“Манна бары кыргыттарбыт, уолаттарбыт”
«Үһүс саас оскуолата» диэн бырайыак дойдуга биир бастакынан, 2012 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай хааччыйыы кэлим киинин иһинэн тэриллибитэ. Бырайыак ааптара — СӨ социальнай сулууспатын үтүөлээх үлэһитэ Наталья Пахомова.
12 тыһыынча киһи дьарыктанна
Үһүс саас оскуолата 12‑с үөрэх дьылын түмүктээн, сайыны көрсө Ньургуһун ыһыаҕын ыста. Оскуола дириэктэринэн Пелагея Прядезникова 2018 сылтан үлэлиир.
«Бастакы дириэктэр — педагогическай наука хандьыдаата Т. П. Аргунова. Туох баар үлэ систиэмэтин кини оҥорбута. Оччолорго волонтер диэн хайдаҕын ким да билбэт этэ. Ааспыт үөрэх дьылыгар 12 тыһыынчаттан тахса киһи дьарыктанна. 30‑тан тахса куруһуоктаахпыт. Ону таһынан, улуустарга филиаллардаахпыт. Күн аайы онлайн дьарыктар буолаллар. “Супербабушка” күрэспитин эмиэ онлайн көрүҥүнэн ыыппыппыт. Тоҕо диэтэр, куоракка тэрээһин элбэх, улуустарга олорор дьоҥҥо кыттар кыаҕы биэриэххэ наада.
Дьиэбит кыараҕас, икки кэбиниэти уонна аактабай сааланы ылан олоробут, социальнай парикмахерскай үлэлиир. Быйыл Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин граныгар кыайбыппыт. “Алмаасэргиэнбаан” “30 добрых дел” куонкуруһугар кыайан, 100 тыһыынча солкуобайы ылан, “Незабудка” диэн түөһэйиини утары саҥа бырайыагы үлэлэтэбит. 200‑тэн тахса киһи дьарыктанна. Сайын лааҕыр арыйан үлэлэтиэхпит», — диэн Пелагея Юрьевна кэпсиир.
“Иккис дьиэ кэргэммит кэриэтэ”
“Иэйии” үҥкүү ансаамбылын салайааччыта Александра Троева оҕо, эдэр сылдьан хореографияҕа үөрэнэ сылдьыбыт, ол оннук хаалбыт. Үйэтин тухары хонтуораҕа үлэлээбит. Биэнсийэҕэ тахсан эрэ баран, дьарыктанан барбыт.
« Ансаамбылбыт 2013 сылтан тэриллибитэ. Былырыын 10 сылбытын толору көрөөччүлээх саалаҕа наһаа үчүгэйдик үбүлүөйдээбиппит. Кэнники икки сылга 5 куонкуруска Гран-при аатын ыллыбыт: өрөспүүбүлүкэҕэ икки төгүл уонна Казаньҥа, Москваҕа уонна Сочига. Лауреат аатын ылбыппыт өссө элбэх. Ансаамбылга сүрүннээн сүүрбэччэ киһи, 57‑тэн 79‑гар диэри саастаахтар, нэдиэлэҕэ түөртэ дьарыктаналлар. Үксэ норуодунай уонна бальнай үҥкүүлэри үөрэтэбит. Фламенко, чарльстон, о. д.а. үҥкүүлэри табыллан үҥкүүлүүллэр. Аһымал аахсыйа быһыытынан, сонотуоруйдарга куруук баран кэнсиэртиибит. Сороҕор гостуруолга да сылдьабыт.
Бастаан тус-туспа, билсибэт дьон буоллахпыт дии. Онтон бииргэ алтыһан, иккис дьиэ кэргэммит курдук буолла. Сир астыырга, балыктыырга кытта бииргэ сылдьабыт. Волонтер диэн хамнаһа суох, сүрэҕин баҕатынан кэлэн үлэлиир киһи. Бэйэм эмиэ сайдабын, доруобуйам көнөр. Урут сүрэҕим ыалдьар этэ, билигин көрдөрдөҕүм ахсын, тупсан иһэр дииллэр».
“Сиэннэрбэр тыыннаах холобур буолабын”
Оттон Юрий Иванов 79 саастаах, сэрии сылын оҕото. Ол эрээри киниэхэ итиччэ сааһы хайдах да биэрбэккин. Сааһын тухары салайар үлэҕэ үлэлээбитэ. 70 сааһыгар диэри биирдэ да сыанаҕа тахсан үҥкүүлээбэтэҕэ.
«80 сааспар үктэнэн, үөрэ-көтө үҥкүүлүү сылдьабын. Доруобай, чөл олох диэни өрө тутабын. Хамсаныы диэн — доруобуйа. Мин “Мозаика” ансаамбылга бальнай үҥкүүнэн эмиэ дьарыктанабын. Үҥкүү олох олорорго көҕүлүүр. 5 оҕолоохпун, 20‑чэ сиэннээхпин, 7 хос сиэннээхпин. Кинилэр эһэлэрэ үҥкүүлүүрүн көрөн үөрэллэр, кынаттаналлар. Онон кинилэргэ тыыннаах холобур буолабын. “Билиҥҥэттэн хамсаннахпытына, биһиги да эһээбит сааһыгар сүүрэ-көтө сылдьыахпыт” дииллэр. Эдэрчи көрүҥнээх буолуу биир куһаҕаннаах — оптуобуска туран биэрбэттэр (күлэр). Ансаамбыл чилиэннэрэ чугас доҕотторум буоллулар. Манна оҕонньор-эмээхсин диэн суох, бары кыргыттарбыт, уолаттарбыт. Саас, чыын-хаан умнуллар, бары тэҥмит, олохтон дуоһуйууну ылабыт, олохпутун бэйэбит киэргэтэбит».
Оҕуруо абылаҥа
Виктория Слепцова: « Салайааччыбыт Н. Ф. Артамонова олус эйэҕэс, эппиэтинэстээх, кыһамньылаах, тулуурдаах. Саҥа саҕалааччылар уонна салҕааччылар диэн 2 бөлөх баар. Биир сыл буолан баран, атын бөлөххө барыахха сөп эрээри, салайааччыбыт ийэлии истиҥ сыһыаныгар үөрэнэн хаалан, киниттэн арахсыахпытын баҕарбаппыт. Бэйэ-бэйэбитигэр наһаа чугас дьон буоллубут. Оҕуруону тиһэр киһи олоҕун, туох баар удьуорун ыраастыыр эбит. Оннук дьикти абылаҥнаах. Урут оҕуруону олох анньыбатаҕым. Манна кэлэн, оҕуруо абылыыр дьикти күүһүн билэммин, умсугуйа ыллардым. Үчүгэйтэн үчүгэйи оҥоруоххун баҕаран, киһи тохтообот эбит. Брошкалары, жгуттары, илин кэбиһэрдэри, бастыҥалары, бөҕөхтөрү оҥоробут. Сиэннэрбитин, оҕолорбутун эмиэ киэргэлинэн хааччыйабыт».
Харысхал оҥорон, байыастарга ыыталлар
Раиса Ощепкова баайыы куруһуогар үлэлээбитэ алта сыл буолла. Былырыыҥҥыттан харысхалы оҥорууга икки бөлөхтөөх. Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга маҥан сиэлинэн харысхал оҥорон, наскы баайан ыыталлар.
« Баайыы бөлөҕөр саамай аҕабыт 87, эдэрбит — 50 саастаахтар. Рафия сабынан сэлээппэ, суумка, күрүчүөгүнэн зонтик баайабыт. Сылга 400‑чэ киһи кэлэн дьарыктанар. Олох сатаабат дьон кытта кэлэллэр. Киһи-киһи араас майгылаах, онон психолог курдук буолаҕын. Саҥаны сатаабыттарыттан үөрэллэр, ол миэхэ күүспэр күүс эбэр. Дьон сиэл биэрэн көмөлөһөллөр. Харысхаллары туппут уолаттар видео ыытан махтаналлар. Былырыын 1000‑тан тахса харысхалы оҥорон ыыппыппыт. Оҕолорго эрэ көмөлөстүн, этэҥҥэ эргиллэн кэллиннэр диэн санааттан, алгыһы иҥэрэн, оҥоробут».
“Манна бары арыллаллар”
Татьяна Яковлева: «Үһүс саас оскуолата баара наһаа үчүгэй. Биэнсийэҕэ тахсан да баран, үлэлээбитим. Дьиэ, үлэ, дьиэ кэргэн — бэйэҕэр бириэмэ да хаалбат этэ. Билигин дьэ, көҥүл курдук сананным. Бэйэбэр сөҥөн сыппыт дьоҕурдарбын, кыахпын барытын бу оскуолаҕа арыйдым. Манна кэлбит дьон бары арыллаллар, сырдыыллар, чэпчииллэр, эдэрдэригэр түһэллэр. Хомсомуоллуу эдэр сааспытын саныыбыт. Кэрэни айабыт, салгыы сайдабыт. “Ютубунан” көрөн, суумкалары оҥорор буоллум. Онон бу дьарыкпытынан харчылаһабыт. Бу курдук кэрэни айан, эбии дохуоттанар бэрт бөҕө буоллаҕа.
Оскуола тэрээһинэ, куруһуога наһаа элбэх. Өссө үҥкүүһүттэри көрө-көрө ымсыырабын. Олох солом суох, күн аайы кыраапыгынан куруһуоктарга сылдьабын. Волонтердуубут, холобур, Кыайыы болуоссатыгар сибэкки олордубуппут. Биэнсийэҕэ тахсан, бэйэ туһугар олоруу — дьоллоох саас. Оҕолорбут да ону өйдүүллэр эбит. Улааппыт оҕолорбутун, сиэннэрбитин бэйэбит наһаа бүөбэйдии сатыыр эбиппит. Билигин бэйэҥ тускунан санаабатаххына, аны хаһан саныаҥый? Онон бу дьарыкпын дьиэ кэргэммэр өйүүллэр, киэн тутталлар.
Таптыыр дьарык киһи үйэтин уһатар, кыраһыабайдык кырдьабыт. Бэйэ-бэйэбититтэн үөрэнэбит, кэрэҕэ тардыһабыт, көрүнэбит, киэргэнэбит. Бу бөлөххө бары тэҥ саастаах, өйдөөх-санаалаах, көхтөөх дьон мустан, ыкса доҕордостубут. Арахсыахпытын баҕарбаппыт, тутуспутунан саҥа куруһуокка барарбыт буолуо. Өссө ханна эрэ айанныы барыахпытын баҕарабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: