«Махтанабын дьылҕабар» – «Туймаада» көмүс куоластара
Алтынньы 28 күнүгэр «Туймаада» ырыа судаарыстыбаннай ансаамбыла тапталлаах көрөөччүлэригэр «Махтаныам дьылҕабар» кэнсиэрин бэлэхтиэҕэ.
СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Светлана Павловна Иванова уус-уран салайааччылаах ансаамбыл бу кэнсиэрэ, мэлдьи буоларын курдук, бэйэтэ уратылаах, умсугутар күүстээх, көрөөччүнү долгутар дьоллоох түгэннэрдээх буолуоҕа. Ол курдук, «Махтанабын дьылҕабар» кэнсиэркэ ансаамбыл көмүс куоластара, СӨ үтүөлээх артыыстара Лина Акимова, Саргылаана Бугулова, Аида Иванова уонна Светлана Лаврова эһигини, көрөөччүлэри, күүтэллэр.
Кэнсиэр иннинэ тапталлаах артыыстарбытын өссө төгүл билиһиннэрэ, урукку кэмнэри ахта-саныы таарыйа, кылгас ыйытыыларга хоруйдуулларыгар көрдөстүм.
1. «Туймаада» судаарыстыбаннай ырыа ансаамбылыгар хас сыллаахха кэлбиккиний?
2. Ансаамбыл репертуарыгар саамай сөбүлүүр ырыаҥ?
3. Ансаамбыл эн олоххор суолтата?
4. Бу кэнсиэртэн тугу күүтэҕин, уратыта?
5. Дьиэ кэргэниҥ артыыс идэтин төһө өйдөөн, өйөөн кэллэ?
6. Дьыл ханнык кэмин ордук сөбүлүүгүн? Тоҕо?
7. Арассыыйа ырыаһыттарыттан саамай сөбүлүүрүҥ кимий?
8. Сольнай ырыаларыҥ төһө элбэхтэрий?
9. Ырыаһыт олоҕо төһө ыараханый?
10. Дойду ахтылҕана диэн баар дуо? Хантан төрүттээххиний?
11. Бэйэҥ эбэтэр ансаамбылга ханнык ырыаны киллэрэн ыллыаххын баҕарыаҥ этэй?
Лина Акимова – СӨ үтүөлээх артыыһа, «Туймаада» судаарыстыбаннай ырыа ансаамбылын солистката:
—Мин ансаамбыл 1987 сыллаахха тэриллиэҕиттэн күн бүгүнүгэр диэри ыллыы-туойа сылдьабын. Оччолорго М.Н.Жирков аатынан Мусукаалынай училище дирижер-хор салаатыгар салайааччыбыт Светлана Павловна кылааһыгар үөрэнэр кэмнэрбэр ырыа салаатын устудьуоннарын уонна араас идэлээх кыргыттары хомуйан ырыа ансаамбылын тэрийбитэ.
Репертуарбыт олус киэҥ, сөбүлүүр ырыаларбытыттан биирдэстэрэ СӨ үтүөлээх артыыстара: мин, Саргылаана Бугулова, Аида Иванова, Светлана Лаврова толоруубутугар Алексей Егоров мелодиятыгар «Махтаныаҥ дьылҕаҕар» диэн ырыа буолар.
2022 сылга үлэлээбитим 35 сылын туолла. «Туймаада» ансаамбыл «Ырыа фабриката» диэтэхпинэ, бука сыыспатым буолуо. Тоҕо диэтэххэ, биһиэхэ ырыа чочуйуллан, оҥоһуллан тахсара – бэйэтэ биир уустук үлэ. Бу сыллар усталарыгар Светлана Павловна 300-тэн тахса саха ырыатын элбэх куоласка арааран, тупсаран оҥорон, күннэтэ биһигини дьарыктаан, үрдүк таһымҥа таһаарда, саха ырыата сайдарыгар сүҥкэн кылаатын киллэрдэ.
Урут үксүгэр ансаамбыл кыттыылаах бэйэм айар киэһэлэрбин оҥорбут буоллахпына, бу кэнсиэркэ солистар төрдүөн бииргэ араас кэмҥэ толорбут ырыаларбыт, саҥа сольнай нүөмэрдэр, дуэттар тахсыахтара.
Кэргэним Бүлүү улууһун Хампа нэһилиэгиттэн төрүттээх Афанасий Егорович Акимов мусукаалынай училищеҕа ырыа салаатыгар устудьуоннуур, оттон мин номнуо «Туймаадаҕа» ыллыыр кэммитигэр холбоспут буоламмыт, саамай өйүүр-өйдүүр чугас киһим. Оҕобут Айыына үтүө сүбэһитим, күннэтэ бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн биэрэр дьүөгэлии истиҥ сыһыаннаахпыт.
Мин кыһын оройугар тохсунньуга төрөөбүт да буолларбын, күүтүүлээх, кэтэһиилээх самаан сайыммын ордоробун. Айылҕалыын алтыһан, сарсыардааҥҥы сибиэһэй салгынынан тыынан, күөрэгэйим ырыатын истэрбин олус сөбүлүүбүн.
Алын сүһүөх кылаастарга үөрэнэ сылдьан Алла Пугачева «Женщина, которая поет» диэн киинэтин көрөн умсугуйан, ырыаларын өйтөн үөрэтэн үтүктэн ыллыыр этим. Кини хас биирдии ырыатын кыракый мусукаалынай испэктээк гына чочуйан толоруутун билиҥҥэ диэри үтүө холобур оҥостобун, сүдү талааныгар сүгүрүйэбин.
Гитараҕа оонньуурга алтыс кылааска интэринээккэ олорон үөрэммитим, бастакы ырыабын тохсус кылааска айбытым. Ол гынан баран, бэйэм ырыаларым олус элбэҕэ суохтар, оттон репертуарбар сахалыы, нууччалыы, омуктуу ырыа баһаам элбэх. Бу кэнсиэргэ Анатолий Старостин хоһоонугар «Ахтылҕан» диэн ырыам сүрэхтэниэҕэ. Бу ырыа билиҥҥи дьалхааннаах кэмҥэ дойдуларыттан ыраах сылдьар күүстээх санаалаах эр дьоммутугар уонна сахам норуотугар ананар.
Алта сыл Василий Степанович Парников салайааччылаах «Кэнчээри» оҕо норуодунай ансаамбылыгар сылдьыбытым. Бу манна саҕаламмыта: ырыа алыптаах эйгэтигэр уһуйуллуум, саха мелодистарын ырыаларыттан саҕалаан, саха, нуучча, омук композитордарын айымньыларын кытта билсиһиим. Күннэтэ хорга дьарык, кэнсиэр иннинээҕи унньуктаах уһун бэлэмнэнии, араас элбэх айан… Бу барыта талан ылбыт идэбэр эппиэтинэстээх, тулуурдаах, бэриниилээх буоларга олук буолбута.
Мин Уус Алдан улууһун Майаҕас сэлиэнньэтиттэн төрүттээхпин. Бэһис кылаастан онус кылааска диэри «Кэнчээригэ» сылдьан, Бороҕон интэринээтигэр олорон, ырыаҕа ылламмыт Мүрү киэҥ нэлэмэн алааһын устун элбэхтик сатыы хааман, айылҕалыын алтыһан, күөрэгэйим дьырылас ырыатын истэн улааппытым. Сахалыы сайаҕас тылым, ис туругум, үүттээх чэйим, мииним, алаадьым – бу барыта туохха да тэҥнэспэт, саха буолан төрөөбүт олоҕум бэлэҕэ буолар.
Саргылаана БУГУЛОВА, СӨ үтүөлээх артыыһа, «Туймаада» судаарыстыбаннай ырыа ансаамбылын солистката:
Ансаамбылга 1988 сыллаахха кэлбитим.
Саамай сөбүлүүр ырыам – «Түүҥҥү санаам».
Мин олоҕум саамай кэрэ кэмнэрэ «Туймаада» ансаамбылы кытта ситимнээх.
Туох эрэ дьиктини, кэрэни, дуоһуйууну.
Дьиэ кэргэним куруук өйүүр-өйдүүр.
Муус устарга төрөөбүт буоламмын эбитэ дуу, сааһы, айылҕа уһуктуутун, от-мас тыллыытын сөбүлүүбүн.
Арассыыйа артыыстарыттан опера ырыаһыттарын сөбүлүүбүн. Холобур, Хибла Герзмава, Анна Нетребко, Аида Гарифуллина.
Бэйэм толорор ырыам син элбэх, ол эрээри, аахпат, чопчу билбэт эбиппин.
Ырыаһыт олоҕун «оннук ыарахан» диэн эппэппин. Ханнык баҕарар үлэ бэйэтэ уустуктардаах.
Дойду ахтылҕана диэн баар уонна күүстээх. Ордук оҕо саас кэмнэрэ киһиэхэ сүппэттии, умнуллубаттыы хаалаллар эбит. Мин Үөһээ Бүлүү Дүллүкүтүттэн сылдьабын.
Ол туһунан санаабаппын ээ.
АИДА ИВАНОВА, СӨ үтүөлээх артыыһа, «Туймаада» судаарыстыбаннай ырыа ансаамбылын солистката:
1. «Туймаада» ырыа судаарыстыбаннай ансаамбылыгар 1995 сылтан үлэлиибин.
2. Акапелла, доҕуһуола суох ырыалартан «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр», «Көлүкэчээн», «Дьикти киэһэ», «Быраһаай, күөх сайын барахсан», «Күһүҥҥү былыттар» уонна патриотическай ырыалартан «Мин дойдум Сахам сирэ» уо.д.а.
3. «Туймаада» ансамблга киирбиппинэн олус киэн туттабын. Мин санаабар, элбэх киһиттэн талыллан киирэн, күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии, ыллыы-туойа сылдьабын.
3. Долгуйабын, хас кэнсиэр барыта эппиэтинэстээх. Бу кэнсиэрпит ансаамбылбыт тэриллибитэ 35 сылын чэрчитинэн буолар. Онон, мин санаабар, биир улахан эппиэтинэстээх кэнсиэр.
4. Бастакы уочарат дьиэ кэргэним: тапталлаах кэргэним, уолаттарым миигин өйүүллэригэр-өйдүүллэригэр махтанабын. Биһиги үлэбит айан, кэлии-барыы буолан, гостуруолга бардахпына бэйэлэрэ хаалан, дьиэ-уот үлэтин оҥорон кэллилэр. Бииринэн эмиэ да үчүгэй, ол иһин тутулуга суохтар, бэйэлэрин көрүнэ, дьаһана үөрүйэхтэр.
5. Дьыл кэмиттэн сааһы ордоробун, бэйэм кулун тутар 1 күнүгэр төрөөбүтүм. Баҕар, ол иһин буолуо. Тымныы кыһын кэннэ халлаан сылыйан, күн көрөн, от-мас тыллар кэмин. Этэргэ дылы, аҥаардас таҥаспыт чарааһыыра да киһини үөрдэр.
6. Опернай ырыаһыттартан Елена Образцованы, Галина Вишневскаяны, Хибла Герзмаваны, Аида Гарифуллинаны, Анна Нетребконы, эстрада артыыстарыттан Роза Рымбаеваны, Алла Пугачёваны, София Ротаруну, Анна Германы сөбүлээн истэбин. Дьиҥэр, элбэхтэр, билиҥҥи үйэҕэ киһи тугу баҕарбытын истэр. Урукку курдук быластыыҥка, кассета, «Кругозор» суруйтаран атыылаһан ылбаккын.
7. Биһиги ансаамбыл солистара буоламмыт, улахан репертуары онно сүрүннээн оҥоробут. Оттон сольнай ырыалар син бааллар, солист былаан быһыытынан 2-3 сыл иһигэр сольнай бырайыактары оҥорон таһаарыахтаах.
8. Ырыаһыт буолбуппар, миэхэ ырыаһыт дьоҕур бэриллибитигэр, этэргэ дылы, таҥараҕа уонна төрөппүттэрбэр махтанабын. Ийэлээх аҕам миигин сөпкө сирдээн, ыллыыргын туһан диэн анал идэҕэ үөрэттэрбиттэриттэн үөрэбин.
9. Дойдубун, Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүн ахтабын. Чугас буолан, баҕардахпытына күнүнэн сылдьан кэлэбит. Кыыс оҕо омук анала диэн этэллэрин курдук, үксүн кэргэним дойдутугар Хапчаҕайга сайылыыбыт.
10. Кэм кэрдии, аныгы тэтим уларыйа турар, эдэр көлүөнэ отой атын тэтимнээх. Ол гынан баран, биһиги күүспүт ырыаны байытан, элбэх куоласка арааран ыллааһыҥҥа сытар. Светлана Павловна үрдүк таһымнаах хормейстер, уус-уран салайааччы буолан, тупсаран оҥорон, саха ырыата дьоҥҥо уратытык иһиллэн билиҥҥээҥҥэ диэри ыллана сылдьар. Онон, ханнык да сүүрээни оҥорон, тупсаран ыллыахха сөп дии саныыбын.
СВЕТЛАНА ЛАВРОВА, СӨ үтүөлээх артыыһа, «Туймаада» судаарыстыбаннай ырыа ансаамбылын солистката:
1. 1995 сыллаахха.
2. Ырыаларбытын барытын. Тоҕо диэтэххэ, Светлана Павловна Иванова оҥорбут хас биирдии ырыата – шедевр.
3. Дьоҥҥо ылбаҕай ырыа кэрэтин бэлэхтиибит.
4. Бу кэнсиэр биһиги үлэлээбит кэмнэрбит отчуотун курдук буолуоҕа. Онон олус эппиэтинэстээх.
5. Дьиэ кэргэним миигин барытыгар өйүүр. Кинилэр артыыс олоҕо куруук гостуруоллааҕын, кэнсиэртээҕин бэркэ өйдүүллэр.
6. Сайыны, уоппуска кэмин, чугас дьоммун, аймахтарбын кытары күүтүүлээх көрсүһүүлэри.
7. Биһиги опера ырыаһыта Хибла Герзмаваны истэбит.
8. Бэйэм толорор ырыам элбэх. Ол гынан баран, биһиги, бастатан туран, ансаамбыл артыыстарабыт.
9. Эн гостуруолга эбэтэр улахан тэрээһиннэргэ сылдьар кэмнэргэр ыарахаттардаах буолар. Ол гынан баран, биһиги көрөөччүлэрбитигэр кэрэни бэлэхтиибит.
10. Баар. Кэнники кэмнэргэ дьиэбин, төрөппүттэрбин хаһааҥҥытааҕар да күүскэ ахтабын. Сайын аайы дойдубар Орто Халымаҕа көтөн тиийэбин.
11. Репертуарбытыттан олус астынабын. Тугу сатыырбытын уонна кыайарбытын толоробут.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: