Мэйии үлэтигэр эти-сиини эрчийии үчүгэйдик дьайар

Share

Успуордунан дьарыктаныы киһи доруобуйатын тупсарарын бары билэбит. Чуолаан, эти-сиини эрчийии мэйии үлэтигэр, өй-санаа сайдарыгар дьайар.

Өссө ааспыт үйэ 70‑с сылларыгар учуонайдар биир дьиктини арыйбыттара. Иллинойс штатын биир оскуолатыгар үөрэх уонна үөрэнээччилэр доруобуйаларын орто көрдөрүүтэ, атын оскуолаларга тэҥнээтэххэ, олус үрдүк буолбут. Учуонайдар бу үөрэх тэрилтэтигэр эти-сиини чэбдигирдэр дьарыктары атын сүрүн уруоктар иннилэринэ ыыталларын, ол иһин үөрэххэ ситиһии үрдүгүн быһаарбыттар. Ол курдук, чинчийээччилэр эти-сиини эрчийии мэйии үлэтигэр үчүгэйдик дьайарын бигэргэппиттэр.

Ханнык баҕарар хамсаныыттан, ол иһигэр успуордунан дьарыктаныыттан, организмҥа араас уларыйыылар тахсаллар. Киһи этин-сиинин эрчийиинэн күүскэ дьарыктанар буоллаҕына, мэйии түргэнник уонна туһалаахтык үлэлиир.

Киһи настарыанньата көтөҕүллэр, ылсыбыт дьыалатын бүтэрэ охсорго дьулуһар, өйүн-санаатын биир чопчу сорукка түмэр. Ону таһынан эти-сиини чэбдигирдии стреһи  уонна депрессияны утары охсуһарга көмөлөһөр. Тоҕо диэтэххэ, эти-сиини чэбдигирдии сыалы-соругу ситиһэр уонна дьоһуннаах дьыаланан дьарыктанар баҕаны «атахтыыр» кортизол диэн гормону өлөрөр. Биллэрин курдук, ньиэрбэ килиэккэлэрэ, атын килиэккэлэр курдук, эмиэ чөлүгэр түһэллэр. Онон эти-сиини чэбдигирдии ньиэрбэ систиэмэтигэр саҥа килиэккэлэр туһалаахтык киирэн биэрэллэригэр көмөлөһөр, мэйии когнитивнай функциялара тупсаллар.

Эти-сиини ноҕуруускалааһын ханнык көрүҥнэрэ киһи өйүн-санаатын сайыннарарыгар көмөлөһөллөрүй?

Бастатан туран, гимнастика, тыыныы гимнастиката, хаамыы, харбааһын, йога, футбол, тиэннис, волейбол уо. д.а.

Гимнастика бүттүүн организмҥа хаан эргиирин тупсарарынан туһалаах, онон мэйии аһыырын күүһүрдэр. Онтон тыыныы гимнастиката киһи өр өйдүүр дьоҕуругар дьайар, мэйиини кислородунан хааччыйыы көмөтүнэн тупсарар. Сибиэһэй салгыҥҥа хаамыы килиэккэлэргэ сөптөөх ахсааннаах кислород киирэригэр көмөлөһөр.
Быччыҥы барытын үлэлэтэр харбааһын мэйии хаанынан хааччылларыгар үчүгэйдик дьайар.

Оттон йоганан дьарыктаныы киһи мэйиитигэр түөрт хайысхаҕа дьайар:

— йога килиэккэлэри кислородунан толорор;
— нейрон холбоһуулара элбииригэр көмөлөһөр;
— өйү-санааны уоскутар;
— курдаттыы таайар дьоҕуру сайыннарар.

Оттон үҥкүүгэ быччыҥнар бары үлэлииллэр, ону таһынан эти-сиини тупсарарга уонна салайарга дьайаллар. Үҥкүү кэмигэр мэйии ноҕуруускаларга тулуурдаах буолар, сөптөөх кислороду ылар. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, үҥкүү деменция сайдар кутталын намтатар.

Манна сыһыаран эттэххэ, хабылык уонна хаамыска курдук сахалыы остуол оонньуулара мэйии үлэтигэр олус үчүгэйдик дьайаллар.

Ити курдук, эти-сиини чэбдигирдиинэн көхтөөхтүк дьарыктаныы хас биирдии аныгы киһиэхэ олус суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, киһи этэ-сиинэ эрэ буолбакка, мэйии үлэтэ эмиэ сайдар.

Мария АНТОНОВА, социальнай педагог, эмтиир-физкултуура кэбиниэтин инструктора

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

10 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

13 часов ago