Соторутааҕыта СӨ Бырабыыталыстыбатын 2022 сыллаах үлэтин отчуота Өлөөн улууһугар ыытыллыбыта. Харыйалаахха, Дьэлиҥдэҕэ, Ээйиккэ, Өлөөн сэлиэнньэтигэр ыытыллыбыт көрсүһүүлэргэ үгүс киһи булт боппуруоһугар ыйытыылары биэрдилэр, кыһалҕаларын туруорустулар. Кинилэр ыйытыыларыгар СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга, ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Николай Васильевич Додохов маннык хоруйдаабыта:
Владимир Спиридонович Николаев, Харыйалаах:
– Булчут билиэтигэр бэчээт туруортарабыт. Хас кыылы бултуурга диэн. Урут кулун тутар 15 күнүгэр диэри кыыл табаны бултуур этибит. Оттон билигин бултааһын саамай тымныы кэмнэргэ түбэһэр.
Н.Додохов:
– Закон об охоте и о сохранении охотничьих ресурсов” диэн сокуон 19 ыстатыйата баар. Көҥүлэ суох бултуур бырааптаахтар диэн.
2009 с. тахсыбыта. Ону бэрээдэк суох буолан, штамп туруорбакка сылдьыбыппыт. Онуоха КМНС-тар ааттарыттан суттаһан, Национальностар дьыалаларыгар федеральнай ааҕыныстыба булчут билиэттээх хоту дойду аҕыйах ахсааннаах норуоттарыгар барыларыгар штамп туруораҕыт диэн буолбута. Арассыыйаҕа бэйэбит департамеммыт, холобура, аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарга киирсэр куоракка олорор учууталга, полиция үлэһитигэр уо.д.а. штамп туруоруохтааххыт диир. Билигин тиэхиньикэ, саа да дэлэйэ. Онон киһи барыта бултаатаҕына, кыылбыт-сүөлбүт аччыыр кутталлааҕын умнумаҥ. Онон бу боппуруос быһаарылыннаҕына, этиэхпит.
Егор Иванов, Дьэлиҥдэ:
– Кыыл таба сэтинньигэ кэлбитэ. Былааммытын кыайан толорбоппут. Кыыл табаны бултааһын болдьоҕун аттараҕыт дуо?
Н.Додохов:
– Булт быраабылата, сокуона уларыйа турар. 2-3 сыллааҕыта Росприроднадзор уонна федеральнай министиэристибэбит Красноярскай кыраай губернаторыгар, СӨ Ил Дарханыгар кыыл табаны бултааһыны тохтотуохха диэн сурук суруйбуттара. Дьиҥэ, кыыл таба баар буоллаҕа. Булчуттар кубуота ылан бултаан, ас-таҥас оҥостоллоругар үчүгэй дьарык. Саха сирин булчуттара кыыл табаны кулун тутар 15 күнүгэр диэри бултуурга диэн туруорсаллар. Тоҕо диэтэххэ, Саха сиригэр ахсынньы-тохсунньу томороон тымныыларыгар бултуур ыарахан диэн билэбит. Онон олунньу-кулун тутар ыйдарга көҥүллээҥ диэн туруорсаллар. Бу боппуруоска Арассыыйа таһымыгар Госдуума дьокутаата Галина Данчикова, сенаторбыт Егор Борисов үлэлэһэллэр. Ол эрээри, билиҥҥитэ ити этиибитин ылына иликтэр. Ол иһин бултуур болдьох кылгас. Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах норуоттарыгар штамп туруорабыт. Онно эмиэ мөккүөр тахсыбыта. Маныаха Конституционнай суукка үҥсэннэр, хоту дойду аҕыйах ахсааннаах норуоттара (КМНС) булчут билиэттээх буоллахтарына, барыларыгар штамп туруоруҥ диэн буолбута. Үөһээ этэн аһарбытым курдук, булт быраабылатыгар уларыйыы киирэ турар. Сорох түгэннэргэ этиибитин ылыммыттара.
Урут кубуота көрүллэр этэ. Билигин кубуотаны кыыл табаны кэтээн көрүү (мониторинг) эрэ кэнниттэн түҥэтиҥ диэн этэллэр. Онон 2023 сылга авиа-учуот ыытыҥ диэн буолла. Биллэрин курдук, 2018 с. АЛРОСА хампаанньа көмөтүнэн авиа-учуот ыыппыппыт. Чубукуга эмиэ. Кубуотаны үллэрии билигин электроннай көрүҥүнэн барар.
Суругунан этии эмиэ киирдэ:
– Кыыл табаны бултааһын болдьоҕо олус кылгас. Олунньу уонна кулун тутар ыйдарга диэн сокуон ылыллыан наада.
Харыйалаах олохтооҕо:
– Бөрөнү бултаатахтарына төһөнү төлүүллэрий?
Н.Додохов:
– Өрөспүүбүлүкэҕэ биир бөрөнү бултааһыҥҥа 30 тыһыынча солк. төлөнөр. Онуоха бу адьырҕаны бултуурга көҥүл ылыахтааххын. 650 солк. түһээн төлүөхтээххин. Бачча бөрө бултанна диэн аак оҥоһуллуохтаах. Хас биирдии улуус бэйэтэ эмиэ бөрө ахсаанын сүрүннүүр сыалтан харчы эбии төлүүр буолла. Холобура, Мэҥэ Хаҥаласка – 50 тыһ. солк., Алдаҥҥа – 40 тыһ. солк., Ньурбаҕа – 10 тыһ. солк. уо.д.а. Ил Дархан Айсен Николаев Үп, Экология министиэристибэлэригэр сорудах биэрбитэ. Онон бөрөнү сонордоһор идэтийбит биригээдэлэргэ эмиэ харчы көрүллүөн сөп.
Марина Христофоровна Николаева, Улуус сугулаанын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:
– Ойуур баһаардарыттан сылтаан быһыылаах, биһиэхэ ыстаадаларга эһэ элбээтэ.
Н.Додохов:
– Кырдьык, эһэ, бөрө кэнники сылларга ханан даҕаны элбээтэ. Ол иһин Арассыыйаҕа көҥүл бултатыҥ диэн туруорса сатыыбыт. Оттон миэстэтигэр тыатааҕы, бөрө тардар буоллаҕына, ытан иһиэхтээххит. Уонна, хайаан да аак оҥоһуллуохтаах. Дьэлиҥдэҕэ биир бөрө кэлбитин өлөрдүбүт диэтилэр.
Өлөөн сэл. олохтооҕо: Өлөөн булчуттара тирии туттаран баран, харчыларын ылбакка сылдьаллар.
Н.Додохов:
– 2022 с. бастакы уонна иккис кыбаарталга тутуллубут бөрө тириитэ төлөммүтэ.
Манна даҕатан эттэххэ, Ил Дархан А.С.Николаев быйыл тохсунньу 13 күнүгэр Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонугар оробуочай сырыытын түмүгүнэн, 2023 сыл олунньу 23 күнүнээҕи 17 пууннаах сорудахха илии баттаабыта. Ол сорудахха:
10.1. пууҥҥа маннык суруллубут: хотугу кыыл таба туундара популяциятын үөрэтэр уонна булт кэлэр сезоннарыгар лимиити, бултааһын кубуотатын олохтуур туһуттан 2023 сылтан хотугу кыыл таба туундаратааҕы популяциятын ахсаанын чуолкайдыырга авиа-учуоту ыытыы үлэтин быыстала суох ыытарга 2023 сылтан үбү-харчыны көрөргө. Сорудаҕа – 2023 сыл олунньу 28 күнүгэр диэри
10.2. тыа хаһаайыстыбатын кыылларын уонна булт баайын бөрөлөр тардыыларын аччатар туһуттан, бөрө ахсаанын сүрүннүүргэ идэтийбит биригээдэлэри тэрийиигэ уонна хааччыйыыга сыл аайы үбү көрүүнү салгыырга. Болдьоҕо – 2023 сыл олунньу 28 күнүгэр диэри.
Маннык сорудах СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр (Перфильев Е.А.) сүктэриллибит. Онон булка сыһыаннаах боппуруостары быһаарыыга үлэлэһэллэр.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…