Кыратык күлэ түһүөххэ…

Кыратык күлэ түһүөххэ…

16.01.2025, 19:30
Хаартыска: А.Хабарова тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Биһиги эрэллээх ааҕааччыбыт Августина Семеновна Хабарова-Владимирова  “Саха сирэ” хаһыат ааҕааччыларын Эргэ Саҥа дьылынан күлэ-үөрэ, сынньана түһэргэ көрдөөх хоһооннорун ыытар.

Арай аптаах буолларбын

   ( Норуот матыыбыгар көрдөөх ырыа)

Арай аптаах буолларбын

Уон сэттэбэр түстэрбин,

Оччолорго таптаабыт

Эрийиэм этэ уолчааммын.

Хааман иһэр суолуттан

Кыбыстаммын туоруурум,

Дьиэ муннугар саһаммын

Уоран көрөн турарым.

Кыргыттарга манньыйа

Кэпсэтэрин, күлсэрин,

Ыбылы күүскэ күнүүлээн

Абабыттан ытыырым.

Уһун хойуу суһуохтаах

Суурка кыыһы сырсара,

Бэйэм курдук ол кыыһа

Кистээн атыны таптыыра.

Ол быыһыгар мэҥийэн

Туонньускалыын бэртэрэ,

Ыйдаҥалаах киэһэҕэ

Уулуссанан хаамсара.

Харыйа симиир кэмнэргэ

Дуунньускалыын күннүүрэ,

Сорук Боллур оруола

Бу түгэҥҥэ барсара.

Ньургуһуннаах хонууга

Дьаарбайара Таанньалыын,

Онто баара иһигэр

Миисэ уолу сэргиирэ.

Элэккэйэ, сытыыта

Уҥуоҕунан үрдүгэ,

Бэйэ Уола аатыран

Хайҕал бөҕө буолара.

Арай аптаах буолларбын

Кини миигин таптаатын,

Оччолорго эрэйдэммит

Сорбун-муҥмун ылыннын!

Эрэл санаа

Түөрт уон биэспин туоларбар

Отон буолар кэмнэрбэр,

Эккэлээбит эрэттэр

Элиэтэһэр этилэр.

Биэс уон сааспар даҕаны

Эр киһиэхэ сирдэрбэт,

Хоп курдуктук сананан

Көөчүктэнэ оонньуурум.

Алта уонум кэнниттэн

Таптал соччо угуйбат,

Эр киһиэхэ манньыйа

Сүрэх отой долгуйбат.

«Таптал сааһы билиммэт

Тиийэн кэлиэ  соһуччу»,

Аҕыс уоннаах биир дьүөгэм

Уруутугар ыҥырбыт.

Сырдык, кэрэ ыралаах

Дьүөгэм күүстээх таптала,

Аҕыс уоммар диэритин

Эрэл баарын чиҥэттэ.

Улуу таптал

Миэхэ бүгүн сарсыарда

Кырдьа барбыт атаһым,

Ситим нөҥүө суруйан

Улуу тапталы эрэйбит.

Хайдах буолбут киһиний

Ойоҕо тугу көрөрүй,

Эрин тоҕо буойбатый

Сүүскэ саайан биэрбэтий?!

«Таптыыр буруй буоллаҕай

Сороххо ким да манньыйбат!»,

Сибиэтэбэр эппиппэр

Ордук санаан иэдэйдэ.

Харыс үрдээн олорон

Харда сурук суруйдум;

«Улуу тапталы биллэрбит

Ойоххор махтал буолуохтун!»

Пааркаҕа

«Кырдьан баран кырдалга

Кылыйа оонньуур элбээбит»,

Сииһит бэрдэ көрүҥнээх

Көтөх оҕонньор сэмэлиир.

«Онно тугуҥ кыһыйда

Эн да бааргын,  кылый ээ»,

Кыыс оҕолуу таҥныбыт

Саастаах дьахтар хардарда.

Оҕонньоро уордайда

Киҥэ-наара  хойунна,

Өһүргэһэ, ама дуу

Ойон киирдэ үҥкүүгэ.

Саастаах дьахтар иҥнибэт

Тэҥҥэ өрө ыстаныы,

Икки бэртии күөн көрсөр

Үҥкүүлэрэ күүһүрдэ.

Тула үөрүү, сэргээһин

Уҥуох тыаһа лаһырҕас,

Оҕонньордоох бии дьахтар

Битиилэрэ биһиргэс.

Өссө тэптэн үҥкүүлүөх

Хамсаныылаах дьахтары,

Кэлээскэҕэ олорор

Тойон эрэ ыҥырда.

Сөбүлээбэтэх быһыынан

Кынчарыйа кыйыттан,

Эриэн уктаах тайаҕынан

Түөскэ саайан куустарда.

Дьахтар холку соҕустук

Дьонтон сааппыт курдуктук,

Кэлээскэлээх эрин үтэн

Оргууй суолга таҕыста.

Сииһит, көтөх оҕонньор

Бии дьахтарга ымсыыра,

«Сарсын кэллэр» — диэбиттии

Хаалла паарка муннугар.

Августина Хабарова-Владимирова – СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Таммах” литературнай түмсүүтүн салайбыта. Кини үгэ-хоһооннору, көрдөөх кэпсээннэри табан суруйар уратылаах,  ити жанрга хас да кинигэ  ааптара. Элбэх айымньытын норуодунай тыйаатырдар туруорбуттара.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 января
  • -39°C
  • Ощущается: -46°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: