Кыргыдайдар кыайыыга кылааттарын киллэрэллэр

Share

Бүлүү улууһун Кыргыдай нэһилиэгин олохтоохторо байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга көмөлөһөллөр. Бу туһунан нэһилиэк дьаһалтатын исписэлииһэ Елизавета Наумова сырдатта:

— Хорсун санаалаах буойуттарбытыгар, оҕолорбутугар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн элбэх көмө оҥоһуллар, аахсыйалар ыытыллаллар. Хаһыаттан, суруктан да көрдөххө, хас улуус, нэһилиэк ахсын ийэлэр, ыччат дьон таҥас-сап, маскировочнай сиэккэ тигэн, блиндажнай чүмэчи оҥорон көмө бөҕө буолаллар.  Атын субъектар биһиги дьоммутугар «Сахалар наһаа түмсүүлээх норуоккут» дииллэрин биһиги эмиэ үөрэ истэбит.

Биһиги, кыргыдайдар уонна Мария Петровна Томская  салайааччылаах «Утум» уопсастыбаннай түмсүү буоламмыт маскировочнай сиэккэлэри, блиндажнай чүмэчилэри оҥорон Кыргыдай нэһилиэгин аатыттан туттардыбыт. Нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ биир сутурук курдук түмсэ түһэн ким бааҥка, ким чүмэчи аҕалан төһүү күүс буоллулар.  «Дайыы», «Туйаара», «Туску» түмсүүлэргэ, норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэригэр, нэһилиэкпит бэтэрээннэрин бэрэссэдээтэлигэр П.Д.Кырбасоваҕа, «Илин» бааһынай хаһаайыстыба салайааччытыгар А.В.Кырбасоваҕа, ону сэргэ нэһилиэкпит  ыччатыгар, бары олохтоохторугар махтанабыт. Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ, билиҥҥи олохпутун баарынан ылынан иникигэ эрэллээхтик биир сомоҕо буолан үлэлиэххэйиҥ-хамсыаххайыҥ!

Бүлүү улууһун Кыргыдай нэһилиэгин тус архыыбыттан
Бүлүү улууһун Кыргыдай нэһилиэгин тус архыыбыттан
Бүлүү улууһун Кыргыдай нэһилиэгин тус архыыбыттан
Бүлүү улууһун Кыргыдай нэһилиэгин тус архыыбыттан
Бүлүү улууһун Кыргыдай нэһилиэгин тус архыыбыттан
Бүлүү улууһун Кыргыдай нэһилиэгин тус архыыбыттан
Бүлүү улууһун Кыргыдай нэһилиэгин тус архыыбыттан
Бүлүү улууһун Кыргыдай нэһилиэгин тус архыыбыттан
What’s your Reaction?
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

7 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

8 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

8 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

9 часов ago