Мөҥүрүөн нэһилиэгэр саҥа дьиэ үлэҕэ киирдэ
Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, Мөҥүрүөн нэһилиэгэр «Хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» федеральнай бырагыраама нөҥүө тутуллубут толору хааччыллыылаах, түөрт кыбартыыралаах таас дьиэ үлэҕэ киирэр долгутуулаах дьоро күнэ үүннэ.
Саҥа эбийиэк бар дьон үөрүүтүгэр үгүс сылларга куруук сылаас, сырдык буоларыгар уот оттон, алгыс түһэрии сиэрин-туомун Петр Тихонов толордо.
Бэлиэ күнүнэн оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Андросов, улуус баһылыгын тутуу боппуруостарыгар солбуйааччы Василий Филиппов, тутуу салалтатын начаалынньыга Илья Григорьев, нэһилиэк баһылыга Юрий Александров, “Аурис” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Алексей Колочев эҕэрдэ тылларын эттилэр, саҥа эбийиэк киириитигэр кылааттарын киллэрбит бар дьоҥҥо махтанан туран наҕараадалары туттардылар.
Үөрүүлээх быһыыга-майгыга нэһилиэк баһылыга Юрий Александров түөрт кыбартыыра хаһаайыттарыгар мустубут бар дьон ытыстарын тыаһыгар күлүүстэри туттарда.
Аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир, тупсаҕай оҥоһуулаах, киэҥ-куоҥ, сырдык дьиэни Алексей Колочев салайааччылаах «Аурис» ХЭТ тэрилтэ тутан киллэрдэ. Олохтоохтор Саҥа дьылы саҥа дьиэҕэ көрсө үөрүүлэрэ икки бүк үрдээтэ.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: