Массыына атыыта аҕыйаата
Мантан күһүн тимир көлө сыаната хайдах-туох салаллыан сөбө үгүс дьону интэриэһиргэтэр буолуохтаах. Ону билээри, бу күннэргэ Дьокуускай куораттааҕы тимир көлө атыытын ырыынагар тиийэ сырыттыбыт.
Чуумпу
Ырыынакка урукку курдук сэргэхсийии ханан даҕаны суох. Урут баччаларга атыы-кутуу элбэх буолааччы эрээри, биллэн турар, сааскыга тиийээччитэ суох. Билиҥҥи туругунан көрдөххө, атыыга массыына да, атыылаһааччы да аҕыйах. Урукку өттүгэр уулусса таһыгар кытары тахсан уочараттаан турааччылар.
Сыана
Барыбытын сыана интэриэһиргэтэрэ чуолкай. Дьэ хайдах эбитий? Биир тылынан, тимир көлө сыаната лаппа ыараабыт. Урукку сыана буолбатах. Холобур, 2016 сыллааҕы “Тойота Суксид” (сүүрбүтэ 113000 км, таможнята 2019 сылга) 1.250000 солк турар. Биллэн турар, солуона мургун (супер салон).
Аны туран, 2009 сыллааҕы «Тойота Королланы» (сүүрбүтэ 101000 км, таможнята 2014 сылга) 935000 солк харчылаах буоллаххына, баһаалыста, ылан бар диэбиттии ып-ыраастык сууллан килэрийэн-халарыйан кэтэһэн турар. Дьэ бу дьоҕус дэниллэр массыыналар. Итилэртэн арҕастара улаатан иһэр тимир көлөлөр сыаналара быдан ырааппыт, киһи көрүөн да куттанар курдук.
Биллэриилэри да көрдөххө, син биир итинник сыананы кэпсииллэр.
Сотору таможня сыаната үрдүүр
Атыылаһааччытынааҕар атыылааччыта элбэх диэн биир билэр киһим соторутааҕыта эппитин илэ харахпытынан көрөн итэҕэйдибит.
Атыылааччылартан ыйыталастым, сыана мантан күһүн хайдах-туох буолуой диэн. Биир аҕам саастаах атыылааччы маннык быһаарда (биллэр төрүөтүнэн аатын эппэтэ): “Сыана кыра-кыралаан үрдүү турар. Этэллэринэн буоллаҕына, быйыл алтынньы 1 күнүттэн Японияттан киллэрии, ол эбэтэр таможняны аһардыы сыаната үрдүөхтээх. Ортотунан, биһиги харчыбытынан 100 тыһ. солк. үрдүө дииллэр. Билигин кыра массыынаны киллэрии, ортотунан, 1 мөл. солк. курдук”.
Көрөрбүт курдук, аны күһүн, күһүн диир сатаммата буолуо, күһүөрү кыһын диир ордуга дуу, тимир көлө сыаната үрдээри турар эбит. Онон атыылаһыан баҕалаахтар бу күннэргэ, төһө кыалларынан, кытаатыҥ эрэ диибит. Оттон атыылыан баҕалаахтар ол алтынньы хаһан буоларын күүтэллэригэр эрэ тиийэллэр буоллаҕа.
Арассыыйа үрдүнэн
“Ведомости” хаһыакка эспиэрдэр суруйбуттарынан, Арассыыйа үрдүнэн бэс ыйыгар саҥа дьоҕус массыыналар атыылара ааспыт сыл ити кэминээҕэр 1,5 төгүл үрдээбит. Сыыппаранан ытаһалаатахха, 124 394 тэҥнэһэр. От ыйыгар ити 122 900 сыыппараҕа тиийбит. Ол эрээри, бэс ыйдааҕы тустаах ырыынакка атыы-кутуу ыам ыйынааҕыны кытта тэҥнээтэххэ, 2% кыччаабыт. Барыта 127 178 дьоҕус массыына атыыламмыт. Муус устарга 137 0477 тимир көлө батарыллыбыт, ол үрдээһин 7 %-ҥа тэҥнэһэр. Оттон кулун тутарга балачча массыына атыыламмыт, 146 526 ырыынакка батарыллыбыт. Тоҕо манныга өйдөнөр. Сайын миинэргэ тимир көлөнү атыылаһыы хаһан баҕарар үрдүүр.
Санаа
Атыылаһааччы (биллэн төрүөтүнэн аатын этэртэн туттунна):
– Массыына атыылаһаары кэрийбиппит син ыраатта да кыалла илик. Сыана ырааппыт. Кирэдьиит ыллахха эрэ, үчүгэй соҕуһу атыылаһыыһыбыт диэн санааҕа кэллим. Сыллара уруккулар син ама эрээри, туруктара соччото суох. Оттон арыый бэтэрээҥҥилэр сыаналара мөлүйүөн солкуобайы ырааҕынан куоһарар. Ылаары ылан син үчүгэй, сэнэх туруктааҕы ылар ордук этэ. Эмиэ да Владивостокка барыаҕы баҕарыллар да, күн-дьыл бу ыган кэллэ. Атыылаһа охсон күһүҥҥү булка барыллыахтаах этэ. Ол Владивостогунан тэлэһийдэххэ, күн-дьыл ыраатар буоллаҕа (күлэр).
«Тойота-Хариер»
Тимир көлө арааһа элбэх. Бу сырыыга олортон “Тойота Хариер” тимир көлө хайдаҕын-тугун туһунан суруйарга сананныбыт.
Тимир көлөнү атыылыырынан 10-ча сыл кэриҥэ дьарыктаммыт, биир дойдулаахпыт Николай Михайлов бу тимир көлө туһунан кылгастык маннык кэпсээтэ.
«Хариер» үрдүк көлөҕө киирсэр. Инники көлүөһэлэрэ эрэ эрийэр (переднэй) иккилээх уонна икки аҥаардаахха, бары көлүөһэтэ тэҥинэн эргийэр кыахтаах иккилээххэ уонна икки аҥаардаах гибриднэй диэннэргэ арахсаллар. Балартан Саха сиригэр гибриднэй ордук барсар дии саныыбын. Гибриднэй диэн мотуора электрическэй аккумуляторынан уонна бэнсиининэн үлэлиир. Аккумуляторын эниэргийэтэ бүтээри гыннаҕыта, бэнсииҥҥэ көһөр. Ол кэмҥэ аккумуляторын тута иитэн барар. Итини барытын «электроника-мэйиитэ» бэйэтэ оҥорор.
Уматыгы кэмчилээн сиир (100 км 7 лиитирэни сиэн сөп). 50 кыраадыс тымныыга ханнык баҕарар массыына мотуора, ходобуойа айгырыыр ини. Биһиги тымныыга тимир көлө туох да буолбакка сылдьыахтаах дии саныыбыт. Оннук хайдах да буолбат. Арай, кыһын үчүгэйдик үллүйдэххэ уонна сылаас гарааска туруордахха эрэ, өр тулуһар кыахтаах.
“Хариер” үчүгэй кылаастаахтарга киирсэр көлө. Айана олус сымнаҕас, үрдүнэн люктаах. Иккилээх мотуор кини куусабыгар арыый да кыра соҕус. Икки аҥаардаах оруобуна барсар. Билиҥҥи аныгы “Хариер” тас көрүҥэ туох даҕаны оһуобай. “Лексустан” хаалсыбат. Кини бииһин ууһугар киирсэр. Сыаналаах соҕус, билигин гибриднэй 4 мөл. солк. үөһэҕэ атыыланар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: