Михаил Ан илдьитин тиэртэ
Бу күннэргэ саха хоһуун уолаттарын взводтарын хамандыыра Михаил Ан фронтан илдьитин ыытта. Бу туһунан Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэх управлениетын салайааччы Спиридон Борбуев иһитиннэрэр.
— Биһиги этэҥҥэ сылдьабыт, “передовойга” суохпут, ол эрэн чугас баарбыт. Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин баһылыга Максим Силигиянов кэлэн, күүспүтүгэр күүс эптэ, дойдубут киһитэ анаан-минээн кэлбитэ санааҕа олус астык. Кини хараҥаҕа көрөр, сылааһы-итиини араарар (тепловизор) уонна да атын анал тиэхиньикэлэри аҕалан үөртэ. Саха сириттэн илдьэ кэлбит “симкаларбыт” үлэлээбэттэр, онон атын нүөмэрдэри ылынныбыт, — диэн хамандыыр илдьитин тиэрдибит.
Санатар буоллахха, соторутааҕыта Максим Силигиянов фроҥҥа тиийэн, биир дойдулаахтарыгар анал тиэхиникэни, чугас дьоннорун кэһиилэрин илдьэн биэрбитэ, санааларын көтөхпүтэ.
Ыспыраапка: Михаил Васильевич Ан — парашютист, муора пехотинеһа, быыһааччы, учуутал, баһаарынай, булчут, снайпер, байыаннай-патриотическай иитиини көҕүлээччи, элбэх оҕолоох аҕа. Үөһээ Бүлүүтээҕи көрдүүр-быыһыыр этэрээт начаалынньыгынан үлэлээбитэ. Биир дойдулаахтара кинини «Үөһээ Бүлүү оборуонатын миниистирэ» диэн ааттаабыттара. Билигин фроҥҥа саха уолаттарын взводтарын хамандыыра. Үгүс сыратын байыаннай-патриотическай иитиигэ биэрбит уопуттаах салайааччы уолаттары көрө-истэ, араҥаччылыы сылдьар. Олоҕор муора пехотинецтарын девизтэрин тутуһар: «Там, где мы, — там победа!».
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: