Харчы уоруута уонна түөкүттэр угаайылара
Ленскэйгэ баан каартатыттан 50 тыһыынча кэриҥэ харчыны уорбуттара билиннэ.
Ленскэйгэ ИДьМ отделын дьуһуурунай чааһыгар баан каартатыттан 48 тыһ. тахса солк. харчытын устан ылбыттарын туһунан биир дьахтартан үҥсүү киирбит. Суһал көрдүүр үлэ түмүгүнэн холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ бу 19 саастаах кыыс буоларын быһаарбыттар.
Эмсэҕэлээччи кэпсээбитинэн каартатын сүтэрэн кэбиспит. Оттон бу каартаны уулуссаҕа баран иһэн булан ылбыт кыыс маҕаһыынтан ону-маны атыылаһан төлөөбүт.
РФ Холуобунай кодексатын 158 ыст. 3 ч. холуобунай дьыала тэриллибит.
Арыгы уонна ас-үөл атыылаһаары
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ИДьМ отделын дьуһуурунай чааһыгар сэлиэнньэ олохтооҕо 10 000 солк. уорбуттарын туһунан үҥсүбүт.
Холуобунай дьыала үлэһиттэрэ суһал үлэни ыытаннар, урут холуобунай эппиэтинэскэ тардылла сылдьыбыт 57 саастаах дьахтар буоларын быһаарбыттар.
Уорбаланаччыга бииргэ төрөөбүт быраата ыалдьыттыы кэлбит. Дьахтар кини суумкатыгар харчы баарын билбит уонна уоран ылбыт. Кини онон арыгы уонна ас-үөл атыылаһарга былааннаммыт.
Уоруллубут харчы төннөрүллүбүт. РФ Холуобунай кодексатын 158 ыст. 2 ч. «Уоруу» диэнинэн холуобунай дьыала тэриллибит.
Элбэх харчыланаары
Сарсыныгар бу дьахтары кытта атын «брокер» кэпсэппит. Кини сайаапкаларын аккаастаабыттарын, онон өссө биир поручитель наада буолбутун «быһаарбыт». Онно биирдэ бу дьахтар 2,6 мөл. солк. тахса сууманы түөкүттэргэ ыыппытын өйдөөбүт.
Саха сирин ытыктабыллаах олохтоохторо! Түөкүттэр араас албастарыттан сэрэниҥ. Туора киһи ыйан-кэрдэн биэрэринэн үпкэ-харчыга сыһыаннаах араас дьайыылары оҥорумаҥ. Билбэт дьоҥҥут ыйалларын-кэрдэллэрин истэн кирэдьиит ылымаҥ.
СӨ ИДьМ пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: