Маасканы кэтии ирдэниллэн эрэр. Кимнээххэ?

Share

Ааспыт нэдиэлэҕэ кириип уонна ОРВИ Саха сирин 9 улууһугар элбээбитэ бэлиэтэннэ. Өрөспүүбүлүкэ суһал ыстаабыгар иһитиннэрбиттэринэн, Амма, Бүлүү, Горнай, Ленскэй, Мииринэй, Мэҥэ Хаҥалас, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Сунтаар улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка эбилиннэ.

Суһал ыстаап ону тэҥэ Дьокуускайга уонна чугас сытар улуустарга коронавирус саҥа инфекцията элбээбитин туһунан иһитиннэрдэ. Саха сиригэр Роспотребнадзор управлениетын   начаалынньыга Маргарита Игнатьева иһитиннэрбитинэн, билиҥҥитэ коронавирус атын көрүҥнэрэ буолбакка, омикрон баара бэлиэтэнэр.

Суһал ыстаап мунньаҕын түмүгүнэн, эргиэн тэрилтэлэрин уонна элбэх дьон сылдьар тэрилтэлэрин салайааччылара үлэһиттэригэр маасканы кэтэллэрин хааччыйаллара быһаарылынна. “Ордук  мэдиссиинискэй тэрилтэлэргэ мааска эрэсиимин тутуһар наада. Оскуолаларга уонна оҕоуһуйааннарыгар сарсыардааҥы ыраастаныыны ыытыахха, ыалдьар оҕолор оскуолаҕа уонна уһуйааҥҥа кэлиэ суохтарын наада”, —диэн эрэгийиэн Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы  Ольга Балабкина эттэ.

Ону таһынан улуустар баһылыктара Саҥа дьыллааҕы оҕо бырааһынньыктарын ыытарга биир кылааһы эбэтэр бөлөҕү эрэ киллэриини хааччыйалларыгар этилиннэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

3 часа ago