Марат Хуснуллин: Арассыыйа 152 тыһыынчаттан тахса олохтооҕо 2022 сылга саахалламмыт дьиэттэн көстө

Share

“2022 сыл 11 ыйын түмүгүнэн 2,52 мөл кв.м. саахалланар туруктаах дьиэттэн 152688 киһи көстө. “Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыак үлэлиэҕиттэн уопсайа  424473 киһи көстө”, — диэн Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Марат Хуснуллин иһитиннэрдэ.

Билигин 2017 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри саахалланар туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэртэн көһөрөллөр. “Эрэгийиэннэр бу бырагырааманы олоххо олоххо киллэриигэ үчүгэй тэтимнээхтик үлэлииллэр. Тоҕус субъект көһөрүү билиҥҥи бырагырааматын хайыы-үйэ түмүктээтэ, өссө биэс бу сыл бүтүөр диэри түмүктүөҕэ. Аҥаардас сэтинньи ыйга саахалланар туруктаах дьиэ пуондатыттан 12750 Арассыыйа олохтооҕо көһөн таҕыста”, — диэн “Сири-уоту сайыннарыы пуондата” публчнай-быраап хампаанньатын дириэктэрэ Ильшат Шагиахметов бэлиэтээтэ.

Уопсайа “Сири-уоту сайыннарыы пуондатынан” субъектарга 32739 млрд солкуобай кээмэйдээх үбү саахаланар туруктаах дьиэттэн көһөрүүгэ ыыттылар. 2022 сылга эрэгийиэннэргэ 155,93 млрд солкуобай кээмэйдээх үбү-харчыны ыытыыны бигэргэппиттэрэ.

Билигин үлэлии турар көһөрүү бырагырааматын (2017 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри саахалланар туруктааҕынан билиниллибит дьиэттэн-уоттан) түмүктээбит  эрэгийиэннэр 2017 сыл кэннэ манныгынан билиниллибит саахалланар туруктаах дьиэ пуондатыттан көһөрүүгэ үбү ылаллар.

РФ Бырабыыталыстыбатын саайтыттан

Хаартыска: интэриниэттэн

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

3 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

4 часа ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

4 часа ago