МАКСИМ АММОСОВ СИБИИРГЭ КОМСОМОЛУ ТЭРИЙСИБИТЭ
Аныгы кэм дьоно комсомол туһунан ураты өйдөбүллээхтэр. Аҕа көлүөнэ дьоммут, убайдарбыт-эдьиийдэрбит — бары кэриэтэ Ыччат Бүтүн Союзтааҕы Ленинскэй Коммунистическай Сойууһун чилиэннэрэ этилэр.
Кэнники 30 сыл иһигэр бу тиэмэ улаханнык таарыллыбатаҕа, ол өйдөнөр. Ол гынан баран, биһиги киэн туттар биир дойдулаахпыт, үгүс көлүөнэ дьонун биир сомоҕо оҥорорго турууласпыт Максим Кирович Аммосов аата Сойуус атаҕар туруутугар улахан оруолун туһунан архыып докумуоннарыгар ырылыччы сурулла сылдьар. Онон аныгы дьон быһыытынан кэлэр көлүөнэ ыччат маны билиэхтээх диэн бу ыстатыйаны суруйарга сананным.
Быйыл Нам улууһун дьаһалтатын Кинигэ таһаарыытыгар уонна архыып үлэтигэр анал сүбэтэ биһигини Сибиир куораттарыгар командировкаҕа ыыппыта. Бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ үһүс сырыыбыт буолар (салайааччы — Софронова М.Р., библиографтар — Колпашникова А.С., Никонова А.К.). Быйылгы сырыыбытыгар Омскай, Новосибирск, Иркутскай куораттар архыыптарыгар уонна бибилэтиэкэлэригэр үлэлээтибит. Үлэбит түмүгүнэн научнай хабааннаах улахан “Намский улус в печати” диэн ыйынньык бэчээккэ тахсыахтаах.
Ыйынньык Нам улууһа, дьоно-сэргэтэ, историческай суолтатын арыйар матырыйааллары түмүөхтээх XVII үйэҕэ бастакы нууччалар, казактар улуус туһунан суруйбут дьаһаах хомуйуутугар киллэрбит докумуоннарыттан саҕаланар. Бу иннинэ биһиги Томскай, Иркутскай архыыптарыгар, Санкт-Петербург Кунсткамера уонна Россия этнография музейын пуондаларын көрбүппүт. Маны таһынан бу ыйыллыбыт архыыптарга Сибревком, Саха сирин губревкомун пуондалара сыталлар. Тоҕоостоох кэми мүлчү туппакка, биллиилээх биир дойдулаахтарбыт ыыппыт үлэлэрин хасыһан булан, улуус кэнэҕэски ыччатыгар наадатын өйдөөн туран, куопуйаларын төһө кыайарбытынан аҕала сатаатыбыт. Онуоха Национальнай архыып, Аммосов, Барахов, Ойуунускай аатын сүгэр музейдар үлэһиттэрэ анаан-минээн ырытыыны оҥоруохтара диэн эрэнэбит.
Ыччат Российскай Коммунистическай Сойууһа Сибиир куораттарыгар Омскайга Томскайга, Новониколаевскайга (билиҥҥитэ Новосибирскай), Иркутскайга Колчак армиятын саба баттааһынын кытары ыкса сибээстээх.
Максим Кирович Аммосов 1919 с. Омскай куоракка Сибиирдээҕи Коммунистар партияларын Киин кэмитиэтин аппараатыгар инструктор – тэрийээччи быһыытынан үлэлиирэ. Сибиир куораттарынан комсомольскай тэрилтэлэри тэрийсиигэ эрчимнээх үлэни ыыппытын туһунан архыып докумуоннара туоһулууллар. Партийнай тэрилтэлэр салалталарынан сонно тута Омскайга Ыччат Коммунистическай Сойууһун ячейкалара тэриллэн барбыттара. Партия Омскай куораттааҕы комитета 1919 сыллаахха ахсынньы 6 күнүгэр куоракка Ыччат Комунистическай Сойууһун тэрийэр туһунан Уураах ылыммыта уонна хас даҕаны эппиэттээх партийнай үлэһиттэри тэрийэргэ анаабыта. Биһиги олор истэригэр Аммсосов киирбитин туоһулуур докумуоннары булан аҕаллыбыт.
Омскай куоракка 1919 сыл ахсынньы 26 күнүттэн тохсунньу 1 күнүгэр диэри “Кыһыл ыччат нэдиэлэтэ” диэн куораттааҕы ЫРКС тэрийэр бюрота тэрээһиннэри тэрийэллэр. Ол нэдиэлэ чэрчитинэн Максим Аммосов “Кыһыл ыччат нэдиэлэтэ. Туох буоларый?” уонна “Биһиги эһигини кытары” диэн ыстатыйалары “Советская Сибирь” хаһыакка бэчээттэтэн таһаарбыт. Онно Ыччат Коммунистическай Сойууһун сыалын-соругун ыйбыт, Сибиир ыччатын Ыччат Коммунистическай Сойууһугар киирэргэ ыҥырбыт. Онон, Максим Аммосов Омскайга комсомолу тэрийиигэ сатабыллаах пропагандист, бастыҥ араатар быһыытынан дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэр. 1920 сыл тохсунньутугар Омскай куоракка комсомол чилиэнин ахсаана 1600 киһиэхэ тиийэ охсубута. Ити сыл тохсунньу 4 күнүгэр аһыллыбыт куораттааҕы комсомольскай конференциянан М. Аммосов конференция президиумугар талыллыбыта уонна хас да боппуруоска дакылаат оҥорбута. Дьэ, итинтэн саҕалаан М.Аммосов Сибирь атын куораттарыгар комсомольскай тэрилтэлэри тэрийсэр үлэтэ салҕанан барбыта.
Кыһыл армия чаастара 1920 сыл тохсунньу 8 күнүгэр Красноярскай куораты босхолообуттара. Үс хоноот, ыччат миитинэ ыытыллыбыта. Ол күн ЫРКС Красноярскай куораттааҕы бюрота тэриллибитэ. Онно М.Аммосов бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. “Ыччат кыһыл нэдиэлэтин” кэмигэр Красноярскай куоракка 500 киһи комсомолга киирбитэ. Ити сыл олунньу 11 күнүгэр ЫРКС Красноярскай губерниятааҕы тэрийэр бюрота бигэргэтиллибитэ. Онно М.Аммосов эмиэ киирбитэ. Ити кэмҥэ кини “Кыһыл ыччат” диэн хаһыакка редактордаабыта уонна хас да миитиннэри тэрийбитэ, Кыһыл Ыччат нэдиэлэтин ыытыспыта.
Онтон 1920 сыл тохсунньу ый бүтүүтүгэр партия Аммосовы Иркутскайга комсомолу тэрийэр инструкторынан командировкаҕа ыыппыта. Эдэр Максим өссө революция инниттэн Емельян Ярославскай социал-демократтары иитэн таһаарар куруһуогун чилиэнэ буоларын быһыытынан уонна Сибииргэ кистэлэҥинэн үлэлиир коммунистическай партийнай тэрилтэ араас эриирдээх-мускуурдаах үлэтин уопутун билбит буолан, Иркутскайга кэлээт, туох-баар күүһүн-уоҕун комсомолу тэрийэр үлэҕэ биэрбитэ. 1920 сыл кулун тутар 11 күнүгэр, билиҥҥитэ Иркутскайдааҕы университет дьиэтигэр, Иркутская куорат уонна Знаменскай оройуон ыччаттарын уопсай мунньаҕар дакылаат оҥорбута. Онно кини дойдуга комсомольскай тэрилтэлэр хайдах тэриллэн иһэллэрин, кинилэр үлэлэрин, сүрүн соруктарын толору ырытар дакылааты аахпыт.
Талааннаах тэрийээччи, салайааччы үлэҕэ күүрэн туран ылсыһара. Кини араатардыыр искусствоны сатыыра уонна ханна баҕарар тиийдин да, сытыы тыллаах-өстөөх, политическай дириҥ ис хоһоонноох ыстатыйалары суруйталаан бэчээттэтэрэ. Бу барыта билигин Сибииргэ сылдьан суруйталаабыт 25 ыстатыйалара аҥардас ыччат ортотугар үлэни тэрийиигэ анаммыттара. «Советская Сибирь» хаһыакка 1919 сыл ахсыиньы 23 күнүгэр маннык информационнай матырыйаал бэчээттэммит: «Ахсынньы 19 к. «Гигант» театрга ЫРКС райбюротун тэрийиитинэн митинг-концерт буолбутугар киэҥ саала рабочай ыччаттарынан туолла. Онно Т.Т.Аппасов уонна Аммосов тыл эттилэр.., Ити күн 5-с Гас-портовскайга ЫРКС иккис оройуонун комсомолецтарын мунньаҕа буолла. Мунньах ааһан иһэр быһыы-майгы туһунан Аммосов дакылаатын истэн баран ууратылынна». Ити кэнниттэн М.Аммосов Беднов диэн аатынан «Икки нэдиэлэҕэ үлэ» диэн уһун ыстатыйаны хаһыакка таһаартарбыта. Кини — ыстатыйатын маннык тылларынан түмүктээбитэ: «Биһиги бу курдук хорсуннук этиэхтээхпит: эдэр рабочайдар уонна рабочай дьахталлар, эһиги экономическай уонна духовнай өрө көтөҕүллүүгүтүгэр үлэҕит маҥнайгы хардыыта хайы-үйэ оҥоһулунна. Эһиги ЫРКС кэккэтигэр көхтөөхтүк киирэн, биһиэхэ сырдык кэскиллээх дьыаланы оҥоруугут эрэ хаалла. Бэйэҕит дьыалаҕыт — бэйэҕит илиигитигэр”, — диэн.
«Советская Сибирь», «Красноярский край» уонна «Красная молодежь» хаһыаттарга утум-ситим публикациялара тахсыталаабыттара. Ити матырыйаалларга кини үлэһит, үөрэхтээх ыччат олоҕун уонна саҥа обществоны тутууга соруктарын туһунан билиһиннэрбит.
Биһиги биир дойдулаахпыт Максим Кирович Иркутскайга тэрийээччи ыарахан, түбүктээх үлэтигэр сылдьан, Саха сиригэр комсомолу тэрийэр туһунан телеграмматын төрөөбүт дойдутугар, Саха сиригэр, 1920 сыллаахха муус устарга туппуттара. Саха сирин коммунистарын (большевиктарын) кэмитиэтэ телеграмманы тутаат, ыччаты кытары үлэҕэ эппиэттээх тэрийээччинэн А.Е. Кугаевскайы анаабыттара. Бастакы комсомолецтарынан Саха сиригэр Александр Кугаевскай, Ананий Андреев, Клавдия Глазкова-Петрова, Михаил Слепцов, Илья Попов, Лев Альперович, Давид Кушнарев уонна Лев Гоммерштадт ааттара боротокуолга киирбиттэрэ.
1920 сыл муус устар 16 күнүгэр “Эдэр коммунист”диэн ааттаах 15 киһилээх бастакы ыччат сүбэ мунньаҕа ыытыллыбыта. Ол кэннэ икки күнүнэн, муус устар 18 күнүгэр, Дьокуускайга Ыччат революционнай коммунистическай сойууһун тэрийэр туһунан улахан ыҥырыылаах мунньах тэриллэн, ыччат Сойууһун ыытар үлэтин соруктарын, Устаабын ылыныы, Саха сирин ыччатын сойууһун программатын билиһиннэрии, эдэр дьону чилиэннэринэн ылыы соруктарын, иитэр-үөрэтэр ис хоһоонноох рефераттары уонна лекциялары тэрийэр анал комиссияны тэрийиини быһаарсыбыттара.
Бу кэмтэн саҕалаан, ыччат бастакы түмсүүтэ, Саха сирин комсмола, тэриллибитэ.
Майя Софронова,
Нам улууһунааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин дириэктэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: