Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьокутааттарын сэбиэтэ уонна Майа сэлиэнньэтин түөлбэтин салайааччылара бииргэ үлэлээһин тосхолун торумнаатылар.
Бу туһунан Майа сэлиэнньэтин дьаһалтатын түөлбэ үлэтин сүрүннүүр исписэлииһэ Жанна Тумусова маннык кэпсээтэ:
— Майа сэлиэнньэтигэр 21 түөлбэлээхпит. Сыллааҕы былаан оҥостон үлэлиибит. Ый аайы 2-4 тэрээһини ыытабыт. Бу күннэргэ улуус сэбиэтин дьокутааттара Иван Пивоваров уонна Иннокентий Скрябин Майа сэлиэнньэтин түөлбэлэрин салайааччыларын кытта көрсөн, бииргэ үлээһиҥҥэ сүбэ мунньах тэрийдилэр. Ол курдук, «Ураһалаах» түөлбэ (сал. Акулина Алексеева), «Бадаайы» түөлбэ ( сал. Акулина Скрябина), «Новострой» түөлбэ (сал. Марианна Яковлева), «Маамыкаан» түөлбэ (сал. Мария Попова), «Кэскил» түөлбэ (сал. Парасковья Алиева) буолан, араас суолталаах боппуруостары ырыттылар, инники былааннары торумнаатылар. Биллэн турар, саамай долгутар боппуруостарынан суол, уулусса уота, сааскы халааны этэҥҥэ аһардыы тула буолла. Көрсүһүү кыттыылаахтара ыкса ситимнээхтик үлэлииргэ илии тутустулар. Инникитин даҕаны маннык көрсүһүүлэр буола туралларыгар, түөлбэлэрбит, сэлиэнньэбит сайдарыгар биир санаанан салайтаран үлэлииргэ кэскиллээх саҕалааһын олохтонно.
Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…
Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…
Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат күөлэ судаарыстыбаттан…
Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…
Дойду үрдүнэн, ону кытта кэнники сылларга Саха сиригэр оҕо аниматордарын, Тымныы оҕонньору уонна Хаарчаананы дьиэҕэ…
Саха сиригэр полицейскайдар сокуоннайа суох эргиниигэ анаммыт 18 тыһ. тахса бытыылка маркировката суох арыгыны буллулар.…