Н.Дьяконова түһэриитэ
Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгэр төһө да суол-иис суох буоллар, олус сэргэхтик олороллор.
Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев биллэрбит “Үлэ сылынан” сэтинньи бүтүүтэ урукку балыксыт, кырсаһыт өбүгэлэрин, үлэһит туруу дьону ахтан ааһаары “Геван” култуура киинэ улахан кэнсиэр бэлэмнии сылдьар.
Манна оскуола үөрэнээччилэрэ бу Бөрөлөөххө олорон, үлэлээн ааспыт тыыл бэтэрээнэ, олохтоох бэйиэт Алексей Лебедев-Хоноһо хоһооннорунан литературнай монтажка кытталлар. Онно Хоноһо хоһуйбут кырсаһыттара, байанайдаах булчуттара ахтыллыахтара.
Таарыйа ахтан аһардахха, ахсынньы саҥатыгар олохтоох оскуола альбом-кинигэтэ сүрэхтэниэҕэ. Билигин кинигэ бэчээттэнэн, кырыы дэриэбинэҕэ айаннаан иһэр. Ол курдук, бу оскуола икки сыллааҕыта төрүттэммитэ 75 сылын туолбута. Ону хамсык мэһэйдээн, кыайан бэлиэтээбэтэхтэрэ. Саҥа кинигэ тахсыыта ол кэрэ-бэлиэ күнү санатыаҕа.
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Ил Түмэҥҥэ этиитигэр аҕа көлүөнэ бойобуой үгэстэрин байыаннай дьайыыга сылдьар…
Саха сиригэр 2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киириэхтээх олохтоох бэйэни салайыныы туһунан сокуон ылылынна.…
Ил Дархан бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин оҥордо. Кини 2026 сылы Култуура…
Бу туһунан бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр иһитиннэрдэ. --Быйыл тутуу үлэтигэр,…
Ахсынньы 23 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэн дьокутааттарыгар туһаайан этиитэ саҕаланна. Кини бу…
Ил Дархан Айсен Николаев ааспыт сылга Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын кэлим…