Ленин аатынан болуоссакка бэһис сэргэни туруордулар
Дьокуускайга Ленин аатынан болуоссакка барыта 12 сэргэттэн бэһис уочараттаах сэргэни туруордулар.
Сэргэ конструкцията 1,2 м диаметрдаах уонна 13 миэтэрэ үрдүктээх. Саҥа сэргэлэри саҥардыллыбыт болуоссат икки өттүнэн кыйа туруоруохтара. Бу туһунан СИА иһитиннэрэр.
Сэргэ уус-уран оҥоһуулаах тимиртэн оһоһуулаах панелларынан уонна алдьаммат тааһынан бүрүллэр. Сырдатыылаах сэргэ холуонналарын инникитин бырааһынньык күннэригэр холбуохтара. Маны таһынан бырайыагынан уотун сырдатыыта муусука доҕуһуоллаах фонтаны кытта бииргэ холбонон үлэлиир кыахтаныа.
Санаттахха, бырыайыак быһыытынан сэргэлэри Аммосов уонна Киров аатынан уулуссалар кыйа туруоруохтара. Ленин болуоссатын ыскамыайкаларынан хааччыйыахтара, сибэкки олордуохтара, ону тэҥэ кыталык ойуулаах сырдатыы оҥоһуллуоҕа. Болуоссат киин сиригэр кураанах уотунан тыгар фонтан туруоруллуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: