Мээндигилэр туруорсуулара үгүс
Бүгүн СӨ ситэриилээх былааһын отчуота Мээндиги нэһилиэгэр буолла. Мээндигилэр успуорт, култуура дьиэтин тутуутун, оскуола өрөмүөнүн, сир тиийбэт кыһалҕатын, оскуола бибилэтиэкэтин кинигэҕэ пуондатын хаҥатыы, төлөпүөн түөкүттэрин, уо.д.а. боппуруостары туруорсаллар.
Оскуола бибилэтиэкэрэ: «Ааҕар пуондабыт наһаа мөлтөх. Уус-уран ааҕар литэрэтиирэҕэ уонна сурутууга букатын харчы көрүллүбэт. Оҕолор аныгы кинигэлэри ааҕыахтарын, көрүөхтэрин баҕараллар. Өрөспүүбүлүкэ үгүс оскуолата аныгы кинигэни ылан биэрэр кыаҕа суох.
Оскуолабыт 1989 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Ол кэнниттэн үчүгэй өрөмүөн бара илик. Улахан оҕом 35 сааһа буолла. Ол тухары оҕолор сонноох олорон үөрэнэллэр, усулуобуйа суох, дизайна даҕаны эргэрдэ. Атын оскуолалары көрөн наһаа ымсыыраллар. Кыра нэһилиэктэргэ хас оскуола, уһуйаан тутулунна? Биһиэхэ тоҕо оннук кыаллыбат?»- диэн хас биирдии отчуокка кэлбит киһи, бэл, кыһалҕаны хараҕар ойуулаан көрөр гына тириэртэ.
Сергей Местников былырыын, уопсайа, 13 оскуола тутуллан үлэҕэ киирбитин иһитиннэрдэ. «Оскуола-саад бырайыактара бааллар, Амма улууһугар эмиэ киирбитэ. Кыра нэһилиэккэ тутуллуо суохтаах диэн суох. Төттөрүтүн, биһиги тыа сиригэр кыратыттан, улаханыттан тутулуга суох үөрэх эйгэтэ баар буолуохтаах диибит. Оннук үлэни ыыппатахпытына ыччаттарбыт киин сиргэ киирэ туруохтара. Хомойуох иһин, билигин элбэх оҕо куоракка көһө турар, ол түмүгэр оскуолалар иккилии симиэнэнэн үлэлии олороллор. Онон биһиги оскуола-уһуйааннары тутуу үлэтин салгыыбыт. Бырайыага, докумуона баар буолуохтаах. Үбүлээһини көрүүгэ араас бырагыраамалар бааллар.
Эһиги оскуолаҕыт 1989 сыллаах тутуу. Оскуолалары хапытаалынайдык өрөмүөннээһин 2022 сылтан саҥа саҕаланна. Ол түмүгүнэн былырыын өрөспүүбүлүкэ 57 оскуолата өрөмүөннэннэ. Болугурдар 2022 сыллаахха өрөмүөн ыыппыттар, саҥа оскуолаттан итэҕэһэ суох буолбут. Өскөтүн эһиги бырайыактыыр докумуоҥҥутун оҥоро сылдьар эбит буоллаххытына оҥорон түмүктүү охсуҥ. Федеральнай үөрэх министиэристибэтэ сыл устата эбии сайаапканы хомуйааччы. 2024 сыл иккис аҥарыгар, үп -харчы иннэ-кэннэ билиннэҕинэ эбии сайаапка хомуйааччы. Онно эһиги Үөрэх министиэристибэтигэр сайаапка ыытан хабылла сатыаххытын наада» — диэн быһаарда.
Манна даҕатан эттэххэ, кинигэнэн хааччыйыыны өнньүөстэр эмиэ туруорсубуттара, оннооҕор үлэһиттэр бэйэлэрэ харчынан кыттыһан атыыласпыттарын иһитиннэрбиттэрэ. «Кэнники кэмҥэ итинник боппуруос турар буолла. Урут хааччыйаллар этэ. Ол гынан баран тохтоон хаалбыт төрүөтэ диэн «Айар» кинигэ кыһата коммерческай тэрилтэ буолан кинигэтин атыыга таһаарыахтаах диэн быһаарыы тахсыбыт. Былырыыҥҥыттан итиннэ уларытыы киллэрэн тыа сирин нэһилиэгин бибилэтиэкэлэрин (оскуола буолбатах) саҥа тахсар кинигэлэринэн хааччыйыы боппуруоһун сөргүттүбүт. 2023 сыл түмүгүнэн, уопсайа, 502 нэһилиэк 57 араас литэрэтиирэнэн хааччылынна. Оттон ити оскуола бибилэтиэкэтигэр тирээбит кыһалҕаҕытын хайаан даҕаны быһаарыахпытын наада. Үөрэх министиэристибэтигэр сорудах биэрэн, төһө үп-харчы ирдэниллэрин билэн баран олоххо киллэрэ сатыахпыт», — диэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы эттэ.
Нэһилиэк олохтооҕо: «Оскуола оҕолоругар физкультура уруога бу кулуупка, биһиги дьиэбит эрэ саҕа саалаҕа буолар. Бу саалаҕа кэлэн тугу дьарыктаналлара буолла. Кэлин успуорка көрдөрүү лаппа түстэ», — диэн успуорт саала тутуутун боппуруоһун өссө төгүл көтөхтө. Тустаах ыйытыыга Сергей Васильевич маннык хоруйдаата: «Үөрэх миниистирэ Нюргуна Соколова эмиэ Амма улууһугар отчуокка кэлбитэ. Кини мэктиэлээһининэн эһиги ҥэһилиэккитигэр быйыл модульнай успуорт саала тутуллан киириэҕэ. Былырыын оннук модульнай үс сааланы үлэҕэ киллэрдибит. Ол дьоҕус уонна түргэн. Баараҕай тутуу буолбатах, бырайыактыыр докумуон ирдэммэт. Алдаҥҥа биир, Дьокуускай куоракка икки сааланы туттубут. Сааскыттан саҕалаан күһүҥҥэ диэри түмүктээбиппит. Онон Мээндиги нэһилиэгэ ол бырайыакка хабыллыбыт буоллаҕына, эһиил баччаларга эһиги ол модульнай саалаҕытыгар дьарыктана олорор буолуохтааххыт», — диэн олохтоохтору үөртэ.
Уопсайынан, олохтоохтор Бырабыыталыстыба ааспыт сыллааҕы үлэтин биһирииллэрин биллэрэллэр.
Түмүккэ ойуччу тутан Мээндиги биир холобурун сырдатан ааһар оруннаах. Нэһилиэккэ кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон кырдьан эрэр итиэннэ бүддьүөт тэрилтэтин үлэһиттэрэ ынах көрөр кыахтара суох буолан, нэһилиэк бэйэтэ «социальнай хотон» диэн бырагырааманы толкуйдаабыт. Нэһилиэк кыаҕынан икки сыл курдук туппуттар, быйыл түмүктэнэр диэн нэһилиэк баһылыга этэр. Эһиилгиттэн сөптөөх үлэһити булан үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар. Улууска бастакы холонон көрүү, үлэлээн истэхпитинэ көрүөхпүт диэн нэһилиэк баһылыга иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: