Ленскэйдэр блиндажнай чүмэчини оҥоруу аахсыйатыгар кытталлар
Ленскэй оройуонун Орто Наахара уонна Бэчинчэ нэһилиэгин олохтоохторо Бүтүн Арассыыйатааҕы блиндажнай чүмэчини оҥоруу аахсыйатыгар кытталлар.
Орто Наахара баһылыга Алексей Тартыев, Ленскэй куоратыттан «Ленский Покров» түмсүүттэн Зоя Ильчук чүмэчи оҥоруу аахсыйатыгар көхтөөхтүк кытталлар. Бу туһунан Ленскэй улууһун олохтооҕо Жанна Афанасьева сырдатта:
— Байыаннай дьайыыга көмөлөһөр соруктаах окуопаҕа хас эмит чаас устата умуллубат блиндажнай чүмэчини оҥорууга ылыстыбыт. Маннык чүмэчилэр 3,5 чаастан 8 чааска тиийэ умуллубакка сырдыгы, сылааһы биэрэллэр. Байыастар сырдатыналларыгар, ас астаналларыгар, иттэллэригэр олус туһалаах. Биһиги нэһилиэкпит уопсайа 249 чүмэчини оҥордо. Онон нэһилиэкпит волонтердарыгар, көхтөөх олохтоохторугар махтаныах эрэ тустаахпыт.
Үлэбитин өссө да салгыахпыт, эбии бааҥкалары хомуйабыт. Парафины нэһилиэк баһылыга Алексей Тартыев куораттан аҕалан хааччыйар. Биһиги, ленскэйдэр, бу аахсыйаҕа бүтүн оройуонунан ылсан кытта сылдьабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: