Кытай урбаанын бэрэстэбиитэлэ Цзяо Цзянь: «Ирбэт тоҥу чинчийии киһи-аймах уопсай кыһалҕата»

Кытай урбаанын бэрэстэбиитэлэ Цзяо Цзянь: «Ирбэт тоҥу чинчийии киһи-аймах уопсай кыһалҕата»

Ааптар:
22.03.2023, 20:32
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Килиимэт уларыйыытыгар уонна ирбэт тоҥу харыстааһыҥҥа анаммыт научнай практическай кэмпириэнсийэҕэ наука бэрэстэбиитэллэрин тэҥэ, бырамыысыланнас уонна урбаан эйгэтин дьоно көхтөөх кыттыыны ылаллар.

Омук сирин урбаанын бэрэстэбиитэлэ, Кытайтан кэлбит «XY Investment Group» хампаанньа генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Цзяо Цзянь этэринэн, кинилэр хампаанньалара тулалыыр эйгэ уларыйыытыгар улахан болҕомтону уурар:

— Биһиги инвестиционнай хампаанньабыт олох элбэх эйгэтигэр интэриэстээх. Элбэх тутуулары ыытабыт, ол иһигэр дойдубутугар билигин хас даҕаны ТЭЦ тута сылдььабыт, онон “Сила Сибири” ситим тардыллыбыт сиригэр, Арассыыйаҕа ыкса сибээс олохтуур былаанаахпыт. Ону таһынан тыал күүһүнэн үлэлиир ыстаансыйалары тутууга үлэлэһэбит. Эһиги дойдугутугар бу хайысхаҕа улахан интэриэс баарын билэбин. Арассыыйаны кытта үлэлэһэргэ киэҥ далааһыннаах хайысхалар бааллар. Холобур, билигин Кытайга икки научнай-чинчийэр институт тута сылдьабыт, биирдэригэр эмтээх үүнээйилэри чинчийэн, эмп оҥоруутун сайыннарыахпыт. Бу үлэҕэ Арассыыйаны кытта үлэлэһэр санаалаахпыт.

Кэмпириэнсийэ сорудахтарын уонна Кытай бу кыһалҕаҕа сыһыанын туһунан Цзяо Цзянь бу курдук хоруйдаата:

— Криолитозона ууллуута биир дойду кыһалҕата буолбатах, киһи-аймах барыбыт кыһалҕабыт. Биһиги биир кыракый планетаҕа олоробут, килиимэт уларыйыыта биир сиргэ эрэ буолбат, барыбытын таарыйар. Бу биир норуот эрэ быһаарыахтаах кыһалҕата буолбатах, бары норуоттар көмөлөөн кыайыах тустаахпыт. Онон Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтэ ирбэт тоҥу чинчийиигэ бэйэтин кылаатын эмиэ киллэрэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: