Мэдиссиинэ Национальнай киинэ уонна Корея быраастара теле-мэдиссиинэҕэ кытыннылар

Share

Алтынньы 20 күнүгэр Дьокуускайга Сүрэх-тымыр киинин ыраахтан сүбэлиир-амалыыр киинигэр Корея Өрөспүүбүлүкэтин Чоннам университетын иһинэн Хвансун балыыһатын быраастара кыттыылаах бастакы теле-мэдиссиинискэй сибээс олохтонно.

Бу тэрээһин 2021 сыллаахха сэтинньигэ ылыллыбыт Мэдиссиинэ национальнай киини кытары хардарыта өйдөһүү туһунан меморандумы олоххо киллэриигэ бастакы бырактыычаскай хардыынан буолла.
Искэн ыарыылаах киһини эмтээһин боппуруостарыгар тэлэ-мэдиссиинэ көмөтүнэн консультацияҕа Мэдиссиинэ национальнай киинин-Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһа генеральнай дириэктэрэ Станислав Николаевич Жирков, СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин штаты таһынан кылаабынай онколога, диспансер химиотерапияҕа отделениетын сэбиэдиссэйэ Феодосия Гаврильевна Иванова уонна Сүрэх-тымыр киинин дириэктэрэ Күндүл Иванович Иванов, онтон Корея өттүттэн бэрэпиэссэр, мэдиссиинэ наукатын доктора, Хвасун балыыһатын искэни эмтиир отделениетын бырааһа Чо Сан Хи кытыннылар. Телеконсультация чэрчитинэн,  эмтэнээччи анаалыстарын түмүгэр уонна салҕыы эмтээһиҥҥэ санааларын үллэһиннилэр. Хвасун балыыһатын кытары теле-мэдиссиинэҕэ маннык быраактыка салҕаныаҕа. Ити, биллэн турар, мэдиссиинискэй көмө хаачыстыбата үрдүүрүгэр көмөлөһүөҕэ.

ЫСПЫРААПКА:

Чоннам университет иһинэн Хвасун балыыһа Корея Кванджу куоратыгар баар. Балыыһа 2004 сыллаахха искэн ыарыылаахтарга анал мэдиссиинискэй көмөнү оҥорорго анаан аһыллыбыта. Балыыһа бары кэриэтэ хайысхаҕа 26 отделениелаах уонна 700 миэстэлээх. Манна үгүс үөрүйэхтээх 1000-тан тахса исписэлиис үлэлиир. Балыыһа ортотунан биир күҥҥэ 2000-тэн тахса киһини көрсөр.
Хвасун үс сыл субуруччу «Аан дойду бастыҥ онкологическай балыыһата» испииһэккэ, Корея Өрөспүүбүлүкэтин 7 бастыҥ онкологическай килииникэтин ахсааныгар киирдэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

3 часа ago