Салгыы
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ытык Сүбэтэ — арыгылааһыны утары

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ытык Сүбэтэ — арыгылааһыны утары

10.11.2022, 09:23
Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээҕэр оройуоннааҕы муниципалитет дьиэтигэр  Ытык Сүбэ түмсүү бастакы тэрээһин мунньаҕа буолла.

Тэрээһин туһунан улуустааҕы Ытык Сүбэ салайааччыта Зиновий Игнатьев сырдатар:

Мунньахха Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын социальнай  хайысхаларга көмөлөһөөччүтэ Альбина Григорьева кыттыыны ылла. Ытык Сүбэ чилиэннэригэр анал  дастабырыанньалары туттардыбыт.

Мунньах бэбиэскэтигэр сүрүн боппуруоһунан арыгылааһыны утары охсуһуу боппуруоһа көрүлүннэ. Кистэл буолбатах, Аллараа Бэстээх уонна Майа хас да оройуон дьоно ааһар сирдэрэ буолан, аһыы ас атыытын хонтуруола кэм ирдэбилинэн буолла. Улуус баһылыга Дмитрий  Тихонов бырааһынньыктары арыгыта суох  тэрийэргэ, элбэх киһи мустар тэрээһиннэригэр арыгыны  бобор туһунан дьаһала тахсыбыта. Бу докумуон олоххо киириитин Ытык Сүбэ бастакынан өйөөн, тэрээһин мунньахпытын бу сытыы боппуруостан саҕалаатыбыт.

Ытык Сүбэҕэ улуус хас биирдии нэһилиэгин хабан, СӨ Уопсатыбаннай палаататын чилиэннэрин эбэн, Саха Кэнгириэс чилиэннэрин кытыннаран, барыта  41 чилиэннээхпит,  9 сүбэһиттээхпит. Бу улуус баһылыгар улахан күүһүнэн буолар уопсастыбанньыктар Ытык Сүбэлэригэр бэйэлэрин нэһилиэктэригэр баһылыктаабыт, дьокутааттаабыт, улуус дьаһалтатыгар үлэлээбит, тыа хаһаайыстыбатын, спорт, үөрэҕирии, култуура уо. д. а. хайысхаларын бэтэрээннэрэ бааллар. 

Бастакы тэрээһин мунньахха үгүс этии киирдэ. Онон Мэҥэ Хаҥалас улууһун сайдыытыгар мэһэйдиир арыгылааһыны утары үлэ былааннаахтык ыытыллан,  олохтоох муниципальнай былааска күүстээх өйөбүл буолуо диэн бигэ санаалаахпыт. 

Ити курдук, Мэҥэ Хаҥалас уопсастыбанньыктара  бэрт наадалаах уонна суолталаах дьыалаҕа ылыстылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: