма сэл. уунан хааччыйар ситими тутуу бастакы түһүмэҕэ 69,21% бэлэм буолбут. Сунтаар уонна Бэрдьигэстээх сэлиэнньэлэригэр маннык ситимнэр бэлэм буолан эрэллэрин туһунан өрөспүүбүлүкэ туһааннаах
министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Эһиил 2024 с. 4 эбийиэги үлэҕэ киллэриэхтэрэ. Ол курдук, Хаҥалас улууһун Бэстээх, Амма улууһун Алтан сэлиэнньэлэригэр, Дьааҥы оройуонун Баатаҕай бөһүөлэгэр үлэҕэ киириэхтэрэ. Өлүөхүмэ куоратыгар водозабор тута сылдьаллар (бэлэм буолуута — 74,87 %), иккис түһүмэҕэ бара турар.
Покровскайга водозаборнай ыстаансыйа 1961 с. эргэ тутуу. Онон мэхэньиичэскэй ньыманан ыраастанара уонна хлорданара. Быһата, эргэ ситим уу хаачыстыбатын тупсарар кыаҕа суоҕа, ордук сааскы халаан кэмигэр. Ол иһин “Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ” нацбырайыагынан 2020 сылтан 2021 сылга диэри “Ыраас уу эрэгийиэннээҕи бырагырааманан ууну ыраастыыр ыстаансыйа тутуута саҕаламмыта.
Покровскайга ыраастаммыт ууну былырыын бэс ыйын 28 күнүгэр уу ситиминэн ыыппыттара. Онон кырааннарга ыраас уу кэлэн, нэһилиэнньэ үөрүүтэ муҥура суох. Бу ыстаансыйа сууккаҕа 2200 кубическай миэтэрэ ууну хачайдыыр. Үлэлээбит кэмин устата олохтоохтор уу хаачыстыбата тупсубутун бэлиэтииллэр.
Сааскы халаан кэмигэр уу киртийбитэ биллибэтэҕэ. Ол курдук, органолептическэй көрдөрүүлэр СанПиН ирдэбиллэригэр сөп түбэһэрэ быһаарыллыбыта. Онон “Ыраас уу” бырайыак дьон доруобуйатын харыстабылыгар туһалаах эбит.
Маны сэргэ “СӨ ОДьКХ “ГУП инвестиционнай бырагырааманан 2019–2023 сс. Уус Алдан улууһун Бороҕонугар “Восток” уонна “МСШ‑2” ньиэп хочуолунайдарын ороскуотун аччатаары “Восток‑1” механизациялаах саҥа кыбартаалынай хочуолунайы үлэҕэ киллэрбит. Онуоха бэдэрээтчит “Инженерные сети Проект” ХЭУо бэркэ үлэлээбит.
Дьиэ өрөмүөннэнэр — үйэтэ уһуур
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биэс сыл устата 919 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна. 2019 сылга 13 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа өрөмүөн барбыта: Нерюнгри к., Дьокуускай к., Жатай бөһ., Булуҥ, Үөһээ Бүлүү, Үөһээ Халыма, Бүлүү, Кэбээйи, Ленскэй, Мииринэй, Ньурба, Өймөкөөн, Хаҥалас оройуоннарыгар. 2020 сылга 15 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри өрөмүөннээбиттэр.
Былырыын хапытаалынай өрөмүөн 13 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа ыытыллыбыт буоллаҕына, 2023 сылга эмиэ 13 сиргэ өрөмүөннэммит: Нерюнгри к., Дьокуускай к., Жатай бөһ., Алдан, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Ленскэй, Мииринэй, Аллараа Халыма, Ньурба, Томпо, Уус Маайа, Хаҥалас, Өймөкөөн.
Бастыҥ холобурдары ааттыаҕы баҕарыллар. Ол курдук, Дьокуускайга Хабаров уулусса 27/3 дьиэтин өрөмүөнэ болдьоҕун иннинэ түмүктэммитэ. Ол курдук, бу 1975 с. тутуллубут бөдөҥ панеллаах дьиэ тас өттүн (фасадын) уонна үрдүн оҥордулар. Бэдэрээтчит Багардынов А. П. салалтатынан дьиэ панелларын икки ардыларынаҕы сиигин халыҥаттылар, дьон уопсай туһанар сиригэр түннүктэрин уларыттылар, истиэнэлэри кырааскалаатылар уо. д.а.
Дьокуускайга Чернышевскай уулуссатыгар хапытаалынай өрөмүөн түмүктэннэ. Сэргэстэһэ турар икки дьиэ 1974 с. тутуулар, үйэ аҥаарын устата биирдэ даҕаны өрөмүөн ыытыллыбатах.
Быйыл Чернышевскай уул. 8 дьиэтигэр өрөмүөн кэмигэр панеллар икки ардыларынааҕы сииги халыҥаттылар, киирэр кирилиэһи өрөмүөннээтилэр, түннүктэрин уларыттылар. Бу дьиэлэри “Якутская газовая компания” ХЭУо өрөмүөннээбит.
Нерюнгри оройуонун Золотинка бөһүөлэгэр элбэх кыбартыыралаах үс дьиэҕэ хапытаалынай өрөмүөн толоруллубут.
Былырыын 600‑чэ киһи олорор Золотинка төрүттэммитэ 45 сылын бэлиэтээбитэ. Манна Железнодорожнай уулуссаҕа үс дьиэ өрөмүөннэммитэ — кыра бөһүөлэккэ үчүгэй хамсааһын. Хапытаалынай өрөмүөнү былырыын саҕалаабыттара. Ол курдук, кырыыһатын уонна тымныы, итии уу сүүрэр ситимин өрөмүөннээбиттэр. Быйыл уот ситимигэр үлэлээтилэр уонна тас өттүн кырааскалаатылар.
Онон дойдубут Бэрэсидьиэнэ В. В. Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактара тыйыс усулуобуйалаах Саха сирин олохтоохторугар нус-хас, быр-бааччы олоҕу хааччыйыахтара.
Виктория Выходцева, Золотинка бөһүөлэгин Дьокутааттарын сэбиэтин дьокутаата:
— Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэрбитин хапытаалынайдык өрөмүөннээбиттэрин иһин “Саха сирэ” хаһыат нөҥүө махталбытын биллэрэбит: Нерюнгри оройуонун баһылыгар Роман Щегельнякка, “Нерюнгри оройуонун” дьаһалтатын баһылыгын ОДьКХ солбуйааччытыгар Анна Лысенкоҕа, хапытаалынай өрөмүөн пуондатын генеральнай дириэктэригэр Владимир Иониҥҥа, бэдэрээтчит тэрилтэ — “Информбытсервис” ЗАУо генеральнай дириэктэригэр Тадай Кользеновка, “Информбытсервис” САУо инженеригэр Иббадов Заур Васиф-Оглыга, пуонда сүрүн инженеригэр Эдуард Петровка истиҥник олохтоохтор ааттарыттан махтанабыт. Ону тэҥэ суббэдэрээтчиттэр эмиэ үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрин бэлиэтиибит уонна махталбытын тиэрдэбит. Урукку баһылыкпыт Вита Ивановна Ткаченко хапытаалынай өрөмүөн пуондатын кытта ыкса үлэлээбитин умнубаппыт.
Анатолий Алексеев, “СӨ ОДьКХ” ГУП Уус Алданнааҕы филиалын кылаабынай инженерэ:
— “Восток‑1” хочуолунай ньиэптэн чоххо көһүүгэ анаан оҥоһуллубута. Ону тэҥэ Бороҕоҥҥо 420 миэстэлээх оскуола тутуллан киириитигэр сөп түбэһиннэриллибитэ. Бу хочуолунайбыт таас чоҕунан оттуллар эрээри, барыта кунуопка көмөтүнэн толоруллар, быһата барыта толору автоматизацияламмыта. Онон үлэһиттэргэ олус чэпчэки буолла.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: