Кыргыдайдар кыайыыга кылааттарын киллэрэллэр
Бүлүү улууһун Кыргыдай нэһилиэгин олохтоохторо байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга көмөлөһөллөр. Бу туһунан нэһилиэк дьаһалтатын исписэлииһэ Елизавета Наумова сырдатта:
— Хорсун санаалаах буойуттарбытыгар, оҕолорбутугар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн элбэх көмө оҥоһуллар, аахсыйалар ыытыллаллар. Хаһыаттан, суруктан да көрдөххө, хас улуус, нэһилиэк ахсын ийэлэр, ыччат дьон таҥас-сап, маскировочнай сиэккэ тигэн, блиндажнай чүмэчи оҥорон көмө бөҕө буолаллар. Атын субъектар биһиги дьоммутугар «Сахалар наһаа түмсүүлээх норуоккут» дииллэрин биһиги эмиэ үөрэ истэбит.
Биһиги, кыргыдайдар уонна Мария Петровна Томская салайааччылаах «Утум» уопсастыбаннай түмсүү буоламмыт маскировочнай сиэккэлэри, блиндажнай чүмэчилэри оҥорон Кыргыдай нэһилиэгин аатыттан туттардыбыт. Нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ биир сутурук курдук түмсэ түһэн ким бааҥка, ким чүмэчи аҕалан төһүү күүс буоллулар. «Дайыы», «Туйаара», «Туску» түмсүүлэргэ, норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэригэр, нэһилиэкпит бэтэрээннэрин бэрэссэдээтэлигэр П.Д.Кырбасоваҕа, «Илин» бааһынай хаһаайыстыба салайааччытыгар А.В.Кырбасоваҕа, ону сэргэ нэһилиэкпит ыччатыгар, бары олохтоохторугар махтанабыт. Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ, билиҥҥи олохпутун баарынан ылынан иникигэ эрэллээхтик биир сомоҕо буолан үлэлиэххэйиҥ-хамсыаххайыҥ!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: