Тохсунньу 3 күнүгэр Решетников аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэриттэн эр киһи өлүгүн булбуттар. Барыллаан дааннайдарынан, эр киһи хоһугар хатанан баран, ахсынньы 31 күнүттэн үлэһиттэргэ аанын аспатах. Бу туһунан быраабы араҥаччылыыр уорганнар СИА-ҕа иһитиннэрбиттэр.
«Эр киһи туспа хоско олорбут, интэринээт-дьиэҕэ сүрэх ыарыылаах киирбит. Барыллаан дааннайдарынан, кини үлэһиттэргэ аанын ахсынньы 31 күнүттэн аспатах. Тохсунньу 3-с күнүгэр үлэһиттэр аанын алдьатан киирэн, эр киһи өлүгүн булбуттар», — диэн быраабы араҥаччылыыр уорганнар СИА-ҕа кэпсээбиттэр.
СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ бу быһылаанынан бэрэбиэркэ саҕаламмытын иһитиннэрэр. Суут-мэдиссиинискэй эспэртиисэ уонна бэрэбиэркэ түмүктэринэн миэрэлэр ылыллыахтара.
Түүл туһунан тугу билэбитий? Киһи түүлүн 90 бырыһыанын умнар уонна 10 бырыһыанын эрэ өйдөөн хаалар.…
Саха сиригэр тыйыс-тымныы кыһыммытыгар киһи организма араас охсуулары ылар. Ол иһигэр үлүйүү биир саамай сүрүн…
Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан күн-дьыл туругун уонна инникитин хайдах буолуохтааҕын айылҕа уларыйыытынан, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр хамсаныытынан кэтээн көрөллөрө…
Быйыл Арассыыйа саамай уһук сиргэ - Хотугу байҕал пордугар биир артыыстаах уонна бэлэмэ суох сценарийдаах…
Эдьигээн сэлиэнньэтин 6 №-дээх хочуолунайын үлэҕэ киллэриитин тэрээһинэ түмүктэннэ, оттон 4 №-дээх хочуолунай салгыы оҥоһуллар.…
Дьокуускайга бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, энергетиктэр уот ситимэ быстыбытын оҥордулар. Киин РЭС энергетиктэрэ киин куоракка …