Марина Бахилина АГАТУ устудьуоннарын кытта көрүстэ

Share

Дьокуускайга Владимир Путин  итэҕэллээх киһитэ  Марина Бахилина АГАТУ устудьуоннарын кытта көрүстэ. Саха сирэ Донецкай Өрөспүүбүлүкэҕэ баар тирэх пуунун волонтера байыастарга көмөлөрүн иһин устудьуоннарга махтанна.

Хаартыска: Арктикатааҕы агротехнологическай университет

Оҕолор маладьыастар, фроҥҥа, госпиталларга быһаччы көмөлөһөн, окуопа чүмэчилэрин уонна бородуукталары оҥорон таһааран, ыыталлар. Байыастар төрөөбүт дойдуларыттан тэйэ сылдьан, дьиэтээҕи астарын олус ахталлар. Кинилэр тута төрөөбүт дойдуларын саныы түһэллэр, өрөспүүбүлүкэ кинилэри соҕотохтуу хаалларбатын билэллэр, көмө иһин махтаналлар, — диэн Марина Бахилина эттэ.

Арктикатааҕы агротехнологическай университет устудьуоннара улуустартан кэлэр хааһы үргээн, балык ыраастаан, атын да аһы бэлэмнээн, байыастарга ыыталлар.

— Биһиги «Патриот14» волонтер түмсүүтүгэр сылдьан, өстөөхтөн саһыарар сиэккэлэри өрөбүт, окуопа чүмэчилэрин оҥоробут, оонньуурдары, харысхаллары тигэбит. Мантан да атын тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттабыт, тоҕо диэтэр, туора туран хаалыа суохтаахпыт, — диэн устудьуоҥка  Нарияна Попова кэпсээтэ.

Бу көрсүһүүгэ ыччат өйөөһүн, саҥа каадырдары бэлэмнээһин боппуруостарын эмиэ таарыйдылар. Эспиэрдэри, волонтердары кытта көрсүһүүгэ сүүстэн тахса устудьуоннар уонна преподавателлэр кытыннылар. Эдэр дьоҥҥо чугас кыһалҕалары ырытыспыт буолан, устудьуоннар эспиэрдэри сэргээн иһиттилэр, бэйэлэрин ыйытыыларын биэрдилэр.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

1 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

6 часов ago