Салгыы
Михаил Ан: “Дьиэҕэр кэтэһэллэрин билэриҥ – дьол”

Михаил Ан: “Дьиэҕэр кэтэһэллэрин билэриҥ – дьол”

02.04.2023, 10:55
Хаартыска: М.Ан тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Муус устар бастакы баскыһыанньатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ Аҕа күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнү көрсө муора пехотинеһа, парашютист, учуутал, баһаарынай, быыһааччы, тапталлаах кэргэн, икки уол аҕата Михаил Аны кытары кэпсэтиибитин таһаарабыт. Михаил Васильевич Ан – Саха сирин Быыһыыр сулууспатын Бүлүүтээҕи көрдүүр-быыһыыр этэрээтин начаалынньыга. Кини соторутааҕыта байыаннай дьайыыттан кэлбитэ.

Үөһээ Бүлүүгэ сүүһүнэн кыттааччылаах параадтары тэрийэр.Хаартыска Михаил Ан тус архыыбыттан

Олоҕун дьыалата

Үгүс сэбиэскэй оҕолор курдук, Миисэ мас саанан ытыалаһан, хаарга окуопа хастан, арагаайканан моҕотойдору бултаһан, сэриилэһэн оон­ньоон улааппыта. Арыый улаатан баран, парашютунан ыстанарын, муора флотугар сулууспалыырын ыраланара.

Бу ыра санаата туоларыгар Дүллүкү оскуолатыгар ба­­йыаннай бэлэмнэнии олугун СӨ үтүөлээх учуутала Владимир Николаевич Николаев уурбута. Кини ханнык да кэмҥэ туруулаһан, “Үрүҥ Уолан” диэн аатынан ыытан, байыаннай бэлэмнэнии тиһигин быспатаҕа. Оҕолору парашютунан ыстанарга бэлэмнээн баран, Дьокуускайга илдьэрэ, онно ДОСААФ баазатыгар ыстаналлара. Билигин Михаил Ан суотугар 75-тэ парашютунан ыстаныы баар.

Онон, оскуола эрдэхтэн бэлэмнээх буолан, аармыйаҕа тиийэн, Владивостокка Чуумпу акыйаан флотун муора пехотатыгар түбэһэн, сулууспалаабыта. Десантнай-штурмовой батальон снайперыттан рота старшинатыгар тиийэ үүммүтэ.

– Маннык чааска сулууспалаан баран, уопуппуттан үллэс­тиэхтээхпин, хайаан да оҕолору үөрэтиэхтээхпин диэн сорук туруоруммутум. Аармыйа кэнниттэн үрдэтинэн, СГУ культурологияҕа салаатын кэтэхтэн бүтэрбитим. Үөрэх управлениетыгар салайар, тэрийэр дьоҕурбун таба көрөн, Маҥаас ос­­куолатыгар дириэктэринэн анаабыттара. Онно үс сыл үлэлиирбэр, байыаннай-патрио­тическай иитиини саҕалаабытым. Онтон Дүллүкү оскуо­латыгар кэлэн, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччынан, салгыы Харбалаах оскуолатыгар дириэктэринэн үлэлээбитим. Харбалаахха парашютнай кулууп филиалын тэрийбитим. Элбэх оҕо 3-с разрядтаах парашютист аатын ылбыттара. Улуустааҕы байыаннай-полевой хомуурдары, лааҕырдары тэрийэрбит – 5 күннээх ба­­йыаннай үөрэххэ оҕолор хоно сытан, стройунан хаамарга, ытарга, бэйэни көмүскэнэргэ, о.д.а. үөрэнэллэрэ. Биһиги сорукпут – бу хомуур кэнниттэн оҕолор аармыйаҕа сулуус­палыыртан куттаммат, бэлэмнээх буолалларыгар үөрэтии. Уолаттар “Снежный барс” өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-спортивнай оонньууларга, Пензаҕа “Победа” байыаннай оонньууларга баран, ситиһии­лээхтик кытталлар. Уонтан тахса сыл Кыайыы күнүгэр улуустааҕы параадтары ыытабыт, – диэн кэпсиир.

2007 сыллаахха Михаил Васильевич Үөһээ Бүлүүтээҕи начаалынай оскуола дириэктэринэн анаммыта. Манна кини элбэхтик сүүрэн-көтөн, саҥа оскуола тутулларын ситиспитэ.

Бу кэнниттэн идэтин уларытарга санаммыта. 2012 сыллаахха Тамалакааҥҥа баһаарынай хамаанданы салайбыта. Сыл буолаат, аҕыйах ахсаан­наах баһаарынай чаас тэриллибитэ. Тамалакаан баһаарынай чааһа араас күрэхтэргэ инники күөҥҥэ тахсыбыта.

2015 сылтан Михаил Ан Бүлүүтээҕи көрдүүр-быыһыыр сулууспа этэрээтин сала­йар. Этэрээт 2020 сыллаахха СӨ Быыһыыр сулууспатын салаа­ларыгар бастыҥынан ааттаммыта. Быйыл Михаил Васильевичка “Быыһыыр сулууспа туйгуна” бэлиэни туттардылар. Маны тэҥэ, “СӨ үөрэҕириитин туйгуна” бэлиэ­лээх.

Кыһыҥҥы өттүгэр суолга массыыналара алдьаммыт дьон эрийэллэр, сайын ойуурга муммут дьону көрдүүллэр. “Роскосмос” корпорацияны кытта аракыата тобохторун көрдүүргэ үлэлииллэр. Ойуурга, ууга сылдьан сэрэхтээх буолууга, бастакы көмөнү оҥорууга, ыксаллаах балаһыанньаҕа хайдах дьаһанарга, о.д.а. нэһилиэнньэни үөрэтэллэр.

Хаартыска: М.Ан тиксэриитэ.

Бастакы көрүүттэн таптал

Ол 1997 сыллаахха этэ. Миша Бүлүүтээҕи училищены бүтэрэн, төрөөбүт Дүллүкүтүгэр кэлэн, биир киэһэ кулуупка таансыга барбыта. Арай, кулуупка киирэн истэҕинэ, биир кыыс халтарыйан охтон эрэр эбит. Ону илиититтэн туппут. Кыыс аҕыйах хардыыны оҥороот, эмиэ халтарыйбытын, уол тутан ылбыт.

– Кыысчаан, хайа бу, сору­йан халтарыйаҕын дуу? – диэбитигэр, кыыс өһүргэнэн, арылхай хараҕынан батары көрөн кэбиспитэ. Ол көрүүттэн уол мух-мах барбыта, хайдах эрэ буолбута. Биирдэ өйдөөбүтэ, киниттэн 5 сыл балыс Вика кыыс устудьуоҥка буолан, бу иннигэр турар эбит. Урут эдэр сылдьан, кыра кыргыттары көрө сылдьыа дуо? Билигин дьэ, букатын атын хараҕынан көрбүтэ. Бу киэһэни быһа “эмиэ охтуоҥ” диэн дьээбэлии-дьээбэлии, тоҕо эрэ батыһа сылдьыбыта.

Онтон ыла билсэр, суруйсар буолбуттара. Уол аармыйаҕа барбыта, ол кэмҥэ хас да сылы быһа суруйсубуттара. Истиҥ тыллаах суруктар, эдэр сүрэхтэр туҥуй тапталларын туоһута буолан, өрүстэри, хайалары уҥуор­даан, буостанан кыырайа көппүттэрэ. Бириэмэнэн уонна тэйиччи сылдьыынан тургутугу эдэрдэр дьоһуннук туораабыттара. Аармыйаттан кэлбитин кэннэ, 2001 сыллаахха ыал буолбуттара.

– Ол, чахчы, бастакы көрүүттэн таптал этэ. Үөһэттэн ананан кэлбит, дьиҥнээх таптал буолан, бу 22 сыл устата бииргэ, олох аһыытын-ньулуунун тулуйан, сарын-сарынтан өйөнсөн, өйдөһөн-­өйөһөн, олорон кэллэхпит. Кэргэним Виктория буҕаалтыр идэлээх. Джон уонна Брендон диэн уолаттардаахпыт, – диэн Михаил кэпсиир.

Хаартыска: М.Ан тиксэриитэ.

“Ирдэбиллээх аҕабын”

Михаил Васильевич, оҕолоргун иитиигэ туох быраабылалары тутуһаҕын? Уол оҕону иитии уратылаах дуо?

– Кыыс оҕону ииппэтэх буолан, быһаччы этэр кыаҕым суох. Оттон уолаттары кыра эрдэхтэриттэн батыһыннара сылдьан, бэйэҥ холобургунан иитэҕин. Булка, балык­ка, араас үлэҕэ барытыгар тэҥҥэ илдьэ сылдьаҕын, саанан ытарга, массыына, матасыыкыл ыытарга үөрэтэҕин. Чиэһинэй, эппит тылларыгар турар, дьыалатын тиһэҕэр тиэрдэр, толоругас, үлэһит, бэйэлэрин сатаан көмүскэнэр, эт-­хаан өттүнэн кыанар буолалларын ирдиибин. Сорох табаарыстара, “паапаҕыт куттал­лаах баҕайы киһи” диэбиттэрин да иһин, оҕолорбун таптаан, харыс­таан ииттэҕим дии. Ол эрээри, ирдэбиллээх аҕабын. Буруйданнахтарына, мөҕүллэллэр, ону кэлин син биир өйдүүллэр.

Улахан мөҕүү-этии да наадата суох, оҕолор барытын көрө-истэ, иҥэринэ сылдьаллар: аҕа ийэҕэ сыһыанын, дьону кытары хайдах кэпсэтэрин, булка-балыкка хайдах дьаһанарын… Ийэлэригэр истиҥ сыһыаннаах, таптыыр буоллаххына, кинилэр эмиэ оннук сыһыаннаһаллар, сыллыы, кууһа сылдьаллар, кэлин кэргэннэригэр эмиэ оннук сылаас сыһыаннаах буолаллар.

Оҕону тапталынан иитиэх­хэ, баҕатын толоро сатыахха, элбэхтик сахалыы кэпсэтиэххэ наада. Оҕо барытын өйдүүр. Кэпсэппэтэххэ, бэйэтэ бэйэтигэр бүгэн, кэлин “уҥа-хаҥас халыйыан” сөп. Сөптөөх эрэсиими олохтоон, көмпүүтэргэ оонньуурун хааччахтаан, тутуһарын ирдиэххэ. Барытын бобор, “нотация” ааҕар сыыһа.

Уолаттарым эт-хаан өттүнэн бэлэмнэрэ үчүгэй. Джон муора пехотатын разведкатыгар хантараагынан сулууспалаабыта, аармыйаҕа буокска уонна илиинэн киирсиигэ чөмпү­йүөннээбитэ. Эмиэ быыһыыр сулууспаҕа үлэлээн иһэн, баҕа өттүнэн тылланан, байыаннай дьайыыга барбыта. “Саамай сөпкө ииппиккит, ханна да сырыттарбын суолбун солонор, бэйэбин көрдөрөр, дьону кытары алтыһар кыахтаахпын”, – диэбитэ. Кыра уол 9-с кылааска үөрэнэр, буоксанан дьарыктанар, өрөспүүбүлүкэҕэ бириис­тээх миэстэни ылбыта.

Хаартыска: М.Ан тиксэриитэ.

– Байыаннай дьайыыга уолун ыҥыраннар, кинини көрсөөрү барбыта дииллэр…

– Аан бастаан быстах хомуур саҕаламмытыгар, тута военкомҥа эрийэн, улуус­тан бастакы мобилизационнай лииһи миэхэ биэриэхтээххит диэн эппитим. Аармыйаҕа “черные береты” өйдөбүлүнэн иитиллэн, бачча сыллар тухары элбэх оҕоҕо байыаннай бэлэмнэниини, тыһыынчанан кыттааччылаах параадтары ыытан баран, бастакынан бэйэм барыахтаахпын диэн санаанан салайтарбытым. Дьиҥэ, сааспынан уонна доруо­буйабынан сыыйыллыахпын сөбө, дьиэ кэргэнтэн икки киһи барара эмиэ хааччахтаах этэ. Бу иннинэ атыр­дьах ыйыгар үөспүн ылларбытым, эпэрээссийэлэммитим биир ый эрэ ааспыта.

Балаҕан ыйын 23 күнүгэр хомуллан барбыппыт. 2-3 хонугунан уолум тылланан барбыта. Онон кинини батыспыт диэн сымыйа сурах. Дойдуга куттал суоһаабытыгар, олорон биэрдэххэ, этэргэ дылы, инникитин холуонньа да буолан хаалыахха сөп. Ону хас биирдии киһи өйдүөхтээх. Сорохтор атыннык өйдүүллэр – бу сэрии сыыһа буола турар диэн. Антах сылдьан көрдөххө, нацизм аҕытаассыйата олус күүскэ барбыт этэ, ол куттал­лаах. Билигин түргэнник бүтэрин баҕарабын. Арассыыйа хаһан да кыайтарбатаҕа, онон кыайыы биһиэнэ буоларыгар эрэллээхпин.

Күүтүүлээх көрсүһүүХаартыска: М.Ан тиксэриитэ.

“Кэргэммэр олус махтанабын”

– Биллэн турар, кэргэммэр ыарахан этэ, ол эрээри, уруккуттан да маннык өйдөбүллээхпин билэр буолан, күүстээх санааны ылынан, утарбатаҕа. 6 ый диэн 6 хонук буолбатах. Чааһынай дьиэҕэ эр киһитэ суох олоруу чэпчэки буолбатах. Сүрдээх тымныы кыһын ааста. Хата, кыра уолум баар буолан, этэҥҥэ олордулар.

Бастаан барбыппытыгар төлөбүр диэн суоҕа, онон хаалбыт дьоммутугар ыарахан этэ. “Дьонум хайдах олордулар, аһыыр астаахтар, харчылаахтар дуо?” диэн уолаттар долгуйаллара, ол олус баттыыр. Сэтинньиттэн төлөбүр олохтонон, чэпчээбитэ. Маны тэҥэ, улууспут, тэрилтэбит кинилэр туохха наадыйалларын ыйытан, көмөлөһө олорбуттара. Онон дойдубутугар сөпкө дьаһанан, дьоммутугар өйөбүл-көмө буолалларыттан күүскэр күүс эбиллэр, эрэх-турах сылдьаҕын…

Тапталлаах кэргэним ыал буолуохпутуттан миигин өйдөөн, өйөөн кэллэҕэ. Син биир барар диэн билэр. Хас командировкаҕа, айаҥҥа бардаҕым ахсын, быраа­һынньык остуолун тэрийэн көрсөр. Дьиэҕэ сы­­лаас эйгэни олохтооччу – ийэбит. Таҥаспытын-саппытын бэрийэр, сиргэ-­уокка тэрийэн ыытар. “Эписиэр кэргэнин” курдук, бу сыллар устата миигин батыһан, көһө сырыттахпыт дии. Онно араас уопсай дьиэҕэ түбэһэрбит, кини сууйа, кырааскалыы охсон, тупсаҕай көстүүлээх оҥорорун, киһи дьиэҕэ кэлэн сынньанар усулуобуйатын сатаан тэрийэрин сөҕөбүн. Кэлин дьэ, кыбартыыра ылбыппыт, чааһынай дьиэни туттубуппут.

Эйигин дьиэҕэр кэтэһэллэрин, ахталларын, таптыылларын билэриҥ – дьол. Онон ыарахан кэмҥэ намчы саннын тоһуйарын, сылаас эйгэни олохтуурун, минньигэс аһын-үөлүн, олохпутугар үөрүүлээх, дьоллоох түгэннэрбит иһин кэргэммэр олус махтанабын. Дьиэ кэргэн диэн бигэ тирэх, тыыл, олоххо саамай күндү буоллаҕа.

Хаартыска: М.Ан тиксэриитэ.

“Морпех” хамаандатынан

– Сэриилэһэ сылдьан, киһи уйулҕата, олоххо сыһыана уларыйар дуо?

– Мин уйулҕа да, эт-хаан да өттүнэн бэлэмнээх киһи бардаҕым дии. Үлэбитигэр да экстремальнай балаһыанньалар буолаллара. Биллэн турар, сэриигэ ыарахан, ол эрээри, киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах дии саныыбын.

Куһаҕан түгэннэри өйбүттэн-санаабыттан ылан быраҕан кэбиһэбин, оннук ньымалары билэбин, дьиэҕэ-уокка ону аҕалбаппын. Араас түбэлтэ буолар, буортан өлбүт киһини да хостууруҥ баар… Кытыан уматан, ыраастанан, сиэри-туому тутуһааччыбыт. Киһи ис туругун бэйэтэ салайынар. Куһаҕаны көрбүккүн киэр кыйдаабатаххына, ис-искиттэн сиэн барар, утуйбакка, түһээн, эрэйи көрөҕүн, онон бигэ санаа ылынан, тута суох гыныахха наада.

Взводка 28 этибит, олортон 25-һэ саха (ол иһигэр, улууспуттан 12 уол) уонна Приморье уолаттара. Дьиктитэ диэн, 8 уол Николаев диэн араспаанньалааҕа. “Рота Николаевтарын барыларын муспуккун” диэн, күлэллэрэ. Тута комбаты көрсөн, сахалары бэйэбэр ылабын, туспа взвод тэрийэбин диэн кэпсэппиппэр, сөбүлэспитэ.

Дьиҥэ, муора пехотатыгар барар баҕалаах этим. Быстах хомуур ыксаллаахтык ыытыллан, ол кыаллыбатаҕа. Ол эрээри, кэмсиммэппин, уолаттарбын этэҥҥэ илдьэ сырыттаҕым. Позывнойум “Морпех” диэн этэ. Хамандыырдары, ыстаап начаалынньыктарын кытары штурмҥа кии­риигэ, тактикаҕа бэлэмнэниигэ элбэх мунньахтарга сылдьыбытым. “Чолбон” диэн позывной­даах уол взводу салайан хаалла, кини “Чолбон” бөлөх бас-гитариһа этэ. 2 уол уоппускаҕа кэллилэр.

Биирдэ ротанан кимэн киирэн иһэн, тоһуурга түбэс­пиппит. Ытыалаһан, уолаттары бүөлээн, бүтэһигинэн тахсыбытым. Онно наҕараадаҕа түһэрбиттэрэ. Хаһан кэлэрин билбэппин. Оттон миэхэ саамай улахан наҕараада – кэргэммин кытта кэпсэтэ олордохпуна, уолаттар кэлэн “тыыннаах таһаарбыккар” диэн махтаммыттара.

“Дойдуҥ өйөбүлэ күүс-күдэх эбэр”

– Дойдугуттан тэйэн сырыттаххына, дьонуҥ-сэргэҥ са­­нааҕын көтөҕөллөрө, өйүүллэрэ күүс биэрэр. Онно сылдьан саамай үөрбүтүм – улууспут гуманитарнай көмө ыытан, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин баһылыга Максим Силигиянов бэйэтинэн тепловизордары, түүҥҥү көрөр тэриллэри аҕалан биэрбитэ. Ол кэнниттэн тэрилтэлэр салайааччылара сүбэлэһэн, Москваттан “УАЗ-Патриот” массыынаны ылан ыыппыттара. Бу массыына бааһырбыттары таһарга улаханнык абыраа­быта. СӨ Нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччы­йар кэмитиэти салайааччы Дмитрий Лепчиков кэлэн, квадрокоптердары, тепловизордары, тиэхиньикэни саһыарар сабыылары аҕалбыта.

Саҥа дьылга хас биирдиибитигэр туспа хоруопкалаах бэлэх кэлбитэ – ахтылҕаннаах аспытын амсайан, олус астыммыппыт, үөрбүппүт. Онон Саха сирин бырабыыталыстыбатыгар, улууспут салалтатыгар, бар дьоммор барҕа махталбын тиэрдэбин!

Манна кэлэрбэр истиҥ көрсүһүүнү тэрийбиттэрэ. Дмитрий Лепчиков кэлэн көрсүбүтэ, Ил Дархан аатыттан саха быһаҕын туттарбыта.

– Быстах хомуурга ыҥырыллыбыт дьон ба­­йыаннай дьайыы бүтүөр диэри сылдьыахтаахтар диэн дии…

– Оннук, 6 ый сылдьыбыттарын кэннэ, 14 күннээх уоппуска бэриллэр, онтон төттөрү барыахтаахтар. Мин бүтэн кэлбитим. Улуус баһылыга Владимир Поскачин, өрөспүүбүлүкэ военкома, Бүлүү военкома, элбэх тэрилтэлэр хадатаайыстыба суруйбуттара: бу киһи тыылга эмиэ наадалаах, дьиэ кэргэнтэн 2 киһи сулууспалыы сылдьар диэн. Элбэх докумуон хомуллар, өр соҕус быһаарыллар. Кэлээт, халааҥҥа бэлэмнэнэн, үлэ үөһүгэр түстүм.

Уолбун кытта тохсунньуга көрсүбүппүт. “Өр сырыттыҥ, дьиэҕэр барыаххын, ийэбитигэр көмөлөһүөххүн наада. Мин куруук эйигин хайдах сылдьара буолла диэн санаан тахсабын, долгуйабын”, – диэбитэ. Онон, уопсай быһаарыынан, дьиэҕэ барарга докумуону хомуйуу саҕаламмыта. Ол кэнниттэн үс ый буолан баран, дьиэбэр кэллим. Аны уолум уоппускаҕа кэлэрин кэтэһэбит.

Хоһуйуу

Эн ааккын киэн тутта ааттыыбыт!

Ан Миисэ – уол оҕо, эр бэрдэ!

Үрдүккэ кыырайар мохсоҕол!

Ыытабыт эйиэхэ эҕэрдэ,

Тумуннун эйигин дэҥ-оһол!

Эдэркээн уолаттар эйигин

Эрэнэ кэтииллэр сэриигэ.

Билэбит – көрүөҕүҥ-истиэҕиҥ,

Көмүскүөҥ инники кирбиигэ!

Этэҥҥэ эргиллэн кэлэҥҥин,

Салайыаҥ Кыайыыбыт параадын.

Чөллөркөй куолаһыҥ ньиргийэн,

Иһиллиэ ыраахха дуорайан.

Хотойдор үөһэнэн көтөллөр!

Эн ааккын киэн тутта ааттыыбыт!

Хорсуннар биһиэхэ төрүүллэр!

Үс куттаах бойобуой сахалар!

                                                                                Антонина Хобусарова.

                                                                                    2022 с., Үөһээ Бүлүү.

Блиц-ыйытык

Сөбүлүүр аһыҥ?

– Бэрэски, эт ас.

Сөбүлүүр киинэҥ?

– “Офицеры”.

Сөбүлүүр кинигэҥ?

– Далан “Тыгын Дархана”.

Сөбүлүүр ырыаһытыҥ?

– Денис Майданов, “Любэ”, “Черные береты”.

Сөбүлүүр дьарыгыҥ?

– Булт, балыктааһын, дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа сынньаныы. Бары тахсан сыал ытааччыбыт, кэргэним да бэркэ ытар.

Туохтан үөрэҕин-хомойоҕун?

– Оҕолорум ситиһиилэриттэн кынаттанабын, хомойорум эмиэ кинилэртэн.

Олоххо тутуһар девиһиҥ?

– “Там где мы – там победа!” (морпехтар девизтэрэ).

Хаартыскалар Михаил Ан тус архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: