Салгыы
«Маанылаах сахабыт ынаҕа» диэн күрэх буолла

«Маанылаах сахабыт ынаҕа» диэн күрэх буолла

Ааптар:
26.06.2024, 13:28
https://t.me/yakutckickot
Бөлөххө киир:

«Сайаҕас Мылахсын Айыылаах
Сүтүөхчэ-сүппэтэх дьылҕалаах,
Төрүппүт ынаҕа барахсан
Туругур үйэни уҥуордаан…» – маннык үтүө ыҥырыы тыллаах «Маанылаах сахабыт ынаҕа» диэн күрэҕи Эбээн Бытантай улууһугар Саккырыыр бөһүөлэгэр тэрийэн ыыттылар.

2024 сыл Дойдуга Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Эбээн Бытантай национальнай улууһугар Тыа хаһаайыстыбатын уонна Эбээн Бытантай национальнай улууһа төрүттэммитэ 35 сылларыгар аналлаах Үрүҥ Тунах Ыһыахха саха сүөһүтүн киэргэтиигэ күрэх  буолан ааста.

Күрэх тэрийээччитэ — «Гарпан» ЭКК. Тэрийээччилэр бэлиэтииллэринэн, күрэх сыала-соруга  сахабыт ынаҕар сүгүрүйүү, хоту сир киһитэ үйэлэргэ харыстаан, тыыннаах ордорон илдьэ кэлбит сахатын ынаҕар ураты сыһыанын көрдөрүү уонна ынах тутар ыалы нэһилиэк көхтөөх олоҕор көҕүлээһин.

Ирдэбил быһыытынан ким баҕалаах, саха сүөһүтүн ким хайдах сатыырынан көҥүл симээн, киэргэтэн Ыһыах түһүлгэтигэр аҕалан баайар.
Барыта 4 кыттааччы күөн көрүстэ. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, кыайыылаах аатын  фермер Афанасий Петрович Стручков ынаҕа ылла. Иккис миэстэ — Мария уонна Степан Николаевтар ынахтара. Үһүс бириистээх миэстэҕэ  – «Саха сүөһүтэ» генофонда хааһына тэрилтэтин «Саккырыыр» отделенията тигистэ.
12 саастаах Саадьахаан диэн саха ынаҕын үүт эрийээччи Анна Слепцова, ыанньыксыттар Сахалина Роббек уонна Ньургуйаана Горохова симээбиттэр.

Бу курдук үлэһиттэрбит нэһилиэккэ ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар.

«Саха сүөһүтэ» ГКП

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 января
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: