Мэдиссиинискэй көмө ороскуотун туһунан ыспыраапканы тоҕо биэрэллэрий?

Share

Эмтэнээччилэр ыйытыыларыгар Мэдиссиинэ национальнай киинин исписэлиистэрэ хоруйдууллар.

-Үрдүк технологиялаах мэдиссиинискэй көмөнү  ыларга направлениены хантан ылылларый?

-Үрдүк технологиялаах мэдиссиинискэй көмөнөн ким баҕарар туһанар бырааптаах. Арай, мэдиссиинискэй көрдөрүүлээх буолуохтаах. Эмтэнээччи направлениены сытар балыыһаҕа дириҥ чинчийиини  ааспытын кэннэ ылар. Ол кэнниттэн быраастар хамыыһыйалара ыарыһаҕы үрдүк технологиялаах көмө ханнык көрүҥэр ыытарын быһаарар.

-Эмтэммитим кэннэ мэдисиинискэй көмөҕө төһө үп ороскуоттаммытын туһунан ыспыраапка туох ис хоһооннооҕуй?

-Булгуччулаах мэдиссиинискэй  страховка систиэмэтигэр страховкалаах киһиэхэ иһитиннэрии көрүҥэ киллэриллибитэ. Онно киниэхэ оҥоһуллубут мэдиссиинискэй көмө уонна суумата ыйыллар.  Мэдиссиинискэй тэрилтэҕэ эмтэммит киһи кинини эмтииргэ судаарыстыба төһө үбү бараабытын билэр бырааптаах.

Поликлиникаларга  эмтэнии туһунан ыспыраапка бырааска көрдөрбүтүн,  диагностика чинчийиитин ааспытын эбэтэр эмтэммитин   эрэ кэннэ бэриллэр. Өскөтүн эмтэнээччигэ мэдиссиинискэй көмө сытар эбэтэр күнүскү балыыһаҕа оҥоһуллубут буоллаҕына, итинник ыспыраапканы балыыһаттан тахсарыгар ылар. Ыспыраапкаҕа өҥөлөр испииһэктэрэ уонна суумалара суруллар. Эмтэнээччи ыспыраапканы ылартан аккаастаныан сөп, ол мэдиссиинискэй картаҕа суруллар. Ыспыраапка иһитиннэрэр эрэ хабааннаах, атын туох да сыал-сорук суох.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

11 часов ago