Салгыы
Мэҥэ Хаҥаласка биир саастаах оҕо лиитийдээх батарейканы ыйыстыбыт

Мэҥэ Хаҥаласка биир саастаах оҕо лиитийдээх батарейканы ыйыстыбыт

Ааптар:
14.09.2024, 19:10
Хаартыска: Саина Титова, СИА.
Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар биир саастаах оҕо лиитийдээх батарейканы ыйыстыбыт, ону алтыс күнүгэр биирдэ хостообуттар. Бу туһунан СИА суруйар.

Оҕо аһаабат буолбутугар уонна этин-сиинин температурата тахсыбытыгар төрөппүттэрэ бырааһы ыҥырбыттар. Батарейка оҕо куолайыгар иҥнибит, онон уорганын сиэн бааһыран тахсыбыт. Бу туһунан СИА-ҕа Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1-кы №-дээх балыыһа — Мэдиссиинэ национальнай киинин Педиатрическай киинин оҕо хирургическай салаатын сэбиэдиссэйэ Антон Тарасов иһитиннэрбит.

Быраастар оҕо тииһэ тахса сатыыр буолан этэ-сиинэ температураламмыт дии санаабыттар. Онтон төрөппүттэр иккистээн Мэҥэ Хаҥаластааҕы балыыһаҕа кэлбиттэригэр дьэ биирдэ оҕо иһигэр туох эрэ атын эттик баар диэн сэрэйбиттэр. Оҕону балаҕан ыйын 13 күнүгэр Дьокуускайга эпэрээссийэлии аҕалбыттар.

«Билигин оҕо реанимацияҕа сытар, туруга ыарахан. Батарейкаттан куолайа сиэниллибит, испит. Маннык батарейка киһи иһигэр аҕыйах чаас да сырыттаҕына улахан дьайыыны оҥорор», — диэн сэбиэдиссэй Антон Тарасов иһитиннэрбит.

Быраастар этэллэринэн, балаҕан ыйыгар оҕолор батарейканы ыйыстыыларын номнуо үһүс түбэлтэтэ буолбут. Бу иннинэ икки оҕо госпитализациялана сылдьыбыт. Кинилэр билигин гастроэнтерологическай салааҕа эмтэнэллэр.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
1
+1
41
+1
2
+1
8
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: