Мэҥэ Хаҥаласка сылааһы балаҕан ыйын 9 күнүттэн холбуохтара

Share

Саха сиригэр оттук сезона Аллайыаха улууһуттан саҕаламмыта. Ити атырдьах ыйын 8 күнүгэр этэ. Аны билигин атын улуустарга хочуолунайдар үлэлэрин саҕалаары бэлэмнэр.

Ол курдук, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар балаҕан ыйын 9 күнүттэн сылааһы холбуохтара. Улууска 61 хочуолунай баар. Итилэртэн 38 хочуолунай – айылҕа гааһынан, 23 – таас чоҕунан үлэлииллэр. Ититэр ситим уһуна – 120 км.

Хас нэһилиэк аайы социальнай эбийиэктэри, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри, кэтэх да ыаллары “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиала хааччыйар (дириэктэр И.Э.Яковлев).

Филиал былаан быһыытынан өрөмүөн үлэтин бэркэ тэрийэн ыытта.

Хаартыскалары: И.Яковлев тиксэрдэ.

Ону тэҥэ “СӨ ОДьКХ” ГУП инвест бырагырааматыгар олоҕуран, Моорук Суолатыгар модульнай гаас хочуолунай (бэдэрээтчит -«МИП» Сахаэнергоэффект») тутулла турар. Бөкөҕө эмиэ гааһынан үлэлиир хочуолунайы “Траст” ХЭТ бэдэрээтчит тута сылдьар, билиҥҥи туругунан, 80 бырыһыан бэлэм буолбут. Дойдуунускай нэһилиэгэр таас чоҕунан оттуллар хочуолунайы туталлар  (бэдэрээтчит — “Техсервис” ХЭТ).   Бу хочуолунайдар быйыл үлэҕэ киириэхтээхтэр.

Онон филиал салалтата бэдэрээтчиттэри кытта ыкса үлэлэһэр. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн хомунаалынай хаһаайыстыба бары үлэһиттэрэ үлэҕэ тахсыахтара. Уонна, үөһээ этэн аһарбыппыт курдук, балаҕан ыйын 9 күнүттэн улууска сылааһы холбуохтара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн -18-23°С кыраадыс буолуоҕа

Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр сорох сиринэн хаар түһүөҕэ. Соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа уонна…

19 минут ago
  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

12 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

13 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

13 часов ago