Маннык бити билэҕит дуо?

Share

Киһи этинэн-сиининэн сэрэйэн эбэтэр туохха эрэ олоҕуран бу күннэргэ туох буолуохтааҕын билэр. Биттэнии арааһа элбэх. Олортон киэҥник тарҕаммыт биттэнии маннык.

Үгүстэр хааспыт кыһыйда, туохха эбитэ буолла диэн санаан баран бэрт түргэнник умнан кэбиһэбит. М.А. Попова “Саха төрүт культурата. Итэҕэл” кинигэтигэр бу курдук суруллубут:

Уҥа хааһыҥ кыһыйар – үөрэҕин.

Хаҥас хааһыҥ кыһыйар – кыыһыраҕын.

Үөһээ халтаһаҥ тардыалыыр – туох эмэ саҥаны көрөҕүн.

Алын халтаһаҥ тардыалыыр – ытыыгын.

Атаҕыҥ уллуҥаҕа кыһыйар – эһиэхэ ыраахтан киһи кэлэр эбэтэр бэйэҥ айанныыгын.

Тылгар кэлтэһэ тахсар – кэһии кэлэр.

Силгэр чачайаҕын – сонун аһы аһыыгын.

Кулгааҕыҥ чуҥкунуур – туох эрэ үчүгэйи истэҕин.

Окумалыҥ аллараа диэкинэн тас тириитэ тардыалыыра (ол аата өлбүттээхтэр, киһилэрин көмөн баран, буору тэбэнэр сүрдэрэ) – билэр киһиҥ өлбүт сураҕын истээри гыннаххына.

Сэҥийэҥ кыһыйар – саҥараҕын.

Кулгааҕыҥ кытарар, итийэр – кимнээх эрэ эн тускунан кэпсэтэллэр.

What’s your Reaction?
+1
17
+1
0
+1
3
+1
0
+1
3
+1
1
+1
5

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

4 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

4 часа ago