Ленскэй куорат оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан полиция бэрэбиэркэ ыытар

Share

Олунньу 15 күнүгэр Ленскэй улууһун ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар, 9-с кылаас үөрэнээччилэрин икки ардыгар тахсыбыт иирсээн түмүгэр, биир кыыс төбөтүгэр эчэйиини ылбытын туһунан Ленскэй куорат  оскуолатын социальнай педагогуттан иһитиннэрии киирбит. Сокуоннай саастарын туола илик оҕолор дьыаларын иниспиэктэрдэрэ бэрэбиэркэ ыытан саҕалаабыттар.

Оскуола остолобуойугар тохсус кылаас үөрэнээччилэрэ иирсээннэрин кэмигэр, 17 саастаах эдэр киһи  15 саастаах кыыһы моонньуттан тутан баран сиргэ охторбута быһаарыллыбыт.

Билиҥҥитэ эдэр киһи төрөппүттэрэ “Төрөппүттэр эбэтэр сокуоннай бэрэстэбиитэллэр сокуоннай сааһын туола илик оҕону көрүүгэ уонна иитиигэ эбээһинэстэрин толорбот буолуулара” РФ административнай быраабын кэһии Кодексатын 5.35 ыст. 1 ч. административнай эппиэтинэскэ тардыллыбыттар.

Доруобуйатыгар төһө улахан эчэйиини ылбытын быһаарар инниттэн, суут-мэдиссиинэ эспэртиисэтэ анаммыт. Эспэртиисэ уонна бэрэбиэркэ түмүгүнэн сокуоҥҥа олоҕуран быһаарыы ылыныллыаҕа.  17 саастаах үөрэнээччи ПДН сэрэтэр учуотугар турарын ыйаллар. Былырыын сайын РФ административнай быраабы кэһии Кодексатын  6.1.1 ыст. эппиэтинэскэ тардылла сылдьыбытын туһунан суруйаллар. Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
8
+1
1
+1
0
+1
12
+1
2
+1
3

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

2 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

3 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

4 часа ago