Салгыы
Мария Максимова маҥнайгы кэнсиэрин бэлэх уунар

Мария Максимова маҥнайгы кэнсиэрин бэлэх уунар

30.03.2023, 19:00
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Ырыаһыт Мария Максимова диэн кимий? «Туймаада» судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбыл сүгүрүйээччилэрэ, ансаамбыл кэнсиэртэрин кэтээн көрөөччүлэр аҕыйах сылтан бэттэх Мария Максимованы билэн, сэргээн хайыы үйэ биир тапталлаах ырыаһыттарынан билинэллэр.

Кырдьыга да, ансаамбыл кыргыттарыттан барыларыттан кыракый уҥуохтаах, хачаа­йы бэйэлээх эдэркээн киһи хайдах маннык күүстээх лирическэй сопрано куоластааҕый диэн сөҕө саныыгын… Оттон «Күнү олус таптыыбын», «Күн бытархайа», «Таммахтар», «Туруйалар»  уо.д.а. ырыалары  лыҥкынас куолаһынан толоруутун  истэ олорон, этэргэ дылы, таптыыртан харах арахпат… Биир бэйэм, ардыгар ансаамбыл сүрүн солистката, СӨ үтүөлээх артыыската Лина Акимова куолаһыгар уонна толороругар маарынната саныыбын.

Марияны кытары кэпсэтэ олорон, Уус Алдантан төрүттээҕин истээт да, ««Кэнчээри» ансаамбылга сылдьыбытыҥ буолуо?» диэн ыйыппыппын бэйэм да билбэккэ хааллым. Сэһэргэһээччим истиҥ бэйэлээхтик мичээрдээт: «Мин идэбин таларбар «Кэнчээри» ан­­саамбыл олук уурбута», – диэтэ.

Кэскили кэрэһилиир «Кэнчээригэ»

Мария Максимова дьоллоох оҕо сааһа Уус Алдан Курбуһах нэһилиэгин Уус Күөлүгэр уонна Окоемовкатыгар ааспыта. Эбээ­тэ Мастура Гав­рильевна Окоемова Окое­мовкаттан төрүттээҕэ.

Кыысчаан 1-4 кылаастарга Уһун Күөл оскуо­латыгар үөрэммитэ. Аан бас­таан сыанаҕа 5 саастааҕар аҕата Федот Местниковтыын хомустаабыта. Кылыһахтаах куолас­таах кыысчаан  «Алдан, Алдан, эн устууй», «Оккоолойдоон ок­коо­лой» ырыалары ыллаан чугас дьонун үөрдэрэ. Түөрт оҕо­лоох Местниковтар кыргыттара Мария уонна Октя бэркэ табыллан ыллыыллара. Хомустуур, ыллыыр Марияны ийэтин бииргэ төрөөбүт эдьии­йэ Маргарита Петровна таба көрөн, Уус Алдан киинигэр Бороҕоҥҥо «Кэнчээри» ансаам­былга киллэрэн көрдөрөргө сүбэлээбитэ. Онон, 1997 сыллаахха 4-с кылааһы бүтэрбит кыыһы Бороҕоҥҥо илдьэ киирбиттэрэ. Ансаамбыл салайааччыта Василий Степанович Парников атын нэһилиэктэн кэлбит оҕону истэн баран сөбүлээбитэ уонна ансаамбылыгар ылбыта. Кыысчаан Саха сиригэр, өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр аата-суола биллибит  ансаамбылга киирбит киһи быһыытынан, этии киллэрбит эдьии­йигэр олорон үөрэнэн, биир сыл биллибэккэ ааспыта. Ол эрээри, дьиэтин, төрөппүттэрин ахтан киэһэ аайы ытыыра. Сайын дьиэтигэр тахса сылдьан, аны үөрэнэ барбатын, дьиэтигэр хааларын туһунан этэн төрөппүттэрин ай­­маан турар. Төрөппүттэрэ кыыстарын инники дьылҕатын са­­наан, эһиилигэр Бороҕоҥҥо көһөн кэлбиттэрэ. Мария аҕата Федот Егорович Местников мелодист (уонтан тахса биллэр ырыалаах),  хомусчут, ырыа элбэх куонкуруһун лауреата уонна дипломана этэ, эдэр сылдьан хаартыскаҕа түһэриинэн үлүһү­йэрэ. Ийэтэ Мария Петровна уонна бииргэ төрөөбүт эдьии­йэ Октя «Кэнчээригэ» эмиэ дьарыктаммыттара. Октябрина Федотовна билигин Сунтаарга муусука учуутала уонна хаартыскаҕа түһэрэрин сөбүлүүр. Сунтаарга ансаамбыл тэрийэн, элбэх ситиһиилэрдээх.

Мария улахан быраата Сергей Мэдиссиинэ национальнай киинигэр оҕо стоматологиятыгар тиэхиньик-ортодонт, эмиэ хаартыскаҕа түһэриинэн үлүһүйэр, ретро аппарааттаах.

Мария сырдыкка-кэрэҕэ, муусука киэҥ эйгэтигэр уһуйбут учууталынан Василий Степановиһы ааттыыр.

– «Кэнчээрим» миигин элбэххэ үөрэппитэ: өй-санаа өттүнэн сайдыбытым, тулуурдаах, эппиэтинэстээх буоларга үөрэммитим. Түгэнинэн туһанан, «Кэнчээрим» үбүлүөйдээх 50 сылынан истиҥник эҕэр­дэлиибин!» – диэн эҕэрдэтин тириэрдэр.

Лириичэскэй сопраноҕа уһуйуллан

Хайыы үйэ ырыаһыт буоларга бигэтик санаммыт Мария оскуолатын бүтэрэн баран, Дьокуускайга М.Н.Жирков аатынан мусукаалынай кэллиэскэ туттарсан киирбитэ. Манна биир сыл Александр Поликарпович Алексеевка, онтон иккис куурустан Саргылаана Степановна  Павловаҕа үөрэммитэ.

Мария үһүс куурус­ка үөрэнэ сылдьан олоҕун аргыһын, Тааттаттан төрүттээх Александр Максимовы көрсүбүтэ. Александр төрөппүттэрэ эмиэ култуура үлэһиттэрэ этилэр.  Баҕар, икки сүрэх көрсүһэр дьылҕатыгар эбитэ дуу,  педагогичес­кай кэллиэскэ үөрэнэ сылдьыбыт эдэр киһи мусукаалынай кэллиэскэ көһөн кэлбитэ. Ырыа куттаах эдэр дьон ик­­киэн үөрэхтэрин тэҥҥэ бүтэрэн, аны иккиэн Култуура уонна ускуус­туба Арктикатааҕы институтугар үөрэнэ киирбиттэрэ. Институкка Валентина Ивановна Колодезникова, онтон Мария Альбина Михайловна Борисова отделениеларыгар үөрэммиттэрэ. Мария РФ уонна Саха сирин норуодунай артыыската Альбина Борисоваҕа биэс сыл сопраноҕа үөрэнэн, лирии­чэскэй сопрано куоластаах ырыаһыт буолан тахсыбыта.

«Үөрэхпитин 2013 сыллаах­ха бүтэрбиппит. Икки учууталга үөрэнэр үчүгэйдээх эбит. Мусукаалынай кэллиэс­кэ Саргылаана Степановна «тирэххэ» уонна тыынарга үөрэппитэ.  Диапазонум кыра этэ, диапазоммун Альбина Михайловна оҥорбута, фразировканан ыллыырга үөрэппитэ», – диэн учууталларыгар махтала олус улахан.

Ыра санаа туолар айылгылаах

Мария Максимова өссө институкка үөрэнэ сылдьыаҕыттан «Туймаада» ан­­саамбыл ситиһиилэрин кэтээн көрөр, ансаамбылга киирбит киһи диэн кичэм санаа­лаах этэ. Ансаамбылга үлэлии сылдьар Лена Петроваттан кинилэргэ кастинг буоларын-буолбатын туһунан сэмээр ыйыталаһара. Буоларын истээт кыттыбыта уонна, дьолугар,  ылыллар буол­бута.

2011 сыллаахха «Туймаа­даҕа» киирэригэр, ансаамбыл састаабыгар эмиэ уларыйыылар тахсыбыттара, биэс кыыс эбиллибитэ. Эһиилигэр ансаамбылга саҥа киирбит, ырыаһыттар Францияҕа аан дойду но­­руоттарын фольклорун бэстибээлигэр кыттан, омук сиригэр гостуруоллаан  тургутууну, буһуу-хатыы оскуолатын ааспыттара, улахан эппиэтинэһи чиэстээхтик толорбуттара.

Мария ансаамбылга кэлэн кэлэктиибинэн үлэ ымпыгын-чымпыгын аан бас­­таан билсибитэ, ыарахаттар да суох буолбатахтара. Ол гынан баран, Светлана Павловна  курдук салайааччыга түбэһэн, олох уустук түгэннэригэр кини көмөтө, өйөбүлэ куруук баар.

«Светлана Павловна миэ­хэ куруук көмөлөһөрүгэр, өйүүрүгэр олус махтанабын. Репертуарбын барытын оҥорон биэрбитэ. Табан талбакка, оскуолаҕа да сылдьан бэ­­йэбэр сөбө суох ырыалары ыллыыр быһыылааҕым. Уус-уран салайааччыбыт куоласпар сөп түбэһэр ырыалары биэрбэтэҕэ буоллар, боростуой  ырыаларынан муҥурдана сылдьыам эбитэ буолуо. «Туймаадаҕа» үлэлиирбин наһаа сөбүлүүбүн уонна киэн туттабын», – диэн  кэлэктиибин истиҥ тылларынан кэпсиир.

Саха сайдам ыала Максимовтар

Максимовтар 2009 сыл­лаахха  саахсаламмыттара уонна ити сыл маҥнайгы оҕолоро Далан  күн сирин көрбүтэ.

Мария үрдүк үөрэҕин бүтэрэр сылыгар аҕата, онтон утуу-субуу эбээтэ, ийэтэ эмискэ  ыалдьан, күн сириттэн күрэммиттэрэ. Төрөппүттэри сүтэрии курдук ыарахан күннэр-дьыллар олоҕор өссө биир улахан быһаарыныыны ылынарыгар тириэрдибиттэрэ. Ол эбэтэр, төрөппүттэрин кыра оҕолорун, бэйэтиттэн 20 сыл балыс бииргэ төрөөбүт быраа­тын иитэ ылар буолбуттара, уолчаан билигин 10-с кылааска үөрэнэр. Төһө да биир ийэттэн-аҕаттан буолбуттарын иһин, эмискэ улахан оҕолонон хаалыы иккиэн үлэлии сылдьар дьоҥҥо кэккэ ыарахаттар­даах этэ. Ол эрэн, Мария таптал­лаах кэргэнэ, дьиэ кэргэн эрэл­лээх эркинэ Александр хара ааныттан өйөөн-өйдөөн, билигин  улахан уолларыгар саамай чугас киһи – Александр. Онон, Максимовтар – икки уоллаах, биир кыыстаах саха сайдам ыала.

Ыал ийэтэ тарбаҕар талааннаах, минньигэс астаах хаһаайка. Иллэҥ бириэмэтигэр уонна гостуруоллар кэмнэригэр ис­­пииссэнэн баайан, муодунай, кимиэхэ да суох таҥаһы-сабы баайбыта эрэ баар буолар. Аны оҕолоро ийэлэрэ эрэ астыыр туордун ордороллор.

Кэнсиэр иннинэ төрөөбүт дойдуга айан

Муус устар 8 күнүгэр «Туймаада» судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбыл кэрэ, нарын куолаһа, СӨ култууратын туйгуна Мария Максимова «Күнү олус таптыыбын» айар кэнсиэрэ буолуоҕа. Ырыаһыт Камернай саалаҕа ыытыллар бастакы кэнсиэригэр ансаамбыл артыыстара кыттыахтара.

Ханнык баҕарар кэнсиэр туох эрэ фишкалаах, уратылаах буоллаҕына,  көрөөччү өйүгэр-санаатыгар хаалар. «Күнү олус таптыыбын» кэнсиэр эмиэ көрөөччүнү соһутардаах, долгутардаах буолара күүтүллэр. Онон, кистэлэҥи кыратык сэгэтэн ыллахха, Мария бу кэн­­сиэригэр кэргэнэ, Опера уонна балет тыйаатырын хуорун солиһа Александр Максимов кыттар вокальнай-инструментальнай ансаамбылынан аҕатын икки ырыатын ыллаары, бары да олус долгуйаллар.

Мария Максимова «Күнү олус таптыыбын» кэнсиэрин иннинэ кулун тутар 31–муус устар 2 күннэригэр төрөөбүт-үөскээбит улууһун Курбуһах, Бороҕон уонна Сыырдаах сэлиэнньэлэригэр кэнсиэртии бараары  долгуйа сылдьар.

Хаартыска: ааптар тиксэриитэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: