Салгыы
Мария Емельянова: «Түмсүүлээх буолуоҕуҥ!»

Мария Емельянова: «Түмсүүлээх буолуоҕуҥ!»

07.10.2022, 10:09
Бөлөххө киир:

СӨ Саллааттар ийэлэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Емельянова хаһан даҕаны дойдуга, өрөспүүбүлүкэҕэ буола турар быһыыттан-майгыттан туора турбат хорсун санаалаах киһи. Бүгүн  кинини көрсөөрү, өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал көмө ыстаабыгар тиийдим.

Көмө хомуйар ыстаапка иккис сылдьыым. Бастакы күммэр үлэ-хамнас хайдах бара турарын билсэ таарыйа сылдьан Мария Емельянованы көрсөн бүгүҥҥү күммүтүн болдьоспуппут. Ыстаапка киирээт, киһи тута өйдүүр, манна балаһыанньа ба­­йыаннай. Ким даҕаны наҕылыйан олорбот, үлэ күөстүү оргуйар.

Уопсай биир ыстаапка көмөнү хомуйар ордук

– Дойду үрдүнэн буола турар быһыыны-майгыны хаһыат, социальнай ситим, күөх экран нөҥүө истэ-билэ олорбуппут. Эмискэ суһал байыаннай хомуур буолбутугар дьон-сэргэ айманна, онуоха эһиги түмсэ охсон көмө хомуйар суһал ыстаап тэрийбиккит. Дьон балаһыанньаны  хайдах ылынна дии саныыгын.

– Буола турар быһыыны-майгыны дьон саҥа өйдөөн эрэр. Урукку өттүгэр манныкка түбэспэтэх буоламмыт, барыта олус соһуччу буолла. Онуоха бастакы уонна соһуччу буолан дьону хомуйууга сыыһа-халты тахсыталаабыта. Онуоха Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич быһаччы кыттыһан быстах байыаннай хомуурга түбэспит дьон дойдутугар төннүбүтэ. Билигин военкоматтар син оннуларын буллулар диэххэ сөп. Бастакы аймалҕан арыый уоскуйа быһыытыйда.  Биһиги быстах байыаннай хомуурга барбыт уолаттарбытыгар анаан көмө хому­йар суһал ыстаап тэриммиппит. Манна билигин 12 үлэһиттээхпит. Сарсыарда тоҕус чаастан киэһэ уон бииргэ диэри ыстааппыт тохтоло суох үлэлиир. Ыстааппытыгар көмөлөр киирэллэр. Биирдиилээн дьон ким туох кыах­тааҕынан аҕалар. Аны билигин тэрилтэлэр кыттыһан эрэллэр. Саха сириттэн быстах байыаннай хомуурга элбэх уол барда. Онон бары түмсэн көмө хомуйарбыт олус наада. Ыстааппыт үлэлиэҕиттэн элбэх көмө ыытылынна. Приморьеҕа, Хабаровскайга баран эрэр уолаттарга утуйар мөһөөччүктэри, ол-бу туттар мал-сал, эмп-томп биэрэн ыыппыппыт. Ону сэргэ улуус­тартан, оннооҕор дэриэбинэттэн  бэ­­рэстэбиитэллэр тиийэн уолаттарга мал-сал биэрэллэр. Манна тоһоҕолоон этиэм этэ, ыраах тайаан сытар улуус­тартан бэрэстэбиитэллэр итинник көмөнү илдьэр кыахтара эмиэ суох. Онон уолаттарбытыгар барыларыгар тэҥ көмө тиийэрин курдук уопсай биир ыстаапка көмөнү хомуйар ордук буолуо этэ.

Ийэлэр барахсаттар сүбэ-ама ылаары эрийэллэр

– Көмө хомуйар суһал ыстаап туһунан кэпсиэҥ дуо? Ордук туох көмө нааданый?

– Быстах байыаннай хомуур саҕаланыаҕыттан биһиги, Саха сирин дьахталларын түмэр уопсастыба, Анжелика Егоровна, Евгения Исаевна буолан түмсэммит мунньахтаабыппыт уонна СӨ Ил Дархана Айсен Сергеевичкэ сурук ыыппыппыт. Ол кэннэ билигин үлэлээн эрэр көмө ыстаабын тэринии мунньаҕын  тэрийии туһунан сү­­бэлэспиппит. Ирина Саввинаны уонна Гульнара Алексееваны кытта сү­­бэлэһэн баран, былырыын ойуур баһаарыгар маннык ыстаабы тэрийэн үлэлэппит, номнуо уопутурбут дьону кытта биир сүбэнэн ресурснай кииҥҥэ ыстаабы тэри­йэргэ быһаарбыппыт. Ыстаап тэринэн көмө хому­йар буолуохпутуттан, ону сэргэ быстах байыаннай хомуур кэмигэр төлөпүөммэр 275 тиийэ субуоннуу сылдьыбыттара. Биир ыалтан иккилии-үстүү уолга тиийэ хомуйаннар, ийэлэр барахсаттар аймананнар, сүбэ-ама да ылаары эрийэллэрэ. Туох көмө наадатын этэр буоллахха, таҥас-сап, эмп-томп наада. Баҕалаах дьону көмөҕө ыҥырабыт.

Соҕурууҥҥу уокурукка Саха сирин бэрэстэбиитэлэ наада

– Байыаннай балаһыанньа кэмигэр байыаннай чаастарга сылдьан саллааттары көрсүбүт буолуохтааххын, ханнык кыһалҕалар баалларый?

– Мин быйыл Илиҥҥи уонна Соҕурууҥҥу уокурук байыаннай чаастарыгар  биэстэ сырыттым. Ити биэс сырыы тухары үгүс байыаннай чааһы көрдүм-иһиттим. Ол курдук анал байыаннай эпэрээссийэҕэ барар уолаттары атаарбыппыт. Ол кэнниттэн байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьан кэлбит уолаттары көрсүбүппүт. Итиннэ сылдьан кэлбит уолаттар миэхэ си­­бээскэ тахсан санааларын үллэстэллэр, кэпсэтэллэр этэ.

Манна даҕатан эттэххэ, Уопсастыбаннай палаатаны ахтан ааһыахха наада. Кинилэр хара маҥнайгыттан күүскэ үлэлэһэ сылдьаллар. Николай Бугаев бэйэтэ Соҕурууҥҥу уокурукка хаста даҕаны баран кэллэ, уолаттарга олус туһалаах мал-сал, көмө илдьибитэ. Госпиталларга сылдьан уолаттары көрсөн кэпсэтэн-ипсэтэн санааларын көтөхпүтэ диэн этиэм этэ.  Николай Бугаевтыын биһиги Соҕурууҥҥу уокурукка бэрэстэбиитэл  наада диэн ту­­руорса сатыыбыт. Тоҕо диэтэххэ, урут Чечня сэриитин саҕана Саха сириттэн Осетияҕа Моздокка Саргылаана Птицына дьиэ кэргэнин кытта биһиги оҕолорбутугар элбэхтэ көмөлөспүттэрэ. Онон биһиги урукку уопукка олоҕуран этэрбит оруннаах дии саныыбын.

Түмсүүлээх буолуоҕуҥ!

– Байыаннай хомуурга хапсыбыт уолаттарга тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Ааспыкка биир дойдулаахтар түмсүүлэрин кытта көрсүбүппүт. Онно хас улуус, хас нэһилиэк аайы ба­­йыаннай хомуурга барар уолаттаргытын бэйэҕит тэрийэн атаарыҥ диэн сү­­бэлээбиппит. Аймаммакка, чэпчэкитик, уолаттар санааларын көтөҕөн атаарар хаһан баҕарар ордук диэн этэбит. Саха сириттэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 64 тыһыынчаттан тахса киһини атааран турардаахпыт. Онон оҕолорбут этэҥҥэ сылдьан кэлиэхтэрэ диэн Саха сирин ийэлэрэ киэҥ көҕүстээх, кытаанах санаалаах буолуохтаахпыт.

Арассыыйа үрдүнэн үс оҕолоохтор элбэх оҕолоохтор ахсааннарыгар киирэллэр. Оттон байыаннай хомуурга түөртэн элбэх оҕолоохтору ылбаттар диэн дьаһал баар. Бу боппуруос­ка дьокутааттарбыт Федот Тумусов уонна Сардаана Авксентьева күүстээхтик үлэлэһэ сылдьаллар. Миигин кытта сибээһи тута олороллор. Онон кинилэргэ Саха сирин саллааттарын ийэлэрин аатыттан махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Маны сэргэ, Владивосток, Москва, Питер куораттар постпредстволара түүннэри-күнүстэри үлэлииллэр. Госпитальга сытар уолаттарбытыгар көмөлөһөллөр.

Түмүкпэр, быстах байыаннай хомуурга барбыт дьоммутугар туһаайан этиэм этэ, саха норуотун аатын түһэн биэрбэккэ, чиэстээхтик сулуус­палаан кыайыы көтөллөнөн этэҥҥэ дойдугутугар эргиллэн кэлэргитигэр баҕарабыт. Саамай сүрүнэ, бэйэ-бэ­­йэҕитин тутуһан, өйөһөн, көмөлөсүһэн сылдьыҥ!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: