Ленин болуоссатын тупсаҕай гына оҥорууну алтынньыга түмүктүөхтэрэ
Балаҕан ыйын 14 күнүгэр Айсен Николаев Ленин болуоссатын тупсарыы үлэтин көрдө. Саха сирин Ил Дархана эбийиэги алтынньы саҥатыгар бүтэрэргэ соруйда.
Бүгүн сэргэ быһыылаах 13 миэтэрэлээх тимир колонналар турдулар. Киэһээҥҥи кэмҥэ балар араас уотунан дьиримниэхтэрэ.
Өрөспүүбүлүкэ кылаабынай архитектора Любовь Папок этэринэн, подсветката уларыйа сылдьыа. Судаарыстыба бырааһынньыктарыгар атын өҥ буолуоҕа.
Фонтан таһыгар ландшафтнай амфитеатр туруорулунна, онно бу күннэргэ газон кырыһын тэлгээтилэр. Рулоннаах газону бу күннэргэ аҕалыахтара. Билигин автополивын таҥаллар.
Ярославскай өттүттэн габиону оҥороллор. Ону дьиҥнээх тааһынан уонна эрклез матырыйаалынан толоруохтара.
Харысхал ойуулаах билииккэнэн киһи хаамар ыллыгын тэлгииллэр. Бырабыыталыстыба 2-с №-дээх дьиэтин иннигэр баар учаастакка сир үлэтин ыыталлар. Манна кулуумбалары туруоруохтара.
Сүрүннээн эбийиэк 86 бырыһыан бэлэм. 50-ча киһи үлэлиир. Бэдэрээтчит — «Сэттэ» хампаанньа бөлөҕө.
Санаттахха, Ленин болуоссатын саҥардан тупсарыы үлэтин Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бигэргэппит куорат маастар-былааныгар олоҕуран ыытыллар. Манна казначейскай кирэдьиит көрүллүбүтэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: