Мэҥэ Хаҥалас улууһун ньирэйэ — «Симэммит Мааныкай» кыайыылааҕа

Share

Чурапчы улууһун А.С. Бродников аатынан Төлөйдөөҕү «Аартык» норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ   «Симэммит Мааныкай» диэн ынах сүөһү хаартысканан куонкуруһун  ыыппыттарын туһунан суруйан турабыт.

Биллэн турар, ким ынаҕа кыайыылаах тахсыбытын билиэн баҕалаах үгүһэ чахчы.

Норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Максим Смирников иһитиннэрбитинэн, 25 кыттааччыттан  «Симэммит Мааныкай» кыайыылааҕынан  Мэҥэ Хаҥалас  улууһун Чыамайыкытын олохтооҕо Степанида Иванова түһэрэн ыыппыт «Сир симэҕэ Мичийэ» хаартыската 1-кы бочуоттаах миэстэҕэ тиксэн, «Муҥутуур кыайыылааҕынан» буолла.

5 ыйдаах саха боруодата уонна герефорд боруода булкаас ньирэй «бааһынай» диэх курдук, төрөлкөйө, кырасаабыссата, дьэ, кырдьык, кини эрэ. Арааһа, аата Мичийэ диэн буолан сир симэҕинэн ааттаммыт быһыылаах. Киһи эрэ «Симэммит Мааныкай» диэх курдук! Онон Чыамайыкы Мичийэтэ бастыан бастаан, хаһаайкатыгар 40 л үүт туттарар бөтүөнү бэлэхтээтэ.

Оттон Таатта Ытык Күөлүн олохтооҕо  Василий Захаров Сардаана ынаҕын хаартыската сэтинньи 18 күнүнээҕи 00:00 чаас түмүгүнэн 1210 биһирэбили (лайк) ылла. Бу көрөөччү бастыҥ биһирэбилэ.

Норуокка биһирэммит куонкурус үһүс төгүлүн  ыытыллар. Хаартысканан куонкурус сэтинньи 4 күнүттэн сэтинньи 18 күнүгэр диэри ыытылынна.

Ыраахтан чугастан үгүс киһи «Мааныкайын» хаартыскатын ыытан, куйаар ситиминэн куонкуруска  бэрт көхтөөхтүк кытыннылар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

5 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

6 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

6 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

7 часов ago