Мэҥэтээҕи «Манчаары ыччаттара» — сонун сүүрээн

Share

Мэҥэ Хаҥалас улууһунааҕы социальнай бэлиитикэ салаатын «Манчаары ыччаттара» үлэ этэрээтин сонун бырайыага олоххо киирдэ.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, «манчаарылар» соҕотох олорор аҕам саастаах дьоҥҥо, байыаннай дьайыыга сылдьар ыччаттар дьиэ кэргэттэригэр уонна тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтииптэригэр көмөлөһөллөр.

Р.И. Брызгалов аатынан Тырааныспар тиэхиньикумун устудьуоннара уонна 1-кы Тыыллыма нэһилиэгин ыччаттара этэрээт тэринэн, тыыл бэтэрээнэ Май Поповка дьиэтин таһын хомуйдулар.

Сэрии сылларын оҕотугар Елена Павловаҕа дьиэ таһын, оҕуруот үүннэрэр сирин ыраастааһыҥҥа көмөлөстүлэр.

Үлэ бэтэрээнэ  Варвара Яковлеваҕа маһын хайытан, саһааннаан биэрдилэр.

Субуотунньук кэннэ нэһилиэк ыччатын исписэлииһэ Мария Федорова көрдөөх эстэпиэтэ тэрийэн, ыччаттары күрэхтэһиннэрдэ. 1-кы Тыыллыма нэһилиэгин ыччаттара устудьуоннарга торт бэлэх ууннулар, бириэмэни туһалаахтык атааран, үөрэн-көтөн тарҕастылар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр баабырыка 100 мөл. сымыыты ылар былаанын толоруоҕа

Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс түмүктэннэ

Күүтүүлээх-кэтэһиилээх, биэс күн устата барбыт долгутуулаах Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ.…

34 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Кыл Саха» 10 сыллаах дьоро киэһэтигэр «кылыһахтардыын сахалыы кэпсэтэ»

2014 сыллаахха СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранынан,  оччотооҕу миниистир Андрей Борисов өйөөһүнэн, маастардар…

49 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбит

Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрэн, 300 тыһыынча солкуобай кэриҥэ харчытыттан мэлийбит. Дьокуускайга 2 №-дээх…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Чэгиэн-чэбдик буол

Бэйэбитин көрүнүөҕүҥ, доруобуйабытыгар туһалааҕы оҥостуоҕуҥ. Ытыстары бэйэ-бэйэлэригэр аалан сылытыллар уонна сырдык киирбэтин курдук тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр…

1 час ago