Маны билэҕин дуо? Сахалыы кээмэй
Уһуну кэмнээһин.
Уһуктаах сүөм — сөмүйэлээх эрбэҕи атыччы туттубут кэннэ эрбэх төбөтүттэн сөмүйэ төбөтүгэр диэри кээмэй (16-17 см.)
Муҥур сүөм — сөмүйэни орто сүһүөҕүнэн токуччу тутан баран ууруллубут сүөм (13 см.)
Харыс — эрбэх уонна ортоку тарбах икки ардын устата.
Ыллар харыс — төһө кыалларынан күүскэ баттаан кэмнээһин.
Бөрсүөк — тарбах ортоку сүһүөҕэ (4,4 м.)
Тутум — сутурук үрдүгүн уһуна.
Суор холото — эрбэҕэ сарайбыт сутурук үрдүгүн уһуна.
Уллуҥах устата — киһи уллуҥаҕын саҕа уһун.
Тобук — атах тарбаҕын төбөтүттэн тобукка диэри кээмэй.
Ылгын чыҥыйа — ылгын чыкыйа (чыҥыйа) тарбах халыҥын саҕа.
Тоҕонох (тоҥолох) устата — орто тарбах төбөтүттэн тоҕонох сүһүөҕүн токуйар сиригэр диэри кээмэй.
Түөс аҥаара — туора ууммут илии ортоку тарбаҕын төбөтүттэн түөс ортотугар диэри кээмэй.
Саха ыалын халандаарыттан,
«Бичик» кинигэ кыһата таһаарбыт халандаара, 2006 с.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: