Мэҥэ Хаҥаластар гиирэҕэ күрэхтэстилэр
Бу күннэргэ “Мэҥэ Хаҥалас улууһун бэтэрээн-маастардарын уонна Гиирэ успуордун федерациятын бирииһигэр” гиирэ успуордугар биирдиилээн-хамаанданан чөмпүйэнээт ыытылынна. Онно бөлөхтөрүнэн арахсан, нэһилиэктэр күүстээх гиревиктара күрэхтэстилэр.
Ол курдук, күрэхтэһиигэ 13 нэһилиэк спортсменнара кытыннылар. Тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн бастакы бөлөххө Хара нэһилиэгэ бастаата. Иккискэ – майалар, үһүскэ – хаптаҕайдар.
Иккис бөлөххө гиря анньыытыгар бэдьимэлэр кыайыы өрөгөйүн биллилэр. Нуораҕана иккис, Балыктаах үһүс миэстэ буоллулар.
Үһүс бөлөххө улуус кытыы нэһилиэгин – Чыамайыкы спортсменнара бастаатылар. Кинилэр кэннилэриттэн Мэлдьэхси иккис, Моорук үһүс миэстэҕэ тахсан, үөрүү баҕө буоллулар.
Бу күрэхтэһиигэ хомунаалынай хаһаайыстыба үлэһитэ, булчут, биһиги хаһыаппыт дьоруойа Иннокентий Неустроев оройоун чөмпүйүөнэ буолла. “Тыаҕа сибиэһэй салгыҥҥа сылдьарым туһалаата быһыылаах. Кэргэмминиин иккиэн кытынныбыт”, — диэтэ.
Хаартыска уонна видео: И. Неустроев тиксэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: