Мэдиссиинэ эйгэтигэр учуонайдар ситиһиилэрэ
Олунньу 8 күнүгэр Билим күнэ бэлиэтэнэр. Доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр Саха сирин учуонайдара туох ситиһиилээхтэрий?
Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет учуонайдара мэдиссиинэ эйгэтигэр Арассыыйатааҕы «Призвание» наҕарааданы ылбыттара. Кинилэр хаанынан бэриллэр Soph синдром уонна мукополисахаридоз-плюс диэн саҥа ыарыылары арыйыы, ДНК-диагностика ньымаларын олоххо киллэрии иһин наҕараадалары ылбыттара.
ХИФУ исписэлиистэрэ өссө искусственнай быар прототибын оҥордулар. Бу ураты арыйыы быардара ыалдьар дьон олохторун быыһыыр, уһатар кыаҕы биэрэр.
Кэнники сыллар арыйыылара — тымныы көмөтүнэн лютеиновай паастаны оҥоруу. Лютеин тиийбэтэҕинэ, киһи көрөрө мөлтүүр, эбэтэр, букатын да көрбөт буолуон сөп. Онон лютеин харахха олус туһалаах бэссэстибэ буолар.
Оттон Кэлим мэдиссиинэ кыһалҕаларын научнай киинин үлэһитэ Ирина Кононова Москваҕа «Арктек-2023» научнай-инженернэй куонкуруска «Человеческий потенциал Арктики» категорияҕа кыайбыта. Кини киэли (матка) искэнин эрдэ булууга «цервикальнай электрод» ньыматын булбута. Бу ньыма киэҥник киирдэҕинэ, маннык искэнтэн өлүү ахсаана аҕыйыахтаах.
Саха сиригэр Арассыыйаҕа бастакы кинезиологическай чинчийии уонна чэбдигирдэр технология киинэ үлэлиир. Бу киин үлэтин биир хайысхата — тыйыс усулуобуйаҕа дьарыктанар спортсменнар кыахтарын үрдэтии. Бу тэрилтэ бэрэсидьиэн көҕүлээбит «Приоритет 2030» бырайыагын чэрчитинэн аһыллыбыта.
Мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр наука аныгы технологияларын туһаналлар. Уһук Илиҥҥэ бастакы күөҥҥэ сылдьар Өрөспүүбүлүкэтээҕи «ожоговай» кииҥҥэ геннэй инженерия көмөтүнэн дьону быыһыыллар. Холобур, уокка сиэппит дьоҥҥо бэйэтин тириитин ылан, туспа үүннэрэн баран, сыһыараллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: