Салгыы
МАРАЛ — Марианна уонна Алексей  

МАРАЛ — Марианна уонна Алексей  

17.12.2022, 16:22
Бөлөххө киир:

Саха киһитэ тирии оҥоһугу былыр былыргыттан кэрэхсии ылынар буолан, “Марал” тэрилтэ хаһаайыннара бэйэ суолугар таба үктэниигэ уустуктары көрсүбэтэхтэрэ.

Буолаары буолан, ыал аҕа баһылыгар бу дьыаланан дьарыктаныы өбүгэтин хаанынан бэриллибит буолан эбитэ дуу, сыыйа тирии оҥоһугар интэриэһэ улаатан испит.
Бүгүн “Саха сирэ” хаһыакка ыалдьыттыыр “Саха сиригэр оҥоһулунна” бренд хайысхатынан “Марал” тирии оҥоһугу оҥорон таһаарар тэрилтэ салайааччыта Алексей Федоров.

Монголияттан саҕыллыбыт толкуй

— Алексей Алексеевич, кэпсэтиибитин тирии оҥоһугу оҥорон таһаарыы курдук кэскиллээх толкуй хаһан олоххо киирбититтэн саҕалыахха.
— Мин эргиэн үөрэхтээхпин, кэргэним Марианна Петровна эмчит идэлээх. Бэйэм Ньурбабын, кэргэним – Таатта. Кооперативнай тиэхиньукуму бүтэрэн баран, үлэлии сылдьан Новосибирскайдааҕы кооперативнай университекка үрдэтиммитим. “Саха-Ас”, “Центроснаб”, “Якутоптторг” курдук улахан тэрилтэлэргэ үлэлээбитим. “Якутоптторга” бааза дириэктэринэн үлэлиир кэммэр ырыынак эйгэтигэр үлэлиир суолум арыллыбыта диэххэ сөп.

Үлэлиир усулуобуйа – бэрт

Дьэ, хаһааҥҥыттан баҕа санааҕын олоххо киллэрэн барбыккыный?
— Үлэбитин 2015 сыллаахха үһүө буолан саҕалаабыппыт – бэйэм, кэргэним уонна дизайнер идэлээх аймах быраатым. Бастааҥҥыттан дьиэ кэргэн биисинэһин тэринэргэ санаммыт буолан, үлэһиттэрбитинэн бырааттарбыт, балтыларбыт этэ. Орто уолбут үлэлэһэн саҕалаабыта. Билигин салалтаны кытта холбоон 20-чэ үлэһиттээхпит. Сүрүннээн үлэлиир баҕалаах ыччаттары ылабын. Оҕо дьон ирдэбилбин тутуһаллар, түргэнник ылыналлар. Сыстыганнаах дьаҥ иннинэ сылга иккитэ Монголияттан анал уопуттаах исписэлииһи аҕалан үөрэттэрэр этибит. Үөрэммит ыччат атыттары үөрэтэн иһэр. Ол иһин кэлин бэйэбит күүспүтүнэн дьоммутун үөрэтэбит. Монгуоллардааҕар сахалар толкуйбут да атын, сайдан иһэр да буолан, суолбутун бэйэбит тэлэбит. Түгэнинэн туһанан, кэнэҕэски үлэһиттэрбитин да булуо этибит диэн, устудьуоннары биһиэхэ үлэ быраактыкатын баралларыгар ыҥырыа этибит. Кэлэктииппит иллээх, дьоммутугар үлэлиир усулуобуйаларын тэрийэбит, тэрилтэ суотугар аһатабыт. Тэрилтэбит эбиэтэ уонна сынньалаҥа суох үлэлиир. Билигин Саҥа дьыл буолаары турар буолан, сакаас элбэх. Уонна килийиэннэрбит эбиэт кэмигэр кэлэр-барар буолан, кинилэр кыраапыктарын тутуһабыт. Үлэһиттэр бэйэ-бэйэлэрин солбуйса охсоллор. Хамнас төлөбүрэ үчүгэй, бырааһынньыкка ноҕуруускаларын учуоттаан, эбии төлүүбүт. Сылга иккитэ “тринадцатай” хамнастаахтар.

Атыы хамаҕатык барар

Сакаас киириитэ, бородууксуйаны батарыы хайдаҕый?
— “Айсберг” уонна “Экспо-центр” эргиэн кииннэригэр бэйэбит икки маҕаһыыннаахпыт.
Атыыбыт саамай барар кэмэ – Саҥа дьыл бырааһынньыга. Сакаас элбии түһэр. Кууһунан атыылаһар бастайааннай килийиэннэрдээхпит, тэрилтэлэрдээхпит. Дьиэ кэргэн бырааһынньыга буолан, эҕэрдэ суруктардаах сакаас үгүс. Ол иһин атыыга хамаҕатык барар табаардарбытын сайыҥҥы кэмҥэ эрдэ оҥорон бэлэмнээн кэбиһэбит. Инньэ гынан, хаачыстыба да өттүнэн дьон астынар.

Тирии – Арассыыйа куораттарыттан

Бородууксуйа матырыйаалын хантан аҕалаҕыт? Тириини атылаһарга туох ирдэбили тутуһаҕыт?
— Урукку сылларга Монголияттан атыылаһар буоллахпытына, билигин Арассыыйа эрэгийэннэриттэн, Белоруссияттан аҕалабыт. Монголияттан да салгыы ылыа этибит буолан баран, бу дойду ынахтара баастах-үүттээх буолан, тириитигэр наһаа көстөр буолааччы. Монгуолларга ол хаачыстыба бэлиэтэ буолан, биһирэнэр. Оттон биһиги килийиэннэрбит туох эрэ дьиэк курдук ылыналлар. Ол иһин хаачыстыбалаах табаары Арассыыйа киин куораттарыттан ылабыт. Биһиги бэлэм кырааскаламмыт урулуону ылабыт. Анаан өҥнөрүнэн сакаастыыбыт. Саха сиригэр тирии оҥорон таһаарар собуот суох. Уонна биһиэхэ сүөһүнү саха быһаҕынан астыыллар. Ол иһин тириини быһан, алдьатан кээһэллэр.

Улуус баһылыктарыгар ыҥырыы

— Үлэлиир сиргитигэр массыына-тэрил арааһа баар эбит. Саҥатык көстүүлээхтэр, аныгы технологиянан үлэлииргит харахха тута быраҕыллар.
— Үлэбитин үс массыынаттан саҕалаабыппыт. Билигин 10-тан тахса үлэ араас көрүҥүн оҥорор тэриллээхпит. Сыл аайы саҥардан иһэбит. Туох тэрил тиийбэтин, наадатын сылы быһа толкуйдуубун. Сорох массыына сылга биирдэ туһалыыр. Кууһунан сакаас кэмигэр массыына барыта үлэлиир. Ол курдук, Саҥа дьыл кэнниттэн аны олунньу 23 күнэ, онтон аҕыйах хоноот, аны кулун тутар 8 күнэ үүнэр. Онон үлэ күөстүү оргуйар. Сыл аайы оҥорор бородууксуйабыт ахсаана элбээн иһэр. Кууһунан ылар килийиэн ахсаана эмиэ эбиллэ турар. Билигин улуустары кытта үлэни тэтимирдиэхпитин баҕарабыт. Онон, түгэнинэн туһанан, улуустар баһылыктарыгар “кууһунан сакаастарга тустаах чэпчэтиилэри оҥоробут, онон сакааста оҥоруҥ” диэн хаһыат нөҥүө ыҥырабыт.

Социальнай ситим – сайдар саҕах

Тэрилтэҕит “Марал” диэн ураты ааттаах. Хайдах эрэ ис хоһооно тириини кытта ситимнээх курдук.
— Бастаан утаа үһүө буолан саҕалыырбытыгар маҕаһыыннарга кыралаан сүүрбэччэ тирии оҥоһугу туттарбыппыт. Ити 2015 сыл алтынньытыгар этэ. Арай сэтинньигэ инстаграмҥа биир оҥоһукпут хаартыскатын таһааран баран, хайдах оҥорһуллубутун, ис хоһоонун суруйбутум кэнниттэн, сарсыныгар сурутааччым ахсаана 3 тыһыынча буола түспэт дуо?! Кэргэмминээн соһуйдубут аҕай. Социальнай ситим күүһүн онно итэҕэйбиппит.
Аны инстаграммытыгар суруйарбытыгар тэрилтэбит аата суох. Кэргэмминиин аат толкуйугар түстүбүт. Хата, өр бириэмэбитин бараабатахпыт, чаас аҥаарынан биир санааҕа кэлбиппит – ааттарбытын холбуур эбиппит диэн. Инньэ гынан, Марианна уонна Алексей ааттарбыт бастакы сүһүөхтэрин холбоон “МАРАЛ” диэн ааты толкуйдаабыппыт. Аны ол ааппыт, нууччалыы эттэххэ, “благородный олень” диэн таба биир мааны уонна бөдөҥ көрүҥэ эбит. Хайдах эрэ өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр тахсарбытыгар, хата, бэрт аат эбит дии санаабыппыт. Ол оннук буолбута. Ааппыт туһалыыр аҕай.

“Марал” ыыра кэҥиир

— “Өрөспүүбүлүкэ таһыгар үлэлиэхпит” диэн эрдэттэн олус да кэскиллээх толкуйдаах эбиккит. Ити киирэр аан аттыгар дойду араас куораттарыгар тарҕанар баһыылкалары бэлиэтии көрдүм. Ити ханна эрэ айанныыр сакаастар дуо?
— Ити эмиэ туспа устуоруйалаах. Арай биирдэ Подмосковьеттан “блогербын” диэн биир эдэр дьахтар суумка сакаастаан эрийдэ. Аатынан сирдэтэн киирэн көрбүппүт, мөлүйүөҥҥэ тиийэ сыһар сурутааччылаах эбит! “Биһиги эйиэхэ босхо тигэбит, эн биһигини эрэкэлээмэлээ” диэн буолла. Сакаасчыппыт сөбүлэстэ. Биһиги киниэхэ сыалай кэмпилиэк тигэн ыыттыбыт. Блогербыт сакааһын тутан баран, үөрэн, биһиги хайдах үлэлиирбитин, оҥоһуктарбытын ыыппыт видеобытын туһанан, бэйэтэ пост таһаарбыт. Сарсыҥҥытыгар Арассыыйа куораттарыттан, уобаластарыттан, бөһүөлэктэриттэн буолунай сакаас тигинээн кэллэ. Төлөпүөммүт олох оргуйан олорор. Германияттан, Францияттан, Израильтан тиийэ. Ол дуораана билигин да охсуллан, Владивостоктан Воронежка тиийэ сакаас кэлэ турар. Биигин инстаграмҥа 42 000 сурутааччылаахпыт. Буостаҕа тиийэн уочараттыы-уочараттыы ыытар этибит. Хата, биһигини бэлиэтии көрөн, утары баран, билигин буостаҕа тиэстибэккэ куйаар ситиминэн төлөөн, үлэбит биллэ чэпчээтэ. Аны 1:С бухгалтерияҕа киирэн, табаар туттарбыт маҕаһыыммыт бородууксуйабытын төһө батарбытын, өссө тугу эбии оҥорон биэрэрбитин интэриниэтинэн көрө-истэ, анаара олоробут.
… Дьэ, ити курдук, “мараллар” үлэлэрин хайысхатын бэрт сэргэхтик тэрийэн, сатабыллаахтык үлэлии олороллор.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: