Махтал киһини кынаттыыр

Share

Өр кэмҥэ оскуолаҕа нуучча тылын, литературатын учууталынан үлэлээбит сылларбар төһөлөөх айымньылары ырыппыппыт буолуой? Бу туох туһунан айымньыный, ааптар сыала-соруга тугуй, ону кини хайдах, ханнык албастарынан ситиспитий, тугу туттубутуй диэн оҕолору толкуйдуурга, сыымайдыырга, айымньыттан туох эрэ үчүгэйгэ үөрэнэргэ, ылынарга үөрэттэхпит.

Учуутал үөрэппит оҕолоруттан элбэх эҕэрдэни тутар, үксүн биир соҕус халыыбынан суруллубут буолааччы. Ол эрээри, биирдэ эмэ ис сүрэхтэн этиллибит, сиппит-хоппут тыллардаах эҕэрдэ баар буолааччы. Мин биир үөрэнээччим “биһигини үөрэнэргэ баҕарыыга, үрдүккэ тардыһыыга үөрэппиккэр махтал” диэбититтэн олус үөрбүтүм. Махтал… Махталлаах буолуу… Дьону үөрдэ сылдьыы.

“Көрүстэххэ дорооболоһор, арахсарга бырастыылаһар, ыалдьыты олордор сүдү култуура сыста илик киһитэ — мин кылааһым диэки талырдыы турдум,” — диэн норуот суруйааччыта Амма АччыгыйаМотуо” диэн кэпсээнигэр суруйбутугар эбиэхпин баҕардым: “Кэмигэр махтаммакка хаалыы”  диэн.

Бүгүн олохпор алтыһан ааспыт, кэмигэр махталбын эппэтэх үтүө дьоннорбун ахтан ааһыахпын баҕардым. 1971 с. Орджоникидзевскай оройуон Тиит Арыы орто оскуолатын бүтэрээт СГУ-га ИФФ-га нуучча тылын, литературатын салаатыгар үөрэххэ киирбитим. Бастакы кууруска тастыҥ эдьиийбэр Степанова Яна Васильевнаҕа дьиэлэммитим. Үс кып-кыра оҕолоох, үлэлии-үлэлии киэһээтигэр медфакка үөрэнэр эдьиийбэр, хата, баарыгар анаан-минээн бара сылдьан истиҥник махтаммытым.

Эһиилигэр кини үөрэҕин бүтэрэн, окулист-быраас  идэтин баһылаан,  оройуоҥҥа көспүттэригэр олорор сирэ суох буолан онно-манна кыбылла сатаан эрэйдэммитим. Декан Н.А.Гоголевка көрдөһө киирбиппэр чугас оройуоҥҥут диэн олох чугаһаппатаҕа. Куортамнаһан олоруҥ диэн сүбэлээбитэ.

Олус хомойон ытыахча көрүдүөргэ турдахпына,  Анастасия Петровна Данилова — уруккута биллиилээх, улахан аптарытыаттаах, сэбиэскэй бартыыйынай үлэһит, ССКП устуоруйатын преподавателэ, устуоруйа наукатын хандьытаата  — биһиэхэ чугаһаан: “Кыргыттар, туохха турдугут?” — диэн ыйыппытыгар комсоргпут, миигин олохтуу  сатыы сылдьар дьүөгэм Лида Аржакова кэпсэппитэ.  Онуоха Анастасия Петровна миигин деканакка киллэрэн эппитэ: “Элбэх оҕону олорпутум, сөбүлээтэххинэ миэхэ олор, баран көрүөххэ,” — диэбитигэр Ленин проспегын 34/1 бастакы кыбартыыратыгар барбыппыт. Ол курдук онно олус үчүгэйдик 1 сыл олорбутум. Эбээһинэһим диэн нэдиэлэҕэ биирдэ дьиэни сууйуу-сотуу, маҕаһыынтан ас атыылаһыы этэ.

Тыа оҕотун куорат олоҕун уратыларыгар олус муударайдык үөрэппит эбит. Холобур, холодильникка, мин көрдөхпүнэ, хаппыт соҕус халбаһыы баарын бырахпыппар “ити краковскай халбаһыы отут да сыл сыттаҕына буорту буолбатын” билбитим, саҥа атыыласпыт түүппүлэм хобулугун набойката туллубутун иһин быраҕаары гыммыппар “Срочный ремонт обуви” илдьэн аҕыйах харчыга оҥортор диэбитэ.

Тоҕо эрэ маҥнайгы кууруска Анастасия Петровна ыытар куруһуогар суруйтаран сылдьыбытым. Сотору-сотору салайааччыбыт биһигини мунньан үлэбитин бэрэбиэркэлиирэ, сүбэлиирэ, дакылаат суруйарга үөрэтэрэ. Оҕолортон барыларыттан үлэлэрин ыйытта, көрдө, сүбэлээтэ. Арай миигиттэн тугу да ыйыппата. Дьиэбэр кэлэн баран тоҕо миигиттэн ыйыппатаҕын интэриэһиргээбиппэр эппитэ: “Эн дьиэҕэр дакылааккын суруйаргын көрбөтөҕүм, оҕолор ортолоругар кыбыстыаҥ диэн ыйыппатаҕым”,  — диэбитэ миэхэ уруок буолбута. Ол дакылааппынан СГУ-га НПК-ҕа кыттыбытым, Москваттан махтал сурук туппутум.

Анастасия Петровнаҕа элбэх аймахтара, биир дойдулаахтара сылдьаллара, “Петровна саҥа кыыстаммыт,” дииллэрэ. Ордук Горнайтан ССКП райкомун I сэкиритээрэ Э.Ф.Даниловы, кини кэргэнэ улуус кылаабынай бырааһа В.С.Зверева — Данилованы, Жондоровтары олус ис-киирбэх, интэллигиэн дьон курдук өйдүүбүн.

Анастасия Петровна ордук өрөспүүбүлүкэ култууратын олоҕор сыһыарбытын махтана саныыбын. Ол курдук ССРС норуодунай артыыстара Лхасаран Линховоин, Лариса Сахьянова, РСФСР норуодунай артыыһа Дугар Дашиев кэнсиэртэригэр сырытыннарбыта —  олоҕум биир үтүө өйдөбүлэ. Башкирия литературатын күннэригэр норуодунай бэйиэт  Мустай Каримы кытта көрсүһүүгэ сырытыннарбыта. Мустай Карим: “Эһиги аймахтарбыт буолаҕыт, ахтан кэллибит,” — диэбитин астына истибитим.

Анастасия Петровна тэлэбиисэргэ фигурнай хаҥкылааһыны ордук сөбүлээн көрөрө, өссө да 3-4 олимпиаданы көрбүт киһи диирэ. Мин тапталлаах преподавателлэрим Т.П. Самсонова, К.И.Платонова буолан,  киэһэ сүбэлэһэн баран таһырдьа дьаарбайалларын өйдүүбүн.

2016 с. Данилова Анастасия Петровна  100 сааһа туолбутун билбэккэ хаалбыппыттан, биир үтүө тылы кини аатыгар эппэтэхпиттэн кэмсиммитим. Хата, араадьыйаҕа биэриини истибитим. Онно Анастасия Петровна 16 аймаҕын оҕолорун бэйэтигэр олордон үөрэттэрбит диэбиттэрэ. Аймах да буолбатарбын,  кинилэр истэригэр мин эмиэ баарым буолуо, баҕар…

Билиҥҥи кэмҥэ уулуссаҕа туран хаалбыт олорор сирэ суох устудьуону дьиэтигэр ыҥыран буор босхо олордор дьон баара буолуо дуо?! Кини көмөтүнэн 14-с уопсайга киирбитим, үөрэхпин бүтэриэхпэр диэри олорбутум. 1973 с. Анастасия Петровна саҥа дьиэҕэ көһөрүгэр “Мин эйиэхэ үөрэнним. Саастаах киһиэхэ саҥа киһиэхэ үөрэнэрэ уустук. Саҥа кыбартыыра эргэтээҕэр кыра да буоллар, сөбүлүүр буоллаххына барыс,” — диэбитэ. Бииргэ үөрэнэр оҕолорум “Эн устудьуон олоҕун билбэккэ, уопсайга олорбокко үөрэххин бүтэрээри гынныҥ” — диэбиттэригэр сөбүлэһэн уопсайга барбытым.


Аны күндү учууталым, настаабынньыгым Тамара Парфеньевна Самсонова туһунан аҕыйах тыл. Кини биһигини учуутал идэтигэр ииппитин-такайбытын таһынан дьоҥҥо үтүө сыһыаҥҥа, болҕомтолоох буоларга үөрэппитэ умнуллубат. Урукку выпускниктара куоракка кэллэхтэринэ куруук устудьуоннарын көрсүһүннэрэрэ. Биирдэ кыра оҕолоох үөрэнээччитэ көрсүһүүгэ кэлэригэр миигин аадырыс биэрэн оҕо көрдөрө ыыппытын өйдүүбүн. Ыалдьан балыыһаҕа киирбиппэр оҕолорунан апельсин ыыппыт этэ, биирдэ бэйэтэ балык бөрүөгүн оҥорон аҕалбыта! Итинник сыһыаны хайдах умнуоххунуй? Түбүктээх, сыралаах, киэҥ далааһыннаах үлэтин быыһыгар.  Тамара Парфеньевналыын үлэһит буолан баран элбэхтик алтыспытым, көмө-сүбэ ылбытым. Кини бэлэхтээбит кинигэлэрин, суруктарын күндү бэлэх оҥостон илдьэ сылдьабын.

Бу олохпор алтыспыт дьүөгэлэрим бары аҕам саастаахтар эбит. Ол курдук үтүө тылынан, махталынан ахтабын Варламова Екатерина Николаевнаны — эбээ Кэтирииһи, кэргэним Гурий Васильевич аймаҕын. Олус истиҥник миигин көрсүбүтүн. Куруук дьиэтин аана ыалдьыттарга аһаҕас, баахылатын туппутунан сылдьар киһи.

Биллиилээх сэбиэскэй-бартыыйынай үлэһит, спортсмен М.Н.Сибиряков ийэтэ Өкүлүүн барахсан, аҕыйахта алтыспыт кэммэр саха эмээхсинин үтүө сэбэрэтэ киниэхэ баара. Бэйэтэ ынах муоһуттан оҥорбут ытыгын бэлэхтээбитин кэриэс гынан илдьэ сылдьабын.

Өссө биир үтүө киһи — эбээ Сөдүөччүйэлиин олус тапсар этибит. Миэхэ ыалдьыттыы кэлээччи. Элбэх сиэннэрин, хос сиэннэрин улаатыннарбыт киһи. Быыс булан мин улахан оҕобор тугут тыһыттан этэрбэс тигэн бэлэхтээбитэ хата хаартыскаҕа хаалбыт. Эбээ Сөдүөччүйэ — Николаева Феодосия Дмитриевна — үөрэппит оҕом А.Н. Максимов тапталлаах эбээтэ.
Түмүкпэр этиэхпин баҕарабын: махталгытын кэмигэр этэргитин туттунумаҥ! Махтал киһини кынаттыырын, дьоллуурун умнумаҥ!

Василиса НЕУСТРОЕВА, Таатта улууһун Н.Д. Неустроев аатынан Уус-Таатта орто оскуолатын учуутала,

СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, настаабынньык-учуутал.

What’s your Reaction?
+1
14
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

11 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

13 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

14 часов ago