Маска атыллыбыт сылгыны быыһаатылар
Бүлүү улууһун Бороҕонугар бэтэринээрдэр Мария Белолюбская уонна Мария Тимофеева маска атыллан бааһырбыт сылгыга суһал көмөнү оҥордулар диэн Бэтэринээрийэ департамена иһитиннэрэр.
Сылгы хаһаайына М.М. Спиридонов бэтэринээрдэргэ кэпсээбитинэн, бу сылгы атыыртан куотан иһэн, охтубут маска анньыллан, бааһырбыт. Хаҥас өттүгэр ойоҕоһун уҥуоҕун уонна өрөһөтүн икки ардынан, тириитин иһинэн ыраахха диэри улахан мас дьөлө киирбит. Урукку өттүгэр сылгы маска атыллан, өлөр да түгэннэрэ баар буолара.
Бэтэринээрдэр суһаллык кэлэн, маһын эрбээн баран ыллылар, хаанын тохтотон, бааһын мас сыыһыттан ыраастаан, сууйан-сотон баран, хам тигэн кэбистилэр. Иһиини тохтотор укуолу биэрдилэр. Маны тэҥэ, бааһа оһуор диэри хайдах көрөргө-истэргэ сүбэлэри хаһаайыныгар биэрдилэр уонна эмп анаатылар.
Дьөһөгөй оҕото барахсан, төһө да ыарыйдар, быыһыы-өрүһүйэ кэллилэр диэн билэн, хам бааччы туран биэрээхтээтэ. Хата, бааһа халымыр соҕус буолан, хаана улаханнык барбатах, уорганын таарыйар курдук мас иһирдьэ дириҥник өтөн киирбэтэх.
Оттон бэтэринээрдэр — быраастар курдук, бааһырбыт, ыалдьыбыт дьиэ кыылын өрүһүйэ, быыһыы, эмтии кэлэ тураллар, бэйэлэрин үлэлэрин үтүө суобастаахтык толороллор.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: