Лев Павлов Дмитрий Миндиашвили аатынан турнирга кыһыл көмүс мэтээли ылла
28.12.2024, 09:00
Хаартыска: Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандаларын успуорка бэлэмниир киин пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:
Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын лидерэ Лев Павлов Красноярскайга Дмитрий Миндиашвили аатынан Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирга кыһыл көмүс мэтээли ылла.
Бу туһунан Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандаларын успуорка бэлэмниир киин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Красноярскайга Лев Павлов Александр Кочевы (5:1), Егор Явловскайы (2:0), Матвей Куртуковы (10:0) кыайан, 57 киилэҕэ финалга тахсыбыта. Кыһыл көмүс мэтээл иһин финалга аан дойдутааҕы кылааһын успуорт маастара Артур Чебодаевы кытта кииристэ. Ол эрээри манна даҕаны Лев Павлов 3:1 ахсаанынан кыайыылаах таҕыста.
Санатан эттэххэ, Лев Павлов 2025 сыл тохсунньу ый бүтүүтэ буолар Иван Ярыгин Куубагар кыттарга путевкаҕа тиксибитэ.
+1
15
+1
+1
+1
+1
+1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: