Маннык уһуйааннар элбии турдуннар

Share

Дьокуускайга  “Прометей” микро-оройуоҥҥа баар Т.С.Комарова аатынан 18-c №-дээх “Прометейчик” уһуйааҥҥа Оҕо көмүскэлин күнүн иннинэ анаан-минээн тиийдибит. Бу оройуон хара тутуллан киириэҕиттэн бэйэтин иһигэр уһуйааннаах.  “Прометейчик” уһуйаан 2015 сыллаахха аһыллыбыта. Сэбиэдиссэйинэн  Мария Сергеевна Трофимова үлэлиир.

Сахалыы тыыннаах «Кулунчук» бөлөххө

Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриитэ

«Прометей» оройуоҥҥа киириибитигэр, уҥа үс кэккэлэһэ турар үрдүк мэндиэмэннээх дьиэлэргэ «Прометейчик» уһуйаан иккис куорпуһа баар. Тимир күрүөлээх олбуор­даах, уһуйаан кирилиэһин таһыгар уонча самокат, оҕо кэлээс­кэлэрэ кэчигирэспиттэр. Дьэрэкээн өҥнөөх, ыраас баҕайы оҕо былаһаакката нэлэһийэр. Оруобуна  оҕолор күнүскүлэрин утуйан турууларыгар тиийдибит. Биһиги чугас­тыы бастаан бу куорпуска баар «Кулунчук»  бөлөҕөр сылдьан ааһарга быһаарынныбыт. Бахила кэтэн, соммутун устан уһуйааҥҥа киирбиппит, кырачааннар, иккилэрин саҥа ааспыт дьон, утуйан туран тоо­тоҥноһо сылдьаллар. Сорохтор дьоҕус остуолларга үстүү-түөртүү буолан хабылык, хаамыска оонньуу олороллор.

Иитээччи Мария Иовлева биһигини сэргэхтик көрүстэ:

– «Прометейчик» уһуйааҥ­ҥа дьааһыла саастаах оҕолорго аналлаах түөрт бөлөх баар. Манна дьааһыла аһыллыаҕыттан үһүс сылбын үлэлиибин. Ол курдук,  «Кулунчук» бөлөхпөр 37 оҕо сылдьар. Үлэлииргэ-үүнэргэ бары усулуобуйа баар. Бөлөхпүт аатын курдук сахалыы тыыннаах. Манна оҕолорун сахалыы иитиэн баҕарар төрөппүттэр сырытыннараллар. Дьааһылабытын быйыл үс бөлөх бүтэрэр. Оҕолорго физкултууралыыр, ырыаҕа уһу­йар анал саалалардаахпыт. Күһүн быыкаайык дьон кэлбиттэрэ, билигин лаппа улааттылар. Саҥарар, хоһоон ааҕар буоллулар. Самаан сайыны көрсө Ньукуолун күн ыһыах­таабыппыт. Төрөппүттэр би­­һиэхэ эрэнэн оҕолорун сахалыы бөлөххө биэрэллэригэр махтанабыт.

Оҕолор оонньуур куукулалара барыта сахалыы таҥас­таахтар, бу таҥастары иитээччи Мария Иовлева оҕолор утуйа сыттахтарына тигэр. Биһиги кэпсэтэн бүтэн, хаартыскаҕа түһэрэн тахсыыбытыгар, оҕолорго түөртүүргэ чороон­норго үүт уонна сахалыы лэппиэскэ түҥэттилэр. Чахчы сахалыы тыыннаах бөлөххө сылдьыбыппытыттан олус астынныбыт.

Сахалыы балаҕаннаах «Күнчээн» бөлөххө

«Күнчээн» бөлөххө оҕолор бары эмиэ сахалыы таҥастаах оонньуу сылдьалларыгар түбэс­тибит. Дьоҕус балаҕан оҕото, сахалыы хабылык, хаамыска оонньуурдар, саламалаах сэргэлэр харахпар тута быраҕылыннылар. Оҕо сахалыы тыынын уһугуннарарга чахчы даҕаны үлэһиттэр болҕомтону ууралларын биһирээтим. Биһигини бу орто сүһүөх бөлөх иитээччитэ Марина Яковлевна Никифорова сахалыы таҥас­таах көрүстэ. Иитээччи маннык сахалыы куттаах буоллаҕына, ол эйгэ оҕолорго бэриллэрэ саарбаҕа суох диэн испэр санаан аһардым.

– Бу уһуйааҥҥа үлэлээбитим сэттис сыла буолар. Биһиги бөлөхпүтүгэр  44 оҕо сылдьар. Бу аҕыйах хонугунан орто сүһүөх бөлөҕү бүтэрэн баран кэлэр күһүҥҥүттэн улахан сүһүөххэ тахсыахтара. Үөрэхпит туһунан сырдатар буоллахха, оҕолор үөрэтэр бырайыак тиэмэтигэр сөптөөх хайысхаларын бэйэлэрэ талан, оонньуу нөҥүө дьарыктана бараллар. Холобур, ким суоттуу, ким оруол­лаах оонньуу, ким уруһуйдуу. Оҕо бэйэтэ талан тугу баҕарарынан оонньуура киниэ­хэ ордук туһа­лаах. Үөрэтэ сылдьар тиэмэтин ордук чугастык ылынар буолар. Уһуйааҥҥа араас ха­­йысхалаах үлэлэр ыытыллаллар. Оҕолор саҥарар, оонньуур дьоҕурдарын сайыннарарга анаан, ый аайы  «Мин сөбүлүүр остуоруйаларым», «Мин – чинчи­йээччибин», «Кэскиллээх ­ааҕааччы» сиэссийэлэр ыытыллаллар.  Ааспыт ыйга «Алыптаах остуоруйаларга» төрөппүттэри кытыннарбыппыт. Үлэбитигэр сыһыаран оҕолору кытта тэҥҥэ үлэлэһэллэригэр кыһаллаыт. Үөрэхпит бырагырааматын хайысхата оннук сорук­таах. Оҕо сайдыытыгар төрөппүт уонна оҕо иккиэн кытталлара ордук. «Мин чинчи­йээччибин» диэн сиэссийэбитигэр оҕо тугу билиэн баҕарарын чинчийэр, үөрэтэр. Ол курдук үөн-көйүүр, айылҕа, от-мас о.д.а тиэмэлэри булан үлэлэһэр. Онон быра­йыак оҥорон нэдиэлэнэн үлэлиибит. Төрөппүттэргэ көстөрүн  курдук,  киирии ааммытыгар  үлэбит былаанын ыйыыбыт. Оҕолорун аҕала, ыла кэллэхтэринэ, ити бырагыраамалары билсэллэр. Билигин буукубаны эҥин үөрэппэппит, оҕолор тиэмэлэринэн төрөппүттэрин кытта үлэлэһэн манна кэлэн кэпсииллэр. Сүрүннээн айылҕа халандаарын үөрэтэбит. Дьыл кэмин уларыйыытын, сахалыы нэдиэлэ күннэрин, ахсааны үөрэтэбит. Быһата, оҕо күннээҕи олоҕор суолталаах би­­лиини иҥэрэргэ дьулуһабыт.

Улахан сүһүөх бөлөҕөр

Бачча кэлбиччэ, аны биһиги «Светлячок» диэн улахан сүһүөх бөлөххө киирэргэ быһаарынныбыт. Манна номнуо оскуола боруогун атыллаары сылдьар дьоһун дьон доргуччу айхаллыы көрүстүлэр. Иитээччи  – Екатерина Новгородова. Оҕолор эмиэ сахалыы таҥас­таахтар, таҥастарын угар ааннаах ыскаап­тарыгар ааттара-суоллара, хаартыскалара сыһыарыллыбыт. Икки эрээтинэн кэккэлэспит дьоҕус ыскааптар икки ардыларыгар чуорааннардаах Аал Луук мас дьэндэйбит. Оҕолор бөлөхтөрүн иһигэр  эмиэ дьоҕус саха балаҕана, оонньуурдардаах долбуурдар, эркиннэргэ оҕолор уруһуйдара  кэккэлэспит. Мин ордук «Тутуу эйгэтэ», «Ас-үөл эйгэтэ» диэн туспа ыйынньыктардаах муннуктары сэргээтим. Хас биирдии муннукка оҕолор үлэлэрэ туспа паапкаларга сааһыламмыт. Сайын кэлбитин көрсө сибэкки арааһын ойуутун оҕолорго көстөр гына ыйаабыттар. Биһиги уһуйааны субу бүтэрээри сылдьар оҕолору хаартыскаҕа түһэртээн, сэһэргэһэ түһэн баран бардыбыт. Киин куораппытыгар дьиҥ сахалыы тыыннаах уһуйаан үлэлиирин көрөн олус астынным. «Прометей»  оройуоҥҥа эдэр ыал уһуйаан да туһуттан олохсуйа кэлиэхтэрин сөп эбит диэн сабаҕалаатым. Олохпут сибэккилэрин, оҕолорбутун,  иитэн-такайан таһаарар маннык уһуйааннар өссө да элбии турдуннар диэн түмүкпэр баҕа санаабын этиэм этэ.

Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

Сэттэ кафедралаах уһуйаан

Салгыы  «Прометейчик» уһуйаан сүрүн куорпуһугар бардыбыт.  Уһуйаан сэбиэдиссэйэ Мария Сергеевна мунньахха барбыт буолан, бөлөхтөрү сүрүннүүр  старшай иитээччи Альбина Егорова көрүстэ.

– Уһуйааммытыгар 20 бөлөхтөөхпүт. Уопсайа 679 иитиллээччилээхпит.  Аныгылыы педагогическай хайысханы киллэриигэ сэттэ кафедралаах оскуола-лаборатория тэриллэн үлэтин саҕалаабыта. Олортон биир сүрүн кафедрабыт  – «Төрүт тыл уонна култуура». Оҕо төрөөбүт тылын, үгэстэрин, култууратын билэ-көрө улаатарыгар сүрүн болҕомтону уурабыт. Кафедраҕа сахалыы бөлөхтөрбүт иитээччилэрэ уонна ырыа салайааччылара киирбиттэрэ. Бу хайысханан сөп түбэһиннэрэн сыллааҕы былааммытын оҥостон үлэлиибит. Кафедрабыт хайысхатынан куораппыт  мусуойдарын, тыйаатырдарын кытта ыкса үлэлэһэбит. Ону сэргэ Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр анаммыт туспа быра­йыактардаахпыт, хас сэрэдэ ахсын олоҥхо истэбит. Ол курдук, уһуйаан үрдүнэн олоҥхону холбоон кэбиһэбит. Оҕолор оонньуу сылдьан, аһыы олорон, дьарык да кэмигэр истэ сылдьаллар. Ити оҕо уйулҕатыгар, өйө-санаата тобулларыгар олус туһалаах. Ону сэргэ сахалыы күн-дьыл туругун, ый-хонук бэлиэлэрин үөрэтэбит. Оҕо кыра сааһыттан маны билэ улаатара улахан суолталаах. Уһуйааммытыгар 109 үлэһиттээхпит. Үс куорпуһунан олорон үлэлиибит. Мантан 6 бөлөх – сахалыы, 14 бөлөх – нууччалыы. Быйыл уһуйааммытын 174 оҕо бүтэрдэ. 20 бөлөххө  45-тии оҕо сылдьар.

Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриитэ.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Юлия Белехова ХИФУ-га сырытта

Бүгүн, сэтинньи 28 күнүгэр, Хотугулуу- Илиҥҥи федеральнай университет учуонай Сэбиэтин саалатыгар РФ Аҕа дойдуну көмүскээччилэр…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?

«Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?», - диэн «Саха сирэ» саайт ааҕааччылара ыйыталлар. Бу ыйытыкка…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга Ийэ күнүгэр төрөөбүт оҕолору таһаардылар

Дьокуускайдааҕы килиньиичэскэй балыыһаҕа сэтинньи 24 күнүгэр, Арассыыйаҕа Ийэ күнүгэр, күн сирин көрбүт оҕолору таһаарыы үөрүүлээх…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арассыыйаҕа дьиэ кыылын ииримтийиитэ суоһуур дуо?

Бу күннэргэ кэккэ СМИ-нэн Омскай, Амур уобаластарын уонна Санкт-Петербург, Краснодар, Москва куораттарын олохтоохторо ииримтийбит ыттарга…

7 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥаласка тэлэбииһэр уорбут 30 саастаах дьахтары туттулар

Хаҥалас улууһун олохтооҕо дьиэтин иһиттэн малын уорбуттарын туһунан полицияҕа тыллаабыт. Эмсэҕэлээччи эр киһи 30 000 солк.…

8 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Владимир Путин Казахстаҥҥа сырытта

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин сэтинньи 27-28 күннэригэр Казахстаҥҥа командировкаҕа баран кэллэ. Казахстан бэрэсидьиэнин Касым-Жомарт…

8 часов ago